20.01.2023 | 13:12

Дмитрий Давыдов: «Эдэр саас» киинэ силискин-мутуккун кэрдимэ!» диэн сэрэтэр

Аммаҕа олорон үлэлиир-хамсыыр режиссер, сценарист, продюсер Дмитрий Давыдов туһунан истэн аһарбатах киһи Саха сиригэр, бука, суоҕун кэриэтэ буолуо.
Дмитрий Давыдов: «Эдэр саас» киинэ силискин-мутуккун кэрдимэ!» диэн сэрэтэр
Ааптар: Яна Байгожаева
Бөлөххө киир

Тохсунньу 19 күнүттэн Саха сирин уонна Арассыыйа бөдөҥ куораттарын киинэ тыйаатырдарыгар Дмитрий Давыдов «Эдэр саас” диэн саҥа киинэтэ тахсаары турар. Бу кини Арассыыйа үрдүнэн быракаакка тахсар толору миэтирдээх (полнометражнай) бэһис уус-уран киинэтэ.

Аан маҥнайгытын кини киэҥ эйгэҕэ «Костер на ветру” диэн драма жанрдаах киинэтинэн 2016 сыллаахха биллибитэ. Киинэтигэр оруоллары идэтийбит артыыстар буолбакка, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара, бэйэтин биир дойдулаахтара оонньообуттара. Оччолорго тыа оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлии сылдьар 33 саастаах эдэр киһи устубут киинэтэ Канада Торонто куоратыгар ыытыллыбыт ImagineNative норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин «Best Feature Drama» номинацияҕа     Гран-при уонна да атын Арассыыйатааҕы уонна Саха сиринээҕи күрэхтэргэ бэлиэтэммитэ. Киинэ сүрүн дьоруойа Игнат оҕонньор соҕотох уолунаан олорор дэриэбинэтигэр убаастанар, туруу үлэһит киһи. Биирдэ уола тэҥҥэ аһыы-сии сылдьан, алҕас, бииргэ үөскээбит доҕорун тыыныгар туран, хаайыы киһитэ буолар. Онтон ыла икки аҕа ардыгар сытыы утарыта турсуу саҕаланар. Дмитрий Давыдов бастакы, дьон-сэргэ болҕомтотун тардыбыт киинэтэ аҥаардас биир сыыһа туттунууттан тахсыбыт иэдээн киһи дьылҕатын алдьатарын, түҥнэри түөрэхтиирин, аньыы-хара сэттээҕин-сэлээннээҕин, буруйу боруостуу сатааһын, киһи барахсан син биир дьолго, сырдыкка дьулуһуутун туһунан сэһэргиир.    

Онтон  режиссер 2019 сыллаахха тахсыбыт «Ийэкээм” (“Нет бога кроме меня”) диэн эмиэ драма жанрдаах киинэтигэр Саха тыйаатарын артыыстара Петр Садовников уонна Зоя Багынанова сүрүн оруоллары бэрт итэҕэтиилээхтик оонньообуттара. Киинэҕэ 40-гар чугаһаабыт Руслан, куоракка олорор кэргэниттэн арахсарга, оҕолоруттан тэйэргэ күһэллэн, 70-нугар  түөһэйбит, эмтэммэт Альцгеймер ыарыылаах ийэтин көрөөрү-истээри, тыаҕа көһөн тахсан, саҥа олоҕу саҕалыы сатыыра көрдөрүллэр. Ийэтэ күн аайы ыарыыта ытарчалыы хам ылан, бэргээн иһэр, сотору кэминэн төрөппүт оҕотун билбэт буолар, бэйэтэ кимин-тугун кытары умна быһыытыйар. Уол ийэтин оҕо курдук бүөбэйдиир, кини олоҕун чэпчэтэ, тупсара сатыыр. Ити оруолун иһин Дмитрий Садовников Выборг куоракка буолбут «Окно в Европу» киинэ бэстибээлигэр «Эр киһи бастыҥ оруола” номинацияҕа анал бирииһи ылбыта.

Дмитрий Давыдов саамай сүдү ситиһиилээх «Пугало» диэн киинэтэ 2020 сыллаахха Арассыыйа биир саамай дьоһун «Кинотавр» бэстибээлигэр Гран – прины, ону сэргэ Даниил Дондурей аатынан Киинэни үөрэтээччилэр уонна кириитиктэр гилдьияларын бирииһин ылан, саха киинэтин саҥа үктэлгэ таһаарбыта, аар саарга аатырдыбыта. Ити бэстибээлгэ “Пугало” сүрүн оруолун оонньообут биллиилээх саха этно ырыаһыта Валентина Романова – Чыскыырай “Бастыҥ дьахтар оруола” бириискэ тиксибитэ.  “Пугало” – ойдомнук олорор эрээри, дьоҥҥо өрүү көмөлөһөр отоһут дьахтар туһунан киинэ. Киниэхэ улахан дьон тоҥуйдук сыһыаннаһар, оҕолор киниттэн куттаналлар. Ол гынан баран, ыксал тирээтэҕинэ, алдьархай ааҥнаатаҕына, барар-кэлэр сирэ суох буолбут дьон уора-көстө киниэхэ көмө көрдөһө кэлэллэр. Бу дьоҕура киниэхэ ыар сүгэһэр кэриэтэ, дьон эрэйин-муҥун барытын бэйэтин нөҥүө аһардар, кыһалҕалаахтары олоххо төннөрөр ураты күүстээх эрээри, бэйэлээх бэйэтигэр сатаан көмөлөһөр кыаҕа суох, туох эрэ кистэлэҥнээх, онто бэйэтин дьон туһугар толук гынарга күһэйэр.

Көстөрүн курдук, режиссер, сценарист Дмитрий Давыдов бэйэтин киинэлэригэр өрүү киһи киһиэхэ сыһыанын, олох уустук өрүттэрин, сытыы социальнай кыһалҕалары таарыйар.   

Онтон бу саҥа «Эдэр саас” киинэтэ туох туһунан эбитий?

40-чатыгар чугаһаабыт сүрүн дьоруой Бааска, сүүрбэччэ сыл куоракка сүтэ сылдьан баран, төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтигэр төннөр. Дьоно күн сириттэн күрэммиттэрэ ырааппыт, эргэ мас дьиэтэ-уота өтөхсүйэ сыспыт,  бииргэ үөрэммит оҕолоро түспэтийэн, оҕо-уруу, үлэ-хамнас, быр-бааччы олороллор. Арай тэҥ саастыылаахтарыгар холоотоххо, кини эрэ ускул-тэскил олохтоох, булкулла-тэлкиллэ, муна-тэнэ сылдьаахтыыр. Дойдутугар букатынныы олохсуйар сырдык ыралаах эрээри, ол кыаллыа дуо? Бааска оруолун Саха тыйаатырын эдэр артыыһа Альберт Алексеев толордо. Бу Альберт киинэҕэ бастакы сүрүн оруола. Дмитрий Давыдов бэйэтэ билинэринэн, киинэ «Хардыы” рок-бөлөх ырыаларын сабыдыалынан айыллан уһуллубут. Инньэ гынан, “Эдэр саас” киинэҕэ «Хардыы” 6-8 ырыата киирэн үйэтитилиннэ.

Соторутааҕыта Москуба куоракка «Каро. Октябрь” киинэ тыйаатырыгар буолбут тэрээһиҥҥэ Дмитрий Давыдов маннык диэн этэн турардаах: “Киинэлэрбин Саха сирин уонна сахалар тустарынан курдук ылынан бүтэргит буоллар. Мин, дойдутуттан уонна омугуттан тутулуга суох, бүттүүн киһи аймахха сыһыаннаах өйдөбүллэри көтөҕөбүн, ону киинэлэрим нөҥүө дьоҥҥо тиэрдэ сатыыбын».

Давыдов итинник этэрэ оруннаах курдук. Сорох дьон кинини тоҕо наар олох хараҥа өртүн көрдөрөрүй, бэл, биһигини – сахалары намтата, баһааҕырда сатыыр, учуутал эрээри тоҕо итинник киинэлэри устарый, айымньылара туох да үчүгэйгэ үөрэппэттэр диэх курдук, буруйдуу сыһалларын хаста даҕаны истэн турардаахпын. Бу саҥа тахсыбыт «Эдэр саас” киинэтигэр аналлаах пресс-кэмпириэнсийэҕэ итинник хабааннаах этиилэри истэн баран, мин кэтээн көрдөхпүнэ, Дмитрий сүрдээх холкутук хардарбыта. Кини этэринэн, “Эдэр саас” киинэ ыччаты дойдугуттан тэйимэ, силискин-мутуккун кэрдимэ, дьалхааннаах сиргэ талаһан, чэпчэки олоҕу батыһан,  инникигин сарбыйыма диэн сэрэтэр. Өссө биир, туораттан көрдөххө, оччо айылаах улахан суолтата суох курдук эрээри, биир бэйэм бэлиэтии көрбүт түгэммин эбэн этиэхпин баҕарабын. Ол курдук, киинэ тахсыан иннинэ «Хардыы” рок-бөлөх солиһа, төрүттээчитэ Гаврил Колесов-Ганнибал Надежда Ильинаҕа биэрбит интервьютугар инструменнааҕым буоллар, ырыа бөҕө айыам этэ диэн аһарбыт. Ол интервьюну Дмитрий Давыдов ааҕан баран (сахалыы өйдүүр), тута, ол күнү уталыппакка, Амматтан куоракка харчы ыытан, Ганнибалга добуоччу сыаналаах гитара бастыҥын ыллартарбыта. Ол бэлэҕин Дмитрий Давыдов киинэ премьератыгар Гаврил Колесовы ыҥырыылаах күндү ыалдьыт оҥорон, тус бэйэтин көрсөн, махтанан туран, бар дьонун иннигэр үөрдэ-көтүтэ туттарар баҕа санаалаах. 

Онон дьэ, күндү ааҕааччы, “Эдэр саас” киинэни кэлэн көр, сыаналаа уонна бэйэҥ санааҕын үллэһин. Элбэхтэ истибиттээҕэр, биирдэ көрбүт ордук! 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...