12.10.2023 | 14:00

Дьоһун бэлэх

Аныгы сайдыылаах олохпутугар физкультура уонна спорт, ол иһигэр оҕо спорда, ураты миэстэни ылар. Сахабыт сирин спордугар биир кэрэ-бэлиэ кэрдиис түгэнинэн бу күһүн Дьокуускай куораттааҕы тустууга аналлаах 3 №-дээх оҕо спорт оскуолата төрүттэммитэ 25 сыла буолла.
Дьоһун бэлэх
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

История кэрэһэлииринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 1950-с ортолоруттан Н.Н. Тарскай көҕүлээһининэн тустуу сайдан барбыта. 1960-с сыллар ортолоругар Д.П. Коркин тренердээх тустууга аналлаах оҕо спорт  оскуолата Чурапчыга тэриллибитэ. Дьокуускай куоракка  көҥүл тустуу оҕолорго баара, ол гынан баран уопсастыбаннай саҕалааһыҥҥа олоҕуран спортивнай тэрилтэлэринэн бааллара. Үөрэх уонна спорт систиэмэлэринэн өссө суохтара. Оҕолор тустууга хамаандалара куорат араас тэрилтэлэриттэн хомуллан туруоруллаллара.

 

Куоракка тустуу оскуолата

Уларыйыы 1998 сыллаахха киллэриллибитэ. Тустуу федерациятын бэрэсидьиэнэ Илья Филиппович Михальчук Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгынан буолбута.  3 №-дээх тустууга аналлаах оҕо спорт оскуолата тэриллибитэ. Бу туһунан 1998-2020 сылларга ити спорт оскуолаҕа дириэктэрдээбит, көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ Арассыыйа уонна аан дойду чөмпүйүөнэ, түмсүүлээх, бигэ кэлэктииби үөскэппит Федот Архипович Соловьев кэпсиир:

– Илья Филиппович Михальчук тустуу федерациятын салайа олорон, спорт оскуолатын аһыахпыт диэн бырагырааматыгар киллэрэн турар. Ити кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев “Оҕо спордун сылларын” биллэрбит Ыйааҕа тустуу оскуолата тэриллэригэр төһүү күүс буолбута. Дьылҕа хаан ыйааҕынан ол спорт оскуолатын дириэктэринэн буолан хаалбытым. Ити иннинэ СГУ физическэй иитиигэ кафедра  преподавателэ уонна тустууга старшай тренерэ  этим. Үлэбитигэр бааза, спорт саалата суох буолан, ыарахаттар бааллара. Оҕолору тустууга дьарыктааһын  Олимпийскай эрэл училищетыгар барара.  Таалай күөл үрдүгэр турар, уруккута “Спартак” уопсастыба хаҥкылааһын прокатнай пуунун дьиэтин ыламмыт, тренер Михаил Михайлович Каженкинныын спорт саала тэринэн, уон сыл уолаттары мунньан тустууга дьарыктыырбыт. Оннук сырыттахпытына И.Ф. Михальчук быраҕыллыбыт эргэ хочуолунайы өрөмүөннэтэн, спорт саалаҕа кубулутуллан, 1998 сыллаахха тустууга аналлаах спорт оскуолата тэриллибитэ.   Саха АССР, РСФСР үтүөлээх тренерэ, улахан сайдыылаах өйдөөх-санаалаах киһи Николай Николаевич Волков оскуолабыт аһылларыгар улахан кылаатын киллэрсибитэ.  Үөрэтии-иитии боппуруоһугар дириэктэри солбуйааччынан уон аҕыс сыл биир хоско утарыта көрсө олорон үлэлээбиппит. Ырытар, ырыҥалыыр өйдөөх-санаалах Николай Николаевич 69-70 саастарыгар бастакы тустууктар ситиһиилэринэн үлэ суруйан,  педагогическай наука кандидатынан буолбута. Тустууга аналлаах хас да кинигэни суруйбута. Бу эмиэ туһугар, биһиэхэ, сахаларга, тренердэри, атын да педагогическай үлэһиттэри,  спорт оскуолабытын өрө тардыыга, түмүүгэ өҥөтө олус улахан.

ССРС чөмпүйүөнэ, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх тренерэ, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Николай Петрович Неустроев, улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Валерий Николаевич Семенов, Чурапчы Мырылатын бочуоттаах олохтооҕо Владимир Дмитриевич Попов, Никита Николаевич Никифоров, Прокопий Семенович Иванов уһуннук үлэлээннэр үтүөлээх тренердэринэн буолбуттара.  Кинилэр эрчийбит уолаттара Иван Оконешников аан дойдуга бастаабыта, Петр Константинов боруонса призер  буолбута, Егор Слепцов Европа уолаттарыттан үрүҥ көмүһү аҕалбыта. Спорт үтүөлээх маастара Василий Николаевич Гоголев, кэлин ШВСМ салайбыт Александр Афанасьевич Игнатьев, Будимир Григорьевич Яковлев –  маҥнайгы бөлөх тренердэрбит. ССРС спордун маастара Егор Иннокентьевич Черкашин, бэтэрээннэргэ аан дойду  икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Иннокентий Семенович Кочкин, Арассыыйа боруонса призера, Арассыыйа чөмпүйүөнэ Николай Григорьевич Яковлев  күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьаллар, үтүөлээх тренердэринэн буоллулар. Кэскиллээх оҕолору кытта табан мындырдык үлэлээбит, Аан дойду, Европа түөрт төгүллээх призерун, аан дойду Кубогын кыайыылаҕын, Арассыыйа чөмпүйүөнүн, Белоруссия элбэх төгүллээх чөмпүйүөнүн, спорт оскуолабыт киэн туттуутун Владислав Андреевы  иитэн-бэлэмнээн таһаарбыт уопуттаах уонна үтүөлээх тренер Валерий Петрович Керемясов киллэрбит кылаата сүҥкэн. Үгүс бөдөҥ турнирдар, олор истэригэр Коркин турнирын кыайыылааҕын, Ярыгин турнирын, Дэйв Шульц, “Монголия Опен”, аан дойду кубогын  үрүҥ көмүс призерун, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Владимир Флегонтов аата эмиэ инники кэккэҕэ турар. Спорт оскуолатын  бастыҥ иитиллээччилэрэ  өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы күрэхтэһиилэртэн, Арассыыйа, Европа, аан дойду сүүстэн тахса  араас солотуулаах мэтээллэри аҕаллылар. Биир кэмҥэ биһиги оскуолабыт Олимпийскай эрэл училище тустуук уолаттарын сирэй көрсөн, үс ыйааһыҥҥа атыылаах кыайаммыт, оскуолабыт ситиһиитинэн сыаналыыбыт.

Үйэтитии дьаһаллара

Тустуу оскуолатын өссө биир киэн туттар көрдөрүүтүнэн ситиһиилэрин тиһэр, көрдөрөр кинигэлэри  таһаарара буолар. Оскуола дириэктэрэ, көҥүл тустууга Арассыыйа уонна хапсаҕайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара Василий Васильевич Уйгуров уонна Федот Архипович Соловьев бэлэмнээн таһаартыыр биэстии сылларынан кэрчиктээн оскуола ситиһиилэрин көрдөрөр хомуурунньук кинигэлэр болҕомтону тардаллар. Үтүөлээх тренер, бэтэрээннэргэ аан дойду чөмпүйүөнэ Иннокентий Семенович Кочкин туһунан эмиэ бэртээхэй кинигэ таҕыста. Билигин 25 сыллаах үбүлүөйдэригэр анаан алтыс хомуурунньук кинигэ суруллан бэчээккэ сытар. Тустууну таптааччыларга бэлэх быһыытынан уунуохтара. Спорт оскуолата үйэ чиэппэрэ кэрэ-бэлиэ кэмигэр анаммыт үөрүүлээх дьаһал чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2 №-дээх дьиэтигэр бастыҥнар чиэстэммиттэрэ. Тустуу турнира тэриллибитэ. Спортоскуоланы бүтэрбит Макар Зырянов тренердэргэ уонна тустуук оҕолорго "Iron" спорт маҕаһыынын фирменнэй футболкаларын бэлэхтээбитэ. Бастакы дириэктэр Ф.А. Соловьев, билигин үлэлии олорор В.В. Уйгуров, үтүөлээх тренер И.С. Кочкин "Саха" НКИХ телевидениетин "Саҥа күн" редакциятыгар ыалдьыттаабыттара. Спорду сырдатар суруналыыс-комментатор Николай Бястинов "Тэтим" Саха араадьыйатын уонна телевидениетин “Тайм-аут” ааптарыскай бырагырааматыгар бэртээхэй биэриитигэр кыттыыны ылбыттара.

Саха бухатыыр бөҕөһүн ситиһиитэ

Спортоскуола иитиллээччилэрэ ситиһиилэрэ кэлэ тураллар. Оҕо сааһыгар аан бастаан тренер Иннокентий Семенович Кочкиҥҥа уһуйуллубут, тустуунан олоҕун суолун саҕалаабыт Айаал Лазарев саамай ыарахан 125 кг тахсыылаахтык тустар бөҕөс буола үүннэ, сайынна. Киһи мыыммат ботуччу көрдөрүүлэрдээх. 2008 с. Арассыыйа устудьуоннарыгар чөмпүйүөннээн, тустууну таптааччылары үөрдүбүтэ. Кыргызстаҥҥа тиийэн тэҥнээҕин була илик, Азия чемпионаттарын кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэрин хаһаайына, Рио-де-Жанейро уонна Токио Олимпийскай оонньууларын кыттыылааҕа, аан дойду Кубогын боруонса призера.

 Аны бу ааспыт нэдиэлэҕэ түмүктэммит, түөрт сылга биирдэ буолар Азиятааҕы оонньууларга кыахтаахтык туһунна. Маҥнайгы эргииргэ Индия бөҕөһө Сумит Сумиты 10:0 ахсаанынан ыраас техническэйинэн хотто. Иккис эргииргэ Азия чөмпүйүөнэ Лхагвагэрэл Мунхтур диэн монгол бөҕөһүгэр 0:6 баһыйтарда. Монгол утарсааччыларын хотуталаан финалга таҕыста, инньэ гынан, үһүс миэстэ иһин хапсыһыыга узбек Хасанбой Рахимовы кытаанах хапсыһыыга, хас да очконан баһыйтаран иһэн, сөбүлүүр систээһин албаһын сатабыллаахтык туттан, охторон түһэрдэ, салгыы партерга эргиттэ уонна күүстээх утарсааччытын 7:6 кыайан, Азиятааҕы оонньуулар боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна.  Айаал Лазаревы үтүөлээх тренер Иван Николаевич Сивцев эрчийбитэ ыраатта. Инньэ гынан, Үөһээ Бүлүү Тамалакаанын күүстээх ыччата, Дьокуускай куорат 3-с №-дээх тустууга спортоскуолатын  иитиллээччитэ Айаал Лазарев бар дьонун улаханнык үөртэ. Сахабыт сирэ күүстээх, бухатыыр дьоннооҕун өссө төгүл итэҕэттэ. 

 

Физкультурнай хамсааһын 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна Дьокуускайдааҕы 3 №-дээх тустууга аналлаах оҕо спорт оскуолатын 25 сылыгар дьоһун бэлэх буолла!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...