18.08.2021 | 11:30

Дьокуускай аэропордун көтөр балаһата аһылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Дьокуускай» аэропорт көтөр-түһэр балаһата аһылынна. Аэродром уонна сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын өрөмүөннэммит 625 м. уһуннаах учаастагын сертификацията бүттэ. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга Министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. 
Атырдьах ыйын 17 күнүгэр 2:00 чааска  «Дьокуускай» аэропорт 3250 м. оробуочай уһуннаах көтөр-түһэр балаһата үлэҕэ киирдэ. 
Балаһа сертификациятын Росавиация уонна Ростехнадзор Арассыыйа президенэ Владимир Путин сорудаҕынан кылгас болдьоххо ыыттылар.  Билиҥҥи туругунан аэропорт балаһатыгар араас көрүҥнээх салгын суудуналара кэлэн түһэр кыахтаннылар, ол иһигэр ойуур баһаардарын кытта охсуһарга төһүү күүһүнэн буолар БЕ-200 уонна Ил-76 сөмөлүөттэр.
Сотору кэминэн Саха сиригэр көтөр сөмөлүөттээх авиахампаанньалар эриэйсэлэрин саҕалыахтара. Ити боппуруос өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар Министиэристибэтин ураты хонтуруолугар сылдьар. 
Эриэйсэлэр кэлэр-барар бириэмэлэрин туһунан информация авиациянан таһааччылар официальнай сайтарыгар уонна аэропорт электроннай онлайн таблотыгар тахсар: https://yks.aero/, ону тэҥэ босхо ыйыталаһар нүөмэр үлэлиир: 8 (4112) 31-88-44.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....