26.02.2020 | 13:02

Дмитрий КОНСТАНТИНОВ: “Саха ырыынага уратыны ирдиир”

Дмитрий КОНСТАНТИНОВ:  “Саха ырыынага уратыны ирдиир”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахалыы салфеткалары көрбүккүт дуо? Ааспыт өрөбүллэргэ биир маҕаһыыҥҥа киирэн, сахалыы ойуулаах салфетка баарын соһуйа да, үөрэ да көрдүм. Төһө даҕаны билигин полиграфия, хаартыска сайдан турдар, сахалыы ойуулаах салфетка суох этэ. Бу сонун суол ааптара –Дмитрий Констанитинов бүгүн биһиэхэ ыалдьыттыры.

КЭСКИЛИ САНААН, СУОЛУ ТОБУЛАН

Дмитрий «Саха тиссью» диэн дьоҕус бизнеһэ ырыынак кыра муннугуттан саҕаламмыта. Ыал аҕата буолан, кэмиттэн кэмигэр маҕаһыынтан аһылыкка туттуллар салфеткалары атыылаһар эбит. Ол сылдьан «тоҕо барыта омуктуу суруктааҕый, ойуулааҕый? Тоҕ сахалыы суолҕуй?» диэн толкуйга түспүт. Биир күн узбек, таджик омуктар оһуордарыгар майгынныыры «сахалыы» диэн ааттаан атыылыы туралларыгар түбэспит. Дьэ ол кэннэ доҕорун кытта  сүбэлэһэн баран, Кытайтан анал оборудование атыылаһан, салфетка бэчээттээһининэн дьарыктанан саҕалаабыттар.

  • Бастакы улахан сакаас “Чороон” банкеттыыр саала хаһаайыныттан киирбитэ. Сонно тута “киһи ылсан үлэлээтэҕинэ син дохуоттаныан сөп эбит ээ” диэн эгди буола түспүппүт. Уонна олохтоох эдэр урбаанньыттары өйүүр бизнес-инкубаторга хос уларсан, бастакы хардыыларбытын оҥорон барбыппыт, - диэн кэпсэтиибит саҕаланар.

Биллэн туран, полиграфияҕа букатын сыһыана суох киһи биир күн турда даҕаны салфетка оҥорон, ойуу бэчээттээн барбат буоллаҕа. Дмитрий бэйэтэ бу иннинэ дизайнер, оператор, монтажер, художник быһыытынан үлэлээбит элбэх уопуттааҕа көмөлөстөҕө.

БАРЫТА КЫРАТТАН САҔАЛАНАР

  • Биир сыл дойдубар Дьөппөҥҥө кыстыырдыы бардым. Манна үлэлээн көрөн баран,  хамнас кыратыттан дьиэ ис-тас үлэтин өрө тардардыы, дойдубар тиийдтим. Биир сарсыарда ийэм дьиэтин сууйаары гыммытыгар, муоста сууйар сиппиирбит алдьанан хаалбыт. Онон ийэбэр сылгы сиэлиттэн сиппиир оҥоорон биэрдим. Биир сарсыарда сэргэстэһэ олорор таһаара ыалбыт ийэлэрэ киирдэ. Мин оҥорбун сиппиирбин хайҕаата уонна миэхэ эмиэ оҥорон биэр диэн көрдөстө. Кыра харчы төлөөтө. Бу маннык буоллаҕына, дьон атыылаһыыһы дии санаатым. 10-ча устууканы таһараа ыалларбар атыылаан кэбистим. Сааһыары, айылҕаны көрө таарыйа, аппар олорон тыаҕа таҕыстым. Арай көрдөхпүнэ, талах бөҕөтө турар, сиппиирбин уктаататахпына өссө үчүгэй буолсу диэммин, талах  быһан киллэрдим. Билигин, кистээбэккэ эттэххэ, дэриэбинэ барыта мин сиппиирбинэн туттар буолуохтаах. Кэлин киһини барытын сиппиирдээн кэбиһэн, сакаас тохтообута.

МАҤНАЙГЫ ХАРДЫЫТТАН САҔАЛАНАР

Бу салфеткалары оҥорорго төһө үп наада буолар эбитий ? Харчылаах эрэ киһи ылсар дьыалата быһыылаах...

  • Кистээбэккэ эттэххэ, бастаан тэринэрбэр 2 мөл. солк. бараабытым. Кредит ылбытым. Аны Кытайтан аҕалыы ороскуота манна аҕалан анал үөрэхтээх исписэлиистэргэ холботторуу эҥин элбэх буоллаҕа. Дьиҥэр, салфетка оҥорор обородувание Арассыыйаҕа да атыыга баар эрээри, сыаната быдан ыарахан этэ. Билигин даҕаны Кытайтан инженер кэлэн бэрэбиэркэлээн барар, ол ороскуотун эмиэ бэйэбит уйунабыт..
  • Туох кумааҕыттан оҥороҕут?
  • Новосибирскайтан бэлэм, быһыллыбыт кумааҕыны кууһунан атыылаһабыт. Кумааҕыларбыт, боростуойдук эттэххэ, «полуфабрикат” буолаллар. Барыта Арассыыйаҕа оҥоһуллар буолан, сыаната хаачыстыбатыгар эппиэттиир. Холобура, маҕаһыыҥҥа атыыланар чэпчэки сыаналаах салфетка начаас тэстэн хаалар дии, биһиэнэ оннук буолбатах.  
  • Оттон оһуорун хайдах түһэрэҕит?
  • Билиҥҥитэ наар биир ойууну туттабыт. Оборудованиебытын 100 кыраадыска тиийэ сылыйан, ойуубутун хайдах баарынан бэчээттээн кэбиһэр. Сылыппакка  эрэ түһэрдэхпитинэ, барыта сууруллан тахсар.
  • Оттон киһи бэйэтин эмблемэтин түһэрэр кыахтаах дуо?
  • Түһэрэр кыахтаах бөҕө буоллаҕа. Ол эрэн биһиги үлэбит ыараан тахсар. Холобура, күҥҥэ биир тыһыынча салфетканы сахалыы оһуордаах түһэрэр буоллахпытына, анал сакаасчыт ойуутунан күҥҥэ 100 эрэ салфетка бэчээттэнэр.
  • Дохуот төһө киирэр эбитий?
  • Бизнес – улахан эндирдээх суол: бүгүн ат уорҕатыгар, сарсын ат өрөҕөтүгэр буолуохха сөп. Оттон кини хайаан да харчыны эргитэн дохуот киллэриниэхтээх, барыыс ылыахтаах. Төһө кыалларынан барыыс улахана үчүгэй. Дьэ, манна киһи төһө атыы ырыынагын, экономиканы, социологияны, психологияны, маркетинговай ньымалары, о. д. а. билэрэ наада.
  • Саха сиригэр  производствоҕа сайдыы баар дуо?
  • Сайдыы, дьиҥэр, баар. Киһи барыта хара үлэни оҥоруон баҕарабат, киһи барыта кыайбат, онон ким эрэ производствонан дьыарыктаныахтаах. Манна биһиги сахабыт сиригэр  улахан собуоттар, фабрикалар үлэлииллэрэ буоллар, нэһилиэнньэ үлэҕэ сыстыа этэ. Кистэл буолбатах, билигин дьон үлэ суох диэн баран олорор, бу дьоҥҥо туһаайан үлэ хаһан баҕар баар диэн этиэм этэ. Тыа да сирин сайыннарарга судаарыстыба баһаам өҥөнү оҥорор. Эдэр дьон киирэн-тахсан, көрөн-истэн, барытыгар ылсан иһиэхтэрин наада. Оччоҕуна эрэ биһиги дойдубут сайдыа, нэһилиэнньэ үлэлээх буолуо этэ.

САЛФЕТКАНАН ЭРЭ МУҤУРДАММАТ

Психологтар олоххутун, үлэҕит хайысхатын сөп буола-буола уларытыҥ диэн сүбэлииллэр. Оччотугар олохтон дуоһуйууну ылыы улаатар эбит.

Дмитрий салфетка оҥоруутун таһынан киинэ устан, монтаажтаан, эбии дохуот киллэринэр эбит.

— Билигин ырыынак эйгэтигэр олоробут, Саха сиригэр уонна атын да куораттарга барытыгар оптимизация диэн олоххо киирдэ. Хас биирдии бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлиир киһи эбии дохуот киллэринэр буолла. Олохпут күн сарсын уларыйан хаалыан сөп, онно нэһилиэнньэ бэлэмнээх буолуон наада. Кыайар буоллахха, онно бизнес тирэх буолуон сөп. Мин, холобура, киинэ устабын. Өр сыллар тухары киинэ, телеведение эйгэтигэр үлэлээбит буоламмын, уопутум баһаам. «ДетСАТ” айар бөлөх киинэлэрин устубутум, билигин даҕаны сакаас киирэ турар.

Устуу үлэтин биир ыйынан бүтэрбэппин. Киинэни сылы-сыллаан устабыт, онтон таҥыыта, оҥоруута элбэх бириэмэни ылар. Ол эрээри киинэ устуу диэн ыарыы курдук, биир-икки ый сынньаммыта буолан баран, эмиэ хамсаныаххын, тугу эрэ толкуйдуоххун, устуоххун баҕарбытынан бараҕын. Ардыгар тыаҕа дьоммор тахсан сынньаныахпын баҕарааччыбын, аны оччотугар үлэ барыта тохтуур, ыһыллыахча буолар. Эдэр эрдэхпинэ, кыаҕым баарына үлэлии сатыыбын. Онон салфетка эрэ оҥорор буолбатахпын диэн этэбин.

Дмитрий, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Үлэҥ-хамнаһын тахсыылаах буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...