19.08.2022 | 12:00 | Просмотров: 713

Дьокуускай 390 сылыгар бэлэмнэнэр

Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылын көрсө араас хайысхалаах уонна таһымнаах үлэ ыытыллар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бырааһынньыкка бэлэмнэнии тэрийэр кэмититиэтин информациятынан, үбүлүөйү көрсө киин куоракка «Северная сказка» оҕо уһуйаана, воркаут-балаһааккалар, сылаас тохтобуллар, тупсаран оҥоһуллубут тиэргэн территориялара үлэҕэ киириэхтэрэ. Итиэннэ, култуурунай-саататар, спортивнай тэрээһиннэр бары уокуруктарга уонна куорат кытыытыгар ыытыллыахтара.

Куорат күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн балаҕан ыйын 8-11 күннэригэр сүрүн тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ — «Якутск 4.0.0» форум ыытыллыаҕа.

Форум үлэтэ алта бырагырааманан барыаҕа:

- «Комфортная и устойчивая городская среда - достойная жизнь на Севере»;

- «Трансформация инфраструктуры: мировые стандарты»;

- «Развитие транспортной системы»;

- «Развитие социальной инфраструктуры – основа повышения качества жизни»;

- «Драйверы роста экономики города»;

- «Якутск – город идей и возможностей для каждого».

Пленарнай мунньахха куорат социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятыгар уларытыылары киллэрэргэ төрүөтүнэн буолуохтаах «Якутск 4.0.0 Старт» форум түмүк резолюцията ылыныллыаҕа.

Тэрээһиҥҥэ 50 федеральнай эксперт кыттыаҕа.

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр култуурунай бырагыраамаларыгар быыстапкалар, кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн ууруу, куонкурустар, дьаарбаҥкалар, бэстибээллэр, спортивнай күрэхтэһиилэр уо.д.а. бааллар.

Бырааһынньык салютунан түмүктэниэҕэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.