ДЬОКУУСКАЙ БАСТЫҤ ОРОЙУОННАРА
Киин куораппытыгар сыл ахсын араас моһуоннаах баараҕай тутуулар үлэҕэ киирэллэр. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар Дьокуускай куорат бастыҥ, дьон олороругар табыгастаах оройуоннарын таһаарабыт.
Биһиги рейтиммит ааҕааччыны кытта сөпсөспөт буолуон сөп!
203-с МИКРООРОЙУОН
Биир саамай сырыылаах, киэҥ, элбэх дьонноох оройуоҥҥа кубулуйда. Дьиэлэр үрдүк мэндиэмэннээхтэр. Сыбаайата суох дьиэ манна олус элбэх. Ирбэт тоҥ үрдүгэр олоробут эрээри, биһиэхэ да сыбаайата суох дьиэлэр тутуллаллар эбит. Манна, сүнньүнэн, эдэр ыаллар олороллор. Киһи олороругар туох баар усулуобуйа барыта тэриллэн турар. Саҥа оскуола, оҕо уһуйаана, Смарт-библиотека кытта баар. Куорат кииниттэн чугас буолан, сатыы сылдьарга бэртээхэй. Ол эрээри... аҕыйах сыллааҕыта саҥа оройуоммут үлэҕэ киирэрин саҕана дьиэлэр ууга былдьаныахтарын сөп диэбиттэрэ...
ДСК ЭРГИН
Бу эҥээр сайдыы балысханнык бара турар. Куорат бу диэки тутуллар диэтэхпинэ, бука сыыспаппын. Аҕыйах сыл иһигэр дьиэ бөҕө дьэндэйдэ, суол-иис, инфраструктура лаппа тубуста. Киһи олорор усулуобуйата барыта баар. Манна үксүн элбэх оҕолоох ыаллар олороллор.
ПРОМЕТЕЙ
Кэнники кэмҥэ Автодорожнай уокурукка бастакы миэстэни быһаччы саҥа тутуулар ылаллар. Дьиэлэр 16-лыы этээскэ тиийэ буолаллар. Олохтоохтор этэллэринэн, киһи олороругар сөрү-сөп үһү. Дьиэлэр тас көстүүлэрэ, ис моһуоннара кытта уурбут-туппут курдук тупсаҕай. Манна сайыннары үлэлиир ыллыыр фонтан, оҕо балаһаакката баар. Саҥа дьиэлэр үлэҕэ киирэннэр, уокурук суоллара лаппа тубуста. Бэлиэтээн эттэххэ, манна саха дьонун ахсаана баһыйар.
САЙСАРЫ
Манна саамай эргэ дьиэлэр “Ёлочкаҕа” тураллар. Уокуругу киһи туох да диэбэт, икки сыл иһигэр саҥа дьиэ бөҕө киирдэ. Дьон, нэһилиэнньэ култуурата быдан үрдүк кэрдиискэ таҕыста. Камера элбээн, хонтуруол күүһүрэн, урукку сыллары кытта тэҥнээтээххэ, быдан атын оройуоҥҥа кубулуйда.
СЫННЬАЛАҤ ПААРКАТЫН ОРОЙУОНА
Манна сырыы сыыйыллар, атыы-тутуу кутуллар, олох-дьаһах эргийэр. Дьиэ сыанатын киһи манна чэпчэки диэбэт, ыарахан. Сайынын оҕо аймах пааркаҕа оонньуур, сынньанар. Хомойуох иһин, биэс сыл анараа өттүгэр тутуллан үлэҕэ киирбит дьиэлэргэ номнуо бомжтар буулаатылар дииллэр. Ол да буоллар, тустаах уорган үлэһиттэрэ бу кыһалҕаны кэмиттэн кэмигэр көрөннөр, бэрэбиэркэ ыыталлар.
КУОРАТ КИИНЭ
Дьоллоох Дьокуускай килбэйэр киинигэр олох күөстүү оргуйар. Дьиэ кэргэн, нэһилиэнньэ саастаах өттө олороругар соччо табыгаһа суох. Түүнүн, күнүһүн массыына тыаһа куугунас. Мин санаабар, эдэр ыччат, сулумах дьон олороругар үчүгэй. Аҕам саастаах дьон ыраас салгыннаах оройуоҥҥа биитэр куорат кытыытыгар тахсан чааһынай дьиэҕэ олороро ордук.
Чэ, ити курдук, куораппыт дьон олороругар табыгастаах оройуоннарын көрдүбүт. Аныгыс сырыыга куорат саамай кирдээх, мөлтөх оройуоннарын сырдатыахпыт.
Тапталлаах куораппыт ыраас буоларын туһугар кыһаллыах.