03.03.2021 | 10:21

Дьокуускай – айар аартык

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай түмэлгэ Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэннэрин кытта көрүстэ. Норуоднай суруйааччылар Наталья Харлампьева  үүннээн-тэһииннээн ыытааччы уонна Николай Лугинов түстээччи,  Семен Попов-Тумат  алҕааччы, сүбэ биэрээччи быһыыларынан саҕалаатылар.

Көрсүһүү мэлдьи куорат туһугар кыһаллар уонна инникитин иһин ыалдьар суруйааччылар сойуустарын көҕүлээһининэн ыытылынна. Евгений Григорьев суруйааччылар куруук норуот санаатын этэллэр диэн бэлиэтээтэ. Суруйааччылар сойуустара өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас түмсүүлэрэ. Билигин манна 78 чилиэн баар, олортон 70-нара Дьокуускайга олороллор. 

«Бүгүн куораппытыгар олорорго тупсаҕай эрэ буолбакка, духуобунай өттүнэн байарга табыгастаах буоларыгар баҕарабыт. Биһиги киин куораппыт регион киэҥ өйдөөх-санаалаах, дууһалаах киинэ буолуохтаах. Онон бүгүҥҥү кэпсэтиинэн астынныбыт”, — диэтэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева.

Суруйааччылар духуобунас, култуура уонна искусство сайдыытыгар литератураны өйөөһүҥҥэ санааларын эттилэр. Көрсүһүүгэ  Николай Винокуров-Урсун, Гаврил Андросов, Рустам Каженкин, Иван Ушницкай бэйэлэрин санааларын эттилэр. Ханна да суруйааччылар дойдуларын, бэйэлэрин норуоттарын санааларын, кэпсээн  суруйан, ону таһынан кэлбиттэргэ билбиттэрин бэрсэн, сирдээн биэрбиттэринэн элбэх сайдыыга тирэх, сабыдыал оҥоһулларын кандидат өйдүүрүттэн үөрдүбүт.

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Николай Неустроев аатын Дьокуускай SMART-библиотекатыгар иҥэрии туһунан боппуруоска, ити тэрилтэ кэллэктиибэ итини ылымматын  Евгений Григорьев билэ сылдьар эбит. Онуоха култуура эйгэтин суолталаах боппуруостарын биир салайар үлэһит эрэ буолбакка, общественность аһаҕас кэпсэтиилэринэн быһаарылларын ситиһиэх тустаахпын диэн санаатын эттэ. Итиннэ, урут В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатын өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэ кэллэктиибин мунньаҕа сөбүлэспэтэ диэбиттэринэн тэйитиллибитин эмиэ санатыах кэриҥнээхпит. Кэллэктиип үксүн салайааччы туох дииринэн барарын эмиэ өйдүүр сөп.  

Дьокуускай, Саха сирэ – Арассыыйа, ордук Илин Уһук  сайдарыгар уруккутун курдук барыны арыйыыга, ол иһигэр өйгө-санааҕа, айарга киэҥ аартык. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...