Дьоҕус кээмэйдээх таһаҕастары ыытар өҥө баар буолбут
«Дьокуускай» аэропортка 30 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах дьоҕус кээмэйдээх таһаҕастары ыытар өҥө баар буолбут. Ол туһунан аэропорт генеральнай дириэктэрэ Сергей Игнатенко иһитиннэрбит.
«Күндү доҕоттор, «Дьокуускай» аэропорт пассажирскай терминалыгар 30 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах дьоҕус кээмэйдээх таһаҕастары ыытар өҥө баар буолбутун туһунан үөрэ иһитиннэрэбин. Аэропортан аэропортка авиациянан тириэрдии – түргэн уонна эрэллээх», – диэбит Сергей Игнатенко.
Чэпчэки ыйааһыннаах таһаҕаһы, баһыылканы уонна корреспонденцияны Арассыыйа уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин 39 хайысхатынан ыытыахха сөп.
Саҥа өҥө нэһилиэнньэ наадыйыытын учуоттаан баар буолбут. Мантан инньэ аэровокзалга докумуон эбэтэр баһыылка ыытаары наадалаах хайысханан көтөр пассажиры көрдөнүллүбэт. Таһаҕаһы тутар түннүккэ чугаһыахха эрэ наада (регистрациялыыр миэстэ уонна таһаҕаһы харайар камера аттыгар турар).
Ыытарга бэлэмнэммит таһаҕаһы уонна дьыалабыай докумуоннары үлэ күнүгэр сарсыарда 8:00 чаастан 15:00 чааска диэри туталлар.
Баһыылка ыйааһына 30 киилэттэн тахсыа суохтаах.
Сыаната таһаҕас ыйааһыныттан, төһө ыраах ыытылларыттан уонна таһаҕаһы тиэйээччиттэн тутулуктаах.
Чуолкай информацияны 49-13-97 төлөпүөнүнэн билсиэххэ сөп.