Дьоҕус уонна орто биисинэс субъектарыгар «Бизнес-старт» микрозайм бэриллэр
Дьоҕус уонна орто биисинэс субъектарыгар өйүүр миэрэ чэрчитинэн 500 тыһ. солкуобайга диэри займ көрүллэр уонна 36 ыйтан уһуна суох болдьоххо бэриллэр. Ставката сыллааҕынан 7%. Микрозайм сыала: саҥа саҕалааччыларга предпринимательствоны, өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи туризмы уонна олохтоох табаары оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга өйөбүл.
Сүрүн ирдэбиллэр:
- Дьокуускай куорат уокуругар 6 ыйтан итэҕэһэ суох регистрация;
- Үлэ Дьокуускай куорат территориятыгар ыытыллыахтаах;
- Нолуокка уонна бүддьүөт бары таһымнарыгар иэс суох буолуохтаах;
- Үп-харчы өттүнэн үчүгэй түмүк уонна үчүгэй кредитнай история;
- Эбэһээтэлистибэни толорорго ликвиднай залог уонна поручительство.
Микрозайм ыларга Уокуруктааҕы дьаһалта предпринимательствоҕа салаатыгар сайаапка уонна бизнес-былаан ирдэнэр.
Ыйыталаһар нүөмэр: 8924(870)0071, электроннай аадырыс fondapk.yakutsk@mail.ru. Докумуоннары бу сайтан хачайдыаххытын сөп, fondykt.ru «документы» салааттан.