Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан туорааһын сыаната билиннэ
Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыыта нэдиэлэ бүтэһигэр – ыам ыйын 28-29 күннэригэр сөргүтүллэрэ былааннанар. Ити хайысханан паромунан сырыы сыаната чуолкайданна: кыра массыыналары туоратааһын ыйааһыннарыттан көрөн – 500-1200 солкуобай, биир тонналаах таһаҕас орто сыаната – 340 солкуобай.
Саха сирин Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ тырааныспары, таһаҕаһы Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паромунан туоратыы сыанатын бигэргэттэ:
— пассажирскай оптуобустарга – 2000-3500 солк.;
— 0,5 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах таһаҕас тиэйэр массыыналарга — 400 солкуобайтан саҕалаан, 30 тоннаттан тахса ыйааһыннаах таһаҕас массыыналарыгар 13 700 солкуобайга диэри;
— кыра массыыналары туоратааһын ыйааһыннарыттан көрөн – 500-1200 солк.;
— мотороллердарга уонна мотоциклларга – 220 солк.;
— автотягачтарга — 4000-8500 солк. (кээмэйиттэн көрөн);
— кыра массыыналар бырысыаптарыгар — 600 солк.;
—тыы бырысыабар — 1200 солк.;
— 20 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах «тяжеловоз» бырысыаптарга — 4500 солкуобайтан саҕалаан, 60 тоннаттан ыарахаттарга — 12 000 солкуобайга диэри.
Биир тонна таһаҕаһы таһыы ортотунан 340 солкуобай.