02.12.2023 | 16:00

Дьокуускай «Азия оҕолоругар» бэлэмнэнэр

Дьокуускай куорат 2024 сылга ыытыллыахтаах VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии тэтимин ыһыктыбат.
Дьокуускай  «Азия оҕолоругар» бэлэмнэнэр
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

2 саҥа эбийиэк тутуллар

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников уонна киин куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттыылаах мунньахха бу улахан тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии боппуруостарын иһигэр спортивнай эбийиэктэри тутуу уонна өрөмүөннээһин үлэтигэр ураты болҕомто уурулунна. Ол курдук, “Азия оҕолоругар” Сайсары түөлбэтигэр элбэх функциялаах спортивнай саала уонна Хатаска спорткомлекс тутулла тураллар.

Маны таһынан 14 спорт эбийиэгэр балысхан өрөмүөн үлэтэ ыытыллыахтаах. “Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһыгар, “Триумф” спортивнай бэлэмнэнии киинигэр, “Дохсун” спорткомплекска, “Эллэй Боотур” муус дыбарыаһыгар, “Чолбон” уонна “Самородок” бассейннарга, “Модун” спорткомплекска, Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа, Р.М.Дмитриев аатынан Олимпийскай солбук училищетыгар о.д.а. тутуулар өрөмүөннэниэхтээхтэр.

Маны таһынан мунньахха көҕөрдүү, тупсарыы, уопсастыбаннай сирдэргэ бэрээдэги хонтуруоллааһын, баһаартан сэрэхтээх буолуу, тырааныспар сырыытын уонна хомунаалынай  хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников олохтоох дьаһалта салааларын салайааччыларын иннилэригэр улахан соруктары туруорда, үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.

“Азия оҕолоро” төрүттэммит, үөскээбит, айыллыбыт сирдэригэр төннөн кэлиэхтэрэ. Биһиэхэ бу күрэхтэһии ыытыллыбатаҕа хас да сыл буолла. Онон иннибитигэр улахан сорук турар – спортивнай оонньууларбытын үрдүк таһымҥа ыытар эбээһинэстээхпит. Онуоха үгүс өттө билигин бэлэмнэнии үлэтин хайдах үүннээн-тэһииннээн ыытарбытыттан тутулуктаах”, - диэн вице-премьер чорботон бэлиэтээтэ.

Хатаска спорткомплекс тутуллар

Арасыыйа саамай бөдөҥ тэрээһинэ буолуохтаах

“Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар Саха сиригэр бэс ыйын 25 – от ыйын 7 күннэригэр ыытыллыахтара. Дьокуускай куорат 16 эбийиэгэ спортсменнары көрсүөҕэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах спортивнай оонньуулар Арассыыйаҕа 2024 сыл саамай бөдөҥ тэрээһининэн буолуохтаахтар.

Оҕолор спорт 24 көрүҥэр күрэстэһиэхтэрэ. 40 араас дойдуттан уонна Арассыыйа үгүс регионуттан 3000-тан тахса спортсмен кыттара былааннанар. 25 дойдуттан спортсменнар кэлэллэрин номнуо бигэргэппиттэр. Тэрээһин ыалдьыттарынан Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэттэн, Запорожьеттан уонна Херсонтан 100 оҕо кэлиэхтэрэ. Арассыыйаттан 8 хамаанда кыттыаҕа.

Кылаабынай судьуйанан “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулартан кынат анньынан үүнэн тахсыбыт биллиилээх спортсмен, Пекиҥҥэ ыытыллыбыт олимпиада кыттыылааҕа, аан дойду чемпиона, Азия чемпиона, Казахстан өрөспүүбүлүкэтин спордун үтүөлээх маастара боксер Мерей Акшалов буолуоҕа.

Оонньуулар талисманнарынан Сэлиичээн (Мамонтенок) талыллыбыт.

Кыттааччылар ХИФУ уопсай дьиэлэригэр олохсуйуохтара. Спортсменнары аһатыы киин куорат 45 эбийиэгэр тэриллиэхтээх. Барыта холбоон спортивнай оонньууларга Дьокуускай куораттан 1000 кэриҥэ, улуустартан 900 волонтер үлэлиирэ сабаҕаланар.

9 бөлөхтөн турар тэрийэр кэмитиэт

Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев бэрэссэдээтэллээх тэрийэр кэмитиэт 9 оробуочай бөлөҕүнэн үлэлии сылдьар, балары куорат баһылыгын солбуйааччылара салайаллар.

Бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннартан саҕалаан, уулуссалар өрөмүөннэрэ, тиэргэннэри тупсарыы, уопсастыбаннай эйгэни тэрийии о.д.а. барыта “Азия оҕолорун” кытта ыкса ситимнээхтик барар, үлэ былаана торумнанан сөптөөх хайысханан сыл устата барда.

 Маны тэҥэ, Дьокуускай куорат араас тутууларын тас өттүлэрин сөптөөх көстүүлээх гына оҥоруу, кыттыылаахтары тырааныспарынан тиэйии исхиэмэтин тобулуу, киин куораты киэргэтии уонна да атын боппуруостар утары быһаарыллан иһэллэр. Ол курдук, ОДьКХ бөлөҕүн иннигэр хаарбах дьиэлэри кэмигэр көтүрүү ирдэнэр. Маны таһынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр фасадтара 2024 сыл бэс ыйын көрсө тупсарыллыахтара. Уопсайа 30 уопсастыбаннай эйгэ (болуоссаттар уонна сквердэр) тупсарыы үлэтинэн хабыллыахтаах.

Спортивнай оонньуулары көрсө 56 уулусса уонна суолга киирии кэрчиктэрэ өрөмүөннэнэллэр, уопсайа 33 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх суол оҥоһуллуохтаах.

Дьокуускай спортивнай эбийиэктэрэ тупсарыллаллар. Холобур, 6-ыс уонна 4-үс нүөмэрдээх оҕо спортивнай оскуолаларыгар спортивнай паркет тэлгэниэхтээх.

«Азия оҕолоро» ыстаап үлэлиир

Дьокуускайга 2022 сыллаахха «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһыгар, «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин ыстаап-кыбартыырата аһыллыбыта. Ыстаап 9 кабинеттаах уонна «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар  историяларын кэпсиир түмэллээх. Уопсай иэнэ – 350 кв. миэтэрэттэн тахса.

Санатан эттэххэ, «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтэ Азия Олимпийскэй сүбэтин бэрэсидьиэнэ шейх Ахмад Аль-Фахад Аль-Сабах көҕүлээһининэн 2012 с. сэтинньи 8 күнүгэр Макао куоракка 31-с Азия Олимпийскэй сүбэтин Генеральнай ассамблеятын чэрчитинэн тэриллибитэ. Тэрийээччилэринэн шейх Ахмад Аль-Фахад Аль-Сабах бэрэсидьиэннээх Азия Олимпийскэй сүбэтэ, Александр Жуков бэрэсидьиэннээх Арассыыйа Олимпийскэй кэмитиэтэ уонна Дмитрий Глушко вице-бэрэсидьиэннээх Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбуттара.  

 «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин сүрүн соруга – оҕо, үүнэр көлүөнэ спордун сайыннарыы уонна өрө таһаарыы нөҥүө үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһыы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....