Дистанционнай үөрэх олунньу 15 күнүгэр диэри уһаата
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын оскуолаларыгар Дистанционнай үөрэх олунньу 15 күнүгэр диэри уһатылынна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Итинник быһаарыы санитарнай-эпидемиологическай хамыыһыйа мунньаҕар ылыныллыбыт.
«Эпидемиологическай быһыы-майгы мөлтөөбүтүнэн сибээстээн, куорат уопсай үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин бары кылаастара олунньу 15 күнүгэр диэри дистанционнай көрүҥүнэн салгыы үөрэнэллэр», —диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Дьокуускайдааҕы үөрэҕирии Управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов эппитинэн, төрөппүттэр сөбүлэһэр буоллахтарына, 9-с уонна 11-с кылаастар үөрэнээччилэрэ дьоҕус бөлөхтөрүнэн Уопсай Судаарыстыбаннай уонна Биир Кэлим Эксээмэннэргэ, ону сэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын түһүмэхтэригэр бэлэмнэниигэ сылдьыахтарын сөп.