22.12.2022 | 13:00 | Просмотров: 578

Дьокуускай бүддьүөтүн 68% социальнай эйгэҕэ туһуланар

Дьокуускай куораттааҕы Дуума 2023 уонна былааннаммыт 2024-2025 сыллардааҕы бүддьүөтү ылынна. Эһиилги бүддьүөт 68% социальнай эйгэ сайдыытыгар туһуланар диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ылыныллыбыт былааҥҥа олоҕуран, 2023 сылга дохуот уонна ороскуот 24 998 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх, 2024 сылга – 24 992 мөлүйүөн солкуобай, 2025-кэ – 24 925 мөлүйүөн солкуобай. Куорат дохуота быйылгыны кытта тэҥнээтэххэ кэлэр сылга 14% улаатан 10 471 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэхтээх.

Исписэлиистэр информацияларынан, докумуон куорат социальнай-экономическэй сайдыытын көрдөрүүтүгэр олоҕуран, үс сылга оҥоһуллубут.

Бүддьүөт 68% социальнай эйгэ сайдыытыгар – үөрэҕирии систиэмэтин, спорт уонна култуура сайдыытын уо.д.а. хааччыйыыга туһуланна.

Итини таһынан, үбүлээһин атын бырагыраамаларга – «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар», эргэ, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл уо.д.а. көрүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.