03.10.2020 | 09:40

ДЬОКУУСКАЙ БАСТЫҤ СКВЕРДЭРЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка сыл ахсын саҥа эбийиэктэр тутуллан, дьон сэҥээриитин ылаллар. Кэнники кэмҥэ киин куоракка элбэх турист, сири-дойдуну үөрэтээччилэр кэлэллэрэ элбээтэ. Бүгүн Туймаада туонатын саамай кэрэхсэбиллээх уонна олохтоохтор таптаан сылдьар сквердэрин сырдатабыт.

ТЫЫЛ БЭТЭРЭЭННЭРИН УОННА СЭРИИ ТУЛААЙАХТАРЫН СКВЕРЭ

Бу сквер 2018 с. “Комфортная городская среда” бырайыагынан уонна киин куорат төрөөбүт күнүгэр арыллыбыта. “Киин” киинэ театрын кэннигэр турар буолан, ааһан иһэр киһи, оҕо, ыччат бары сөбүлээн сынньанан ааһаллар. Сквер ис тутула, идиэйэтэ, оҥоһуута олус тупсаҕай. Ааспыт алдьархайдаах уот сэрии кыттыылаахтарыгар, сэрии оҕолоругар, ис сүрэхтэн этиллэр алгыс тыллар ыйанан тураллар. Өссө саамай кэрэхсэбиллээҕэ диэн, ыскамыайка-хачыаллар бааллар. Бу дизайнер-архитектор Любовь Игнатьева ураты көрүүтүнэн, бырайыагынан олоххо киллэрбитэ.

ЛОНГИНОВ ААТА ҮЙЭЛЭРГЭ ХААЛАР

Аҕыйах хонуктааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээбиппит. Бу күн Сэбиэскэй Сойуус Геройа Владимир Лонгинов аатынан сквер үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааспыта. Сквер Дьокуускай Сайсары уокуругар турар. Мантан ыла дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, сынньанар буолуоҕа.

Санатан эттэххэ, бу эбийиэк Бэтэрээннэр сэбиэттэрин туруорсуутунан тутулунна. Болуоссат иэнэ 400 миэтэрэҕэ тиийэр. Лонгинов бюһа боруонсанан кутуллубут, ааптара – Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Виктор Федоров. Кыайыы 75 сылыгар бу эбийиэк биир саамай киэн туттар тутуута буолла диэн ааҕааччыларбыт үллэстэллэр.

ДЬААМСЫКТАРГА ӨЙДӨБҮННЬҮК

Быйыл күһүн Дьокуускай күнүн көрсө, Залог оройуонугар Краснояров уонна Чернышевскай уулуссалар быһа охсуһууларыгар оҥоһулунна. Саҥа эбийиэккэ былаан быһыытынан аттаах дьаамсык скульптурата, хачыаллар  уонна атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын балаһааккалара оҥоһуллуохтаахтар. Историяны сэгэтэн аастахха, дьаамсыктар баар буоланнар сибээс тохтообокко, тиһигин быспакка тиийиэхтээх сиригэр тиийэрэ, айанньыттар айанныыллара, сонун киэҥник тарҕанара.

ИЙЭҔЭ МАХТАЛ, ТАПТАЛ

Ийэҕэ аналлаах сквер, бука, Дьокуускай куорат биир саамай киэн туттар, биллэр скверэ. Сайсары күөлүн үрдүгэр турар ийэҕэ тапталы, сүгүрүйүүнү кэрэһилиир кэрэ-бэлиэ пааматынньык 2012 с. тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Түөрт кырыылаах трапецияҕа сахалыы симэммит дьахтар оҕотун көтөҕөн турар уонна биир илиитинэн үс мохсоҕолу көтүтэн эрэр – Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин төлүү барар уолаттар уобарастарын бэлиэтиир. Манна үксүн оҕолоох дьиэ кэргэн күүлэйдиир, сынньанар. Сквер куорат кииниттэн арыый тэйиччи турар буолан, куруук ыраас, бөх-сах мустубат. Ытык сирдэрбитин киртитимиэҕиҥ!

УЧУУТАЛ, ЭН ҮРДҮК ААККАР

Туймаада хочотун Ярославскай уулуссатын 32-гэр турар саха норуодунай учуутала Михаил Алексеев аатын сүгэр «Учуутал бульвара»  сквер куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара күннэтэ тоҕуоруһар сирдэригэр кубулуйда. Норуодунай учуутал үрдүк аатыгар-суолугар билиҥҥэ диэри кыраттан саҕалаан аҕам саастаахха тиийэ сүгүрүйэллэр. Кини – саха дьоно үөрэхтээх, үлэлээх, өйдөөх, мындыр толкуйдаах буолалларыгар быһаччы суолталаах киһи. Бульвар киэҥ-куоҥ. Уурбут-туппут курдук ыскамыайкалардаах, хачыаллардаах. Бу барыта Дьокуускай нэһилиэнньэтин олоҕо тупсарыгар, үөрүүтэ үксүүрүгэр ананар.

Сылтан сыл Дьокуускайбыт тупсан, дьон олороругар табыгастаах буолан иһэрин бары кэтээн көрөбүт. Олохпут сайдарыгар, элбэх үлэ ыытылларын туһугар олохтоохтор бары биир санаанан кыһаллыахтаахпыт. Уопсастыбаннай сирдэргэ ыраас, сырдык эйгэ үөскүүрэ биһигиттэн тутулуктаах. Тулабытын тупсарыаххайыҥ, Дьокуускайбыт историятын үөрэтиэххэйиҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....