24.04.2024 | 09:42

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан салгын олбохтоох суудуналарынан пассажирдары тиэйии саҕаланна

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан салгын олбохтоох суудуналарынан пассажирдары тиэйии саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өлүөнэ өрүһүнэн кыһыҥҥы суол сабыллыбытынан муус устар 24 күнүттэн 204-с дьоҕус оройуоҥҥа тэриллибит саҥа «Намыв» ыстаансыйатыттан салгын олбохтоох уу аалларынан пассажирдары тиэйии саҕаланна.
Айан төлөбүрэ 2000 солк. тэҥнэһэр, муус күүскэ барар кэмигэр 2500-3000 солк. диэри үрдүүрэ күүтүллэр. Суудуналар сарсыарда 07:00 чаастан киэһэ 20:00 чааска диэри сылдьаллар. Линияҕа «ЛенаВодСервис» уонна «ЛенаТранс» тэрилтэлэр холбоон 30 «Хивус-10», 3 «Нептун-23» уу аалларын уонна 8 «Тайфун» аэроботу таһаараллар.
Уу ааллара Дьокуускай куоракка «Намыв» ыстаансыйаҕа, Аллараа Бэстээххэ тимир суол ыстаансыйатыгар тохтууллар, диэн иһитиннэрэр СИА.
Оттон Дьокуускай куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата иһитиннэрэринэн, «Намыв» ыстаансыйаҕа диэри пассажирдары сарсыарда 08.00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри босхо тиэрдии олохтонор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....