02.06.2022 | 14:55

Дьоһун буктрейлер

Дьоһун буктрейлер
Ааптар: Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Мукучу
Бөлөххө киир

“Ноотуу” – кыра уонна орто саастаах оҕолорго аналлаах тэттик кэпсээн кинигэтэ. 
Хомуурунньукка төрөөбүт сиргэ тапталы, тулалыыр эйгэҕэ оҕо истиҥ сыһыанын сырдатар иһирэх кэпсээннэр киирбиттэр. Худуоһунньуктар Александр Попов, Виктория Неустроева дьэрэкээн ойуулара ааҕааччы болҕомтотун тардаллар. «Саалтааным сайаҕас салгына сүрэхпэр-быарбар сɵрүүн сүɵгэй курдук сайан киирэр. Үɵһэттэн күɵрэгэй дьырылас ырыата кутуллар. Күɵх хонуу устун күн уотун тутуохтуу утары сүүрэбин, күн дьолун ыймахтыы күɵлэһийэн ылабын. Охсуллубут от, дьэдьэн сыта-сымара минньигэһиэн!” Бу “Ноотуу” диэн кэпсээммиттэн быһа тардыыны аахтахпына, төрөөбүт төрүт дойдубар ааспат ахтылҕан сүрэхпин нүөлүтэр, дьоллоох оҕо сааспын санатан, хам кууһан ылар.
2020 сыллаахха С.А. Новгородов аатынан “Бичик” (“Айар”) кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт “Ноотуу” диэн кэпсээним кинигэтин оҕо аймах сэргии көрсүбүтүн ис-испиттэн долгуйа, үөрэ ылыммытым. Эдэр төрөппүттэр оҕолоругар, эбээлэр сиэннэригэр бэлэхтээрилэр кэрэхсээн кэтэспиттэрэ, сыа-сым курдук тутан илиилэригэр ылбыттара санаабын көтөхпүтэ.

Ону сэргэ быйыл кыһын Танара орто оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччитэ Юлиана Стручкова САССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө ыытыллыбыт “Төрөөбүт тылгынан аах” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай онлайн-конференцияҕа “Ноотуу – мин сөбүлүүр кинигэм” диэн тиэмэнэн ситиһиилээхтик кыттан, иккис миэстэни ылбыта. Аныгылыы технологияны туһанан, сонун тутуллаах, оҕолору сэҥээрдэр ис хоһоонноох буктрейлеры оҥорбута кыра саастаах ааҕааччыларга күндү бэлэх буолбута. Оҕолору кинигэни ааҕарга туһулуур үлэтигэр Юлиана туруоруммут сыалын-соругун толору ситиспитэ буктрейлеры көрдөрөр видеоттан сиһилии көстөр. Үөрэнээччи тыла-өһө лоп-бааччы, дуоспуруннаах. Номоҕоннук туттан, боччумнаахтык кэпсиирин киһи төһө баҕарар уһун кэмҥэ истэ олоруох курдук. Олохтоох библиотекаттан кинигэни уларсан бэлэмнэнэригэр ийэтэ, эдэр исписэлиис Варвара Николаевна көх-нэм буолан көмөлөспүтэ олус үчүгэй. Мин санаабар, нэһилиэккэ модельнай библиотека иһинэн (сэбиэдиссэй, суруналыыс Им Ия Николаевна) оҕону төрөөбүт тылынан сахалыы уус-уран айымньыны сөбүлээн ааҕарга уһуйар, көҕүлүүр эйгэ баара ааҕааччыга суолу аһар. Кырачаан ааҕааччылар уус-уран литератураны таптыы, төрөөбүт тылларын баайынан киэн тутта, түөлбэ суруйааччыларын айымньыларын билэ-көрө улаатыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...