29.11.2023 | 18:00

Дьокутааттар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр кииҥҥэ сырыттылар

Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара былырыыҥҥыттан үлэлиир, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр киин үлэтин кытта билистилэр.
Дьокутааттар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр кииҥҥэ сырыттылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин исписэлиистэрэ «биир кэлим түннүк» көрүҥүнэн куорат байыаннай комиссариатыттан мобилизацияламмыт, баҕа өттүнэн уонна хантыраагынан байыаннай дьайыыга барбыт байыастарга уонна дьиэ кэргэттэригэр юридическэй, психологическай, информационнай уонна волонтерскай көмөнү оҥороллор.

«Кииҥҥэ Олохтоох дьаһалта управлениеларын, департаменнарын исписэлиистэрэ үлэлииллэр. Кинилэргэ волонтерскай хамсааһыннар көмөлөһөллөр. Хас биирдии сайабылыанньанан киин тус хайысхалаах үлэлиир уонна бары кыһалҕалары суһаллык быһаара сатыыр. Юристар докумуоннары оҥорорго көмөлөһөллөр, сүбэлииллэр», – диэн кэпсээтэ киин салайааччыта, Олохтоох дьаһалта уопсастыбаннай сибээстэргэ салаатын начаалынньыга Туйара Колесова.

Федеральнай уонна регионнааҕы өйөбүлгэ эбии, Дьокуускай куоракка биир төгүллээх 30 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥоһуллар, байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айанныыллар, оҕолорун уһуйааннарга уочарата суох быһа киллэрэр бырааптаахтар уо.д.а. миэрэлэр бааллар.

«Ааспыт нэдиэлэҕэ дьокутааттар нолуок политикатыгар сыһыаннаах икки боппуруоһу өйөөтүлэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын бары категорияларыгар сир  нолуогар чэпчэтии уһатылынна уонна 50%-тан 100%-ҥа диэри үрдэтилиннэ. Ити өйөбүл миэрэтэ былырыыҥҥыттан баар. Бүгүн киин үлэтин кытта билистибит, туохха ордук болҕомто ууруллуохтааҕын, ханнык эбии миэрэ киириэхтээҕин чопчуластыбыт», – диэн бэлиэтээтэ Дуума Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Евдокия Евсикова.

Олохтоох дьаһалта баһылыгын территориялары, итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын уонна эргиэни, урбааны сайыннарыыга солбуйааччыта  Владимир Аржаков бэлиэтээбитинэн, байыаннай сулууспалаахтарга сир учаастагын анааһын бырайыагын сиһилии толкуйдуур ирдэнэр.

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....