Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан «подушкаларга» бырайыас сыаната ыараата
Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан норуокка «подушка» диэн ааттанар салгын олбохтоох уу аалларынан айан иһин бырайыас сыаната үрдээн, 3000 солк. буолла. Ол туһунан «ЛенаВодСервис» хампаанньа салайааччыта Борис Строев иһитиннэрэр.
«Өлүөнэ өрүс кытылыгар балаһыанньа күн ахсын ыарыы турар. Бу нэдиэлэҕэ муус хамсыыра күүтүллэр. Биһиги үлэлиибит, ол эрээри быйылгы сылга суол-иис олох куһаҕан туруктаах. Онтон сылтаан тиэхиньикэ алдьаныыта үгүс. Өрөмүөннүүргэ саппаас бүтэн эрэр, собуоттан бэйэтиттэн сакаастыыбыт, күүтэбит эрэ буоллаҕа. Биллэн турар, нэһилиэнньэни илдьэр-аҕалар үлэ тохтоло суох баран иһиэхтээх», — диир Борис Строев.
Санатан эттэххэ, салгын олбохтоох суудуналар быйыл киин куорат өттүттэн 203-с дьоҕус оройуоҥҥа тэриллибит «Намыв» ыстаансыйаттан айанныыллар. Дьону таһыыга үс тэрилтэттэн 30 суудуна күннэтэ айанныыр. Биригээдэлэр күн аайы сарсыарда 07:00-тэн киэһэ 20:00 чааска диэри үлэлииллэр.
(Хаартыска куйаар ситимиттэн)