Доҕордоһуу дьиэтигэр Национальнай култууралар күннэрэ ыытылынна
Ити күнү олохтооһун туһунан этиини Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, Ил Дарханы кытта көрсүһүүгэ, национальнай-култуурунай холбоһуктар, казачество уонна конфессиялар бэрэстэбиитэллэрэ киллэрбиттэрэ.
Тэрээһиҥҥэ Саха сирин национальнай-култуурунай холбоһуктарын, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар ассоциацияларын, СӨ Норуоттарын ассамблеятын, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин ыччат уонна айар кэлэктииптэрин көхтөөх бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Гаврил Кириллин, СӨ тас сибээстэргэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ:
- Бүгүн историческай суолталаах, улуу күн. Биһиги бары национальнай-култуурунай холбоһуктар лиидэрдэрэ көҕүлээн, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевка этии киллэрэн, бу бырааһынньык олохтонон, саҥа саҕалааһын туоһуларынан буоллубут. Өрөспүүбүлүкэҕэ 135 араас омук олорор, 70-тан тахса национальнай-култуурунай холбоһуктар, 165 итэҕэл тэрилтэлэрэ уонна казактар 10 уопсастыбалара бааллар. Кинилэр бары өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай национальнай политикатын биир кэлим инфраструктурата буолаллар. Бүгүҥҥү Национальнай култууралар күннэрэ Сахабыт сирин уонна улуу Арассыыйа норуоттарын тылларын, үгэстэрин, култуураларын харыстааһыны уонна үйэтитиини кэрэһэлиир.
Александр Подголов, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, СӨ байыаннай сулууспалаахтар, бэтэрээннэр уонна патриотическай иитии сис хамыыһыйатын уонна СӨ Норуоттарын ассамблеятын бэрэссэдээтэллэрэ:
- Ил Дархан Национальнай култууралар күннэрин олохтуур туһунан ыйааҕа национальнай култууралар өрөспүүбүлүкэбитигэр сүҥкэн оруоллаахтарын уонна норуоттар доҕордоһууларыгар дьоһун сыһыаны көрдөрөр. Чуолаан Саха сиригэр аан бастакынан маннык бырааһынньык баар буолбута үөрдэр.
Бырааһынньыкка чэй амсатыылаах быыстапката, норуоттар үгэс буолбут бырааһынньыктарын билиһиннэрии, араас омук бэрэстэбиитэллэрин сэлэлии хаамыыта, кэнсиэр буолла. Тэрээһини доҕордоһуу оһуохайа түмүктээтэ.