«Добун» — Чувашияҕа
Саха политехническай лицей «Добун» норуодунай этнофольклорнай ансаамбыла саҥаттан саҥа саҕахтары арыйар. РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Марина Ильинична Сокольникова-Мохначевская салайааччылаах айар кэлэктиип Арассыыйа, аан дойду таһымнаах улахан түһүлгэлэргэ Саха сирин аар-саарга ааттатар, суон сураҕырдар.
Сайын устата «Добун» иитиллээччилэрэ, дьарыктарын бырахпакка, ыһыахтан саҕалаан, араас тэрээһиннэргэ кыттан, сынньалаҥнарын сэргэхтик атаардылар. Атырдьах ыйын 19-22 күннэригэр ансаамбыл Чувашия Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа министиэристибэтин ыҥырыытынан Чебоксары куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Вышитая Россия» бэстибээлгэ кыттан, киэҥ сэҥээриини ылан кэллэ. Бу туһунан төрөппүтттэр ааттарыттан Светлана Егоровна Захарова сэһэргээтэ:
– Түөрт күннээх улахан тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта биһиги нүөмэрдэрбититтэн саҕаламмыта ордук долгутуулаах буолбута. Оҕолорбут бэлэмнэнэн, үчүгэйдик дьарыктанан тиийбиттэрэ.
Сорохторбут Арассыыйа таһымнаах бэстибээлгэ саҥа сүрэхтэннилэр, ыраах айаҥҥа бастакыларын баран кэллилэр. Сылдьа үөрүйэх оҕолору көрөн, биир бэйэм олус үөрдүм. Кыралары, этэргэ дылы, батыһыннара сылдьан үгүскэ үөрэттилэр.
Бастакы күммүтүгэр болуоссакка элбэх тэрээһин ыытылла турдаҕына тиийбиппит. Оҕолор бэлэмнэниэхтээхтэрэ. Арай репетиция кэмигэр ыраахтан көрө турбут дьон күпсүүр, дьаҕа, айаан, ойдуо, кырыымпа, хомус тыаһын сэргээн, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр саҥатын истэн, сүүрэн кэриэтэ кэлбиттэрэ уонна «Браво!», «Бис!» бөҕөтүн түһэрбиттэрэ. Оҕолорбут таҥастарын-саптарын кэрэхсээн, хас биирдии хамсаныыларын, тутталларын-хапталларын биһирээн, биир кэм ытыс тыаһынан доҕуһуоллуу турбуттара. «Прямо мурашки бегают!» – диэн сөхпүттэрин-махтайбыттарын, астыммыттарын биллэрбиттэрэ. Көрөөччүлэр оҕолорбутун, салайааччыбытын эккирэтэ сылдьан хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ, биир кэм ыйытыынан кутан кэбиспиттэрэ: хас чаас айаннаан кэлбиппитин, өссө ханна, хаһан сыанаҕа тахсарбытын. Ону көрөн, эмиэ да соһуйбутум, сөхпүтүм уонна тыыннаах музыка, саха төрүт дорҕооно дьон-сэргэ сүрэҕин ортотунан киирэн, кутун-сүрүн күүскэ тутар эбит дии санаабытым.
Тэрийээччилэр ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсүбүттэрэ, баардарынан-суохтарынан маанылаабыттара. Бэстибээл бырагыраамата киэҥ, бириэмэ ыгым этэ. Оҕолор музейдарга, Чувашия кэрэ-бэлиэ сирдэригэр сылдьыбыттара. Итинник түөрт күнү мэлдьи оҕолорбут дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, олус астынан, үөрэн-көтөн кэлбиппит.
Манна диэн эттэххэ, биир бэйэм оҕолор хас биирдии нүөмэрдэрин сырыы аайы саҥаттан көрөр курдукпун, тоҕо диэтэххэ утумнаах дьарык үтүө түмүгэ, күн аайы тупсан, үүнэн-сайдан, сиртэн тирэхтэнэн, күүһүрэн иһэллэрэ харахха быраҕыллар. Кыраларбыт улахаттары дурда-хахха, холобур оҥостон сылдьалларыттан төрөппүттэр үөрэбит. Салайааччыбыт Марина Ильиничнаҕа муҥура суох махталбытын тиэрдэбит. Кытаанах доруобуйаны, сылайар диэни аахсыбакка, айар үлэтинэн дьоллоно турарыгар, сырдык санаатынан, оҕоҕо тапталынан кынаттанарыгар баҕарабыт.
«Добун» норуодунай этнофольклорнай ансаамбыл саха төрүт дорҕоонун аан дойдуга дуораһыта көтүтэр, бу хайысха кэскиллээҕин айар үлэтинэн толору кэрэһилиир.