ДЬОҤҤО КӨМӨЛӨҺӨР АНАЛЛААХПЫН
“Гувернер” агентство 1993 сыллаахха Дьокуускай куоракка өҥөнү оҥорууга бастакы чааһынай тэрилтэ быһыытынан арыллыбыта. Бу 26 сыл устата үгүс үлэ ыытыллан кэллэ. Элбэх дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһааран, кыһалҕалаах үгүс дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөн, дьон-сэргэ махталын ылыан ылар.
Альбина Семеновна Дурьевалыын кэпсэтэн баран, биһиги ортобутугар үтүө санаалаах, дьоҥҥо амарах сыһыаннаах, чуолаан кыаммат, сытар кырдьаҕастары көрөр, бүөбэйдиир, ис санаатын ууран үлэлиир, харчы туһугар буолбакка, бу мин аналым эбит диэн санааҕа кэлбит киһи диэн сыаналаатым. Онон Альбина Семеновна аһаҕас кэпсээнин истиэҕиҥ. Кини “Гувернер” тэрилтэҕэ кырдьаҕастары көрөр-истэр.
ТУС БЭЙЭМ САНААБЫН АРЫЙАБЫН...
Медицинаҕа туох да сыһыана суох киһибин. Бастаан геолог, онтон учуутал идэтин ылан үлэлээбитим. Аҕыйах сыллааҕыта тирии ыарыыта буолбутум, дьон, уопсастыба ортотугар сатаан үлэлээбэт туруктаммытым. Ол эбэтэр альбинос курдук тириим маҥхайан барбыта, бээтинэнэн бүрүллүбүтэ. Онтон депрессиялаан, уопсастыбаттан тэйэн хаалбытым. Маннык туругу ыарыһах, ыалдьыбыт эрэ киһи өйдүүр. Эн ыарыыгар ким да наадыйбат, ким да болҕомтотун мин итэҕэспэр-быһаҕаспар уурбат. Бэйэм, дьиҥэр, муус доруобайбын, тугум да тэһэ кэйэн ыалдьыбат.
Онон кэлэктиипкэ, дьон-сэргэ ортотугар сатаан үлэлиир кыаҕа суох буолан, дьон хараҕын аалымаары, бу үлэҕэ кэлбитим. Ол кэннэ санаам тосту уларыйбыта: дьону хараанныыр, бүөбэйдиир олус чугас тиэмэм эбит, быраас буолуохтаах киһи хаалбыппын диэн. Бэйэм психолог быһыытынан оскуолаҕа үлэлээбитим, онон дьону тута өйдүүбүн, ылынабын, бу үлэлээбит түөрт сылым устата профессионал буоллум диэн билинэбин.
Бастаан көрө кэлбит дьонум туруктарын билсэбин, төһө сатыырбынан, кыайарбынан кэпсэтэн-ипсэтэн, итэҕэллэригэр киирэбин, бу бэйэтэ психологическай үлэ буолар. Олохтон баран эрэр дьон махталларын истэр ыарахан, ол эрээри тиһэх күннэригэр тугу эрэ туһалаабытым диэн бэйэбин уоскутунабын. Үлэлээбитим тухары 20-чэ киһи олохтон барбыта, биир 4 саастаах кыра оҕо баар этэ...
Көрбүт дьонум аймахтарын, оҕолорун кытта билигин даҕаны билсэбит, кэпсэтэбит, ыалдьыттаһабыт, бырааһынньыктарга ыҥыраллар. Икки сыл анараа өттүгэр тыҥа рага буолбут киһини көрбүтүм, кини бу олохтон бараахтаабыта. Аймахтара махтанан, бэйэм дьиэм-уотум суох буолан кыһалҕабын өйдөөн дьиэлэрин уларсан онно олоробун, онон кинилэргэ махталым муҥура суох.
Бу үлэҕэ амарах эрэ санаалаах киһи өр үлэлиир. Харчыны эккирэтэн кэлбит дьон уһаабыта ый эрэ буолуохтарын сөп, кыайбаттар, саллаллар. Биһиги уһуннук үлэлээбит дьон бэйэ- бэйэбитин кытта билсэ олоробут, дабылыанньаналарын, туруктарын, эмптэрин-томторун, тугу аһатарбытын эҥин сүбэ-ама бэрсэбит.
ПАЛААТА ДЬОНУН БАРЫЛАРЫН КӨРӨР ЭТИМ
Сыл аҥаарын быһа биир эмээхсини көрбүтүм, инсульт кэнниттэн үс сылы быһа сытар киһини. Зондалаах, катетердаах, саҥарбат даҕаны этэ. Хараҕынан эрэ чыпчыҥныыр, өйө баар. Билигин олох мөлтөөтө, соҕотох уоллаах, онон үлэтиттэн тохтоон, бэйэтэ көрө ылла.
Биһиги үлэбит сороҕор чааһа суох. Көрдөстөхтөрүнэ, түүннэри да көрөҕүн. Трахеостома диэн кыайан тыыммат буолаллар, ону уон мүнүүтэ буола-буола ыраастыахтааххын. Балыыһаҕа элбэхтэ үлэлээбитим, инсульт кэнниттэн сытар ыарыһахтарга. Дьиҥэр, анаммыт киһигин эрэ көрүөхтээх буоллаҕыҥ. Оттон паалатаҕа хастар даҕаны. Ону барыларын көрөрүм, барыларыгар көмөлөһөрүм, биир киһиэхэ харчы төлүүллэр диэн баран атын киһи өлөөрү сыттаҕына харахпын сабан кэбиһэрим мин майгыбар сөп түбэспэт, онон син биир көрөбүн, көмөлөһөбүн.
Билигин урут көрбүт-харайбыт дьонум бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, наадыйдахтарына наһаа элбэхтик төлөпүөннүүллэр, биһиэхэ кэлэн үлэлээ дииллэр, сорох ый үстүүтэ эҥин эрийэллэр.
ЫАРЫҺАХ КИҺИ ХАППЫРЫЫС БУОЛАР
Ыарыһах, көрөр дьонум бары да хаппырыыс буолаллар. Онтон билсиһэн истэххинэ, кинилэр итэҕэллэригэр киирэн, бэйэм уйулҕам чараас, кими баҕарар кытта уопсай тылы булар буоламмын, сотору өйдөһөбүт. Ыарыһахтар миигиттэн хаһан да аккаастамматахтара. Оттон элбэх кыргыттардаах, мааны, дьыалабыай буоллахтарына, сирэллэр-хайыыллар, бэйэлэрэ бириинчиктииллэр. Биирдэ-иккитэ кыргыттарын кытта уопсай тылы булбакка тохтуу сылдьыбытым. Онтон аны төттөрү кэлбэккин дуо диэн эрийэр түбэлтэлэрэ да баар буолар.
СИЭННЭРИН ЧУГАҺАППАТТАРЫН СӨҔӨБҮН
Биһигини төрөппүттэрин, дьоннорун интэринээккэ биэрбэт дьон наймылаһаллар, көрөр бириэмэлэрэ суох буолан, харчыларын харыстаабаттар. Быһаччы эттэххэ, кыахтаах, баай дьон.
Оттон төрөппүтү интэринээккэ биэрии, бастатан туран, иитииттэн дии саныыбын. Бу кэнники бэйэлэригэр “бумеранг” буолан эргийэн кэлиэн сөп. Дьиэҕэ таптанан иитиллибит оҕо ийэтин, аҕатын биэрбэтэ буолуо. Кыыһа суох дьон сорох уолаттара, аҕаларын бэйэлэрэ харайаллар, хоспис, интэринээт туһунан истиэхтэрин да баҕарбаттар. Иккис биричиинэнэн кийиит сыһыана. Мин үлэлиирим тухары көрдүм, кийииттэр диэн ыарахан дьон эбиттэр, көрсүбэттэр, харайсыбаттар, арай түөрт сыл үлэлээбитим тухары биир эрэ кийиити көрбүтүм, кэргэнин дьонугар тугу эрэ көмөлөһө, көрсө сатыырын. Кыыс оҕо ийэтин, аҕатын хаһан да биэриэ суоҕа, онон интэринээккэ түбэһэр дьон уолаттардаах эрэ, кийииттэр биитэр мин, биитэр кини диэн таллараллар дии саныыбын.
Аны кэтээн көрдөххө, сиэннэрин эһэлэриттэн, эбэлэриттэн наһаа тэйитэллэр, биир дьиэҕэ олорон хоско киирэ да сылдьыбаттар, биир да элэккэй оҕону көрбөтүм. Хайдах утуйда, тугу аһаата диэн ыйыппаттар даҕаны. Наһаа үчүгэй ыаллар баар буолааччылар, элэккэй, эйэлээх, ол да буоллар оҕолорун ыалдьыбыт киһиэхэ киллэрбэттэр. Оттон кырдьаҕастар барахсаттар наһаа күүтэллэр эбээт, хас биирдии сиэннэрин ааттарын ааттыы сытаахтыыллар, кэтэһэллэр. Онон эһээ, эбээ туһата ааста даҕаны, ыалдьыбыттарын кэннэ сиэннэрин чугаһаппаттарын сөҕөбүн.
ӨРӨБҮЛЛЭРБЭР ДА ДЬОММУН САНЫЫ СЫЛДЬАБЫН
Биһиги тэрилтэҕэ киирэргэ медицинскэй үөрэх ирдииллэр, анкета толоробут, усунуос төлүүбүт, медицинскэй көрүү ааһабыт. Онтон уопуттаах дьону тута ылаллар, уопута суох дьон бастаан ыарырҕаталлар, кэлин син үөрэнэн үлэлээн бараллар. Кырдьаҕастары көрүү таһынан ньээнньэлиэххэ, дьиэни-уоту хомуйуохха сөп. Кырдьаҕастары көрөргө уопуттаахтары, саастаахтары ыла сатыыллар. Ыарыһахтарбыт биһиэхэ үөрэнэн хаалаллар, кэлэргин-бараргын, уларыйаргын сөбүлээбэттэр.
Көрөр дьонуҥ оҕолоро барытынан хааччыйаллар, харчыларын төлөөн иһэллэр, сороҕор сытан баас буолбут дьону бэйэм ньымабынан эмтиэм диигин, онно ханнык маас наадатын барытын булан аҕалаллар.
Мин бэйэм зонда да уларытабын, укуол да туруорабын. Зонданы хирург эрэ уларытар, онно ыҥырдаххына 1500 төлүөххүн наада, ыарахан ыарыһахха наркотигы кытта укуоллуубун. Биллэн турар, быраас көҥүлүнэн, ырысыабынан, анал анкета толороҕун, ампулатын бырахпаккын, барытын отчуоттуугун.
Астарын бэйэм астаан аһатабын. Кырдьаҕас киһиэхэ барытын ньыһыйан, мээккэлээн биэрэҕин, аспытын сүбэнэн көрүнэбит, тугу сиэхтээҕин, сиэ суохтааҕын барытын быһаарабын, оҕолоругар эмиэ.
Өрөбүл кэнниттэн син үчүгэйдик көрбүт буолаллар. Атын киһи солбуйдаҕына, атын киһи илиитэ тута биллэр. Тугу эрэ сыыһа оҥорбут, туппут буолаллар, ол тута харахха быраҕыллар. Онтон өрөбүллээн икки хонон баран кэллэххинэ, сороҕор ырбыт курдук буолаллар. Онтон наһаа санаарҕыыбын, өрөбүллэргэ да куруук төлөпүөннэһэ сылдьабын, итини соттуҥ, маастаатыҥ дуо, тугу аһаттыгыт диэн. Ааны сабан таҕыстыҥ да, умнан кэбиспэккин, син биир саныы, өйдүү сылдьаҕын.
ЧААҺЫНАЙНАР КӨРҮҮЛЭРЭ БЫДАН ЫАРАХАН
Биһиги тэрилтэбит киһини көрүүтэ чааһа 120-130 солкуобай, чааһынайдарга туттардаххына, 150-200 солкуобай. Сорох кыахтаах дьон 250 да төлүүллэр. Онно эбии массаас, сэрээккэ оҥотторор буоллаҕына, элбэҕи төлүүллэр. Өрөбүлгэ уон бырыһыан, бырааһынньыктарга 20 бырыһыан эбиллэр.
ТҮМҮК САНААМ
Миигин ким даҕаны сиделка, хара үлэһит курдук көрбөт, сыһыаннара үчүгэй, үөрэхтээх диэн туттарбыттан-хаптарбыттан, кэпсэтэрбиттэн билэр буоллахтара. Сорохтору, нууччалыы эттэххэ, “встречают по одежке”. Дьон манна харчы сырсан киирбэттэр, биһиги эмиэ дьоммут, үлэһиттэрбит, боростуой дьиэ үлэһитин курдук, убаастабыллаахтык сыһыаннастыннар диэн этэбин. Миигиттэн бэйэбиттэн сүбэ-ама ылаллар, ыйыталаһаллар, убаастыыллар. Өскөтүн үлэһити ылбыт буоллахтарына, тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннастыннар, сатаабат да буоллахтарына үөрэниэхтэрэ, бастаан утаа куттаналлара баар суол, ону бу киһи сатаабат, атынна аҕалыҥ диир түбэлтэ баар буолар, биир-икки күнүнэн илиилэрэ-атахтара баран үөрэнэллэр. Тугу да сатаабат, аһы астаабат диэн хаппырыыстаналлар, манна ханнык да үөрэҕи ааспаппыт, дьон араас биричиинэнэн, сорохтор кыһалҕаттан кэлэр буоллаҕа. Мин, холобур, депрессияттан тахсан баран кэлбитим.
Миигин сирэйиҥ тоҕо манныгый диэн ыйыппаттар. Мин дьоҥҥо көмөлөһөбүн, үтүөтүк, амарахтык сыһыаннаһабын, массаастыыбын, көрөбүн-харайабын, сууйабын-тарыыбын. Бу, кырдьык, ыарахан үлэ. Ас астыырбын сөбүлүүбүн, онон киэһээҥҥи аһылыктарын дьиэлээхтэрбэр астаан тоһуйабын, бүгүн тугу бэлэмниибин диэн ыйытабын. Манна эбии туох да харчы көрдөөбөппүн.
Үгүс дьон үлэбитин сыаналыылларыттан үөрэбин. Бэйэбит да доруобуйабытыгар охсуулаах, сороҕор түүннэри-күннэри сылдьабыт, онон ылбычча киһи ылсыбат үлэтэ.
Бэйэм икки оҕолоохпун, биэс сиэннээхпин, кэргэним өлбүтэ 20-чэ сыл буолла. Оҕолорум Халымаҕа, Горнайга бааллар. Горнайдарым чугастар, онон көмөлөһө олоробун. Улахан сиэним Мединститут иккис кууруһун устудьуона, эбэтигэр кэлэ-бара сылдьар.
Күндү ааҕааччылары кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин. Бары доруобай буолуҥ, кырдьаҕас төрөппүттэргитин харыстааҥ. Кырдьыы, кыаммат буолуу барыбытыгар кэлэр, онон инникигитин санааҥ, эйэлээхтик, иллээхтик олоруҥ.