26.09.2023 | 18:00

Дьоҕус суудуналар сырыыларын тохтотор болдьох билиннэ

Дьоҕус суудуналар сырыыларын тохтотор болдьох билиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар физическэй уонна юридическэй сирэйдэр бас билэр дьоҕус суудуналарын сырыытын тохтотор болдьоҕун бигэргэттэ.

Ол курдук, балаҕан ыйын 27 күнүттэн уунан сырыыны Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн Бытантай, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Аллараа Халыма, Усуйаана, Булуҥ улуустарыгар тохтотоллор.

Алтынньы 9 күнүттэн Дьокуускай куорат уокуругар уонна Жатайга, итиэннэ Амма, Алдан, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уунан сырыы тохтуур.

Ыйыллыбыт болдьох кэнниттэн дьоҕус суудуналарынан ууга киирбит дьону административнай эппиэтинэскэ тардыахтара.

Сезон бүппүтүнэн, бас билээччилэргэ суудуналарын сөпкө харайаллара ирдэнэрин туһунан санаталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...