11.08.2022 | 18:00

Дьокуускай бочуоттаах олохтоохторун туһунан быыстапка аһылынна

Бүгүн киин куоракка «За благополучие и процветание родного города…» диэн быыстапка аһылынна. Быыстапка Дьокуускай 390 сылыгар ананар диэн иһитиннэрдэ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Дьокуускай бочуоттаах олохтоохторун туһунан быыстапка аһылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин, куорат баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, куорат уопсастыбаннаһа, бочуоттаах олохтоохторо, архивистара кытыннылар. Владислав Левочкин архыып кэлэктиибигэр сыралаах үлэлэрин иһин махталын биллэрдэ уонна быыстапка үбүлүөйдээх тэрээһиннэр киэргэллэринэн буолуоҕа диэтэ.

«Куораттааҕы уонна Национальнай архыыптарбыт улахан үлэни оҥордулар – Дьокуускай үбүлүөйүн көрсө куорат сайдыытыгар сүдү кылааттарын киллэрбит биллиилээх бочуоттаах олохтоохтор тус быыстапкаларын тэрийдэ», - диэтэ Левочкин уонна Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин аатыттан куорат архыыбыгар Махтал суругу туттарда.

Быыстапкаҕа хаартыскалар, докумуоннар, кинигэлэр тиэмэлэринэн наарданан киэҥ араҥаҕа таҕыстылар. Манна Национальнай архыып революция иннинээҕи пуондатыттан Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтоохторун туһунан докумуоннар уонна хаартыскалар бааллар. Олор ортолоругар – губернатордар К.Н. Светлицкай, И.И. Крафт, куорат баһылыга П.А.Юшманов, меценат-атыыһыт М.Д.Эверстов уо.д.а. олохторун сырдатар матырыйааллар.

Быыстапка балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри Олохтоох дьаһалта 2-с этээһин фойетыгар туруоҕа, аадырыһа: Дьокуускай к., Ленин пр., 15.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....