Дьокуускай дамбаларын бэрэбиэркэлээтилэр
Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева баһылыгы ОДьКХ салаатыгар солбуйааччы Роман Сорокины уонна да атын эппиэттээх салайааччылары кытта куорат уокуругар баар гидротехническай тутуулар бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээтэ.
Бэрэбиэркэ кэмигэр Шестаковкаҕа уонна Маҕаҥҥа ууну тохтотор быһыты, ону тэҥэ куорат дамбатын көрдүлэр — кинилэр барыта сөптөөх турукка сылдьаллар уонна халаан уутун аһарыыга бэлэмнэр.
«Маны таһынан Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрин биэрэктэрин көрдүбүт, манна хас да сыл халаан уута кутталы үөскэтэр. Кэнники икки сылга кэккэ дьаһаллары ыытан, салгыы алдьаныыны тохтоппуппут. Ол эрээри бу үлэ өссө да ситэтэ суох, биэрэги бөҕөргөтүүнү федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэр сорук туруорунабыт. Халаан кэмигэр бу объектары кэтээн көрүөхпүт", - диэн Сардаана Авксентьева эттэ.
Өлүөнэ өрүс Дьокуускай оройуонугар ыам ыйын 13 күнүгэр аһыллара сабаҕаланар. Быраабалар уонна Олохтоох дьаһалта күүстэринэн быстах кэмҥэ олорор сирдэри суһаллык тэрийэргэ бэлэмнэр диэн баһылык бэлиэтээтэ.