05.04.2021 | 10:03

Диспансеризацияны ааһаргын умнума

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт 2020 сылга дойдуга коронавирус сыстыганнаах дьаҥа туран, сылын аайы нэһилиэнньэҕэ ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы диспансеризация тохтотулла сылдьыбыта.

Куорат поликлиникалара, балыыһалар коронавируска хаптарбыт ыарыһахтары эмтиир, көрөр-истэр түбүккэ түспүттэрэ. Бу сылга киирэн баран, коронавирус ыарыы уҕараабытынан поликлиникалар, балыыһалар урукку эрэсиимнэригэр киирэн, былааннаммыт эмтэниилэр, ону таһынан диспансеризация кэмигэр ыытыллар туруктаннылар.

Диспансеризация ыарыыны сэрэтэр медицинскэй бэрэбиэркэ, ол эбэтэр нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстыыр биир сүрүн хайысха буолар.

2021 сылга диспансеризацияны бу сылларга төрөөбүт дьон ааһаллар:

- 1982, 1985, 1988, 1991, 1994, 1997, 2000, 2003 уонна 40 саастарын ааспыт дьон (2019 сыл, ыам ыйын 16 күнүгэр тахсыбыт Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран).

  Урукку сылларга 40 саастарын ааспыт дьон икки сылга биирдэ диспансеризацияны барар эбит буоллахтарына, саҥа ирдэбилинэн сылын аайы медицинскэй көрдөрүүнү ааһар кыахтаннылар. Бу саастаах көлүөнэ доруобуйата куруук чөл буоларыгар болҕомто ууруллар.

Диспансеризация икки түһүмэҕинэн ыытыллар:

- 1-кы түһүмэх. Уопсай туруккунан толору ирдэниллэр медицинскэй көрүүнү ааһаҕын.

- 2-с түһүмэх. Диспансеризация түмүгүнэн киһиэхэ друобуйатыгар кэһиллии баар буоллаҕына, терапевт быраас тустаах ыарыһаҕы анал идэлээх быраастарга ыытан, бу киһи чуолкай диагноһын туруортарар. Онон көрөн ыарыһах сөптөөх эмтэниини ааһыан сөп.

Диспансеризацияны ааһарга ирдэниллэр сүрүн докумуоннар:

- Пааспар

- Полис

- Страховой пенсионнай сибидиэтэлистибэ (СНИЛС)

- ФЛГ түмүгэ

Кимнээх диспансеризацияны ааһыахтаахтарый?

- 18-тан 39-гар диэри саастаах дьон үс сылга биирдэ профилактическай (ыарыыны сэрэтэр) көрдөрүүнү ааһыахтаахтар.

- Саҥа быраабыланан 40 саастарын ааспыт дьон сылын аайы диспансеризацияны ааһыахтаахтар.

- Маннык медицинскэй көрүүнү ааһаҕын: флюорография, смотровой кабинет, маммография, терапевт быраас, “узкай” специалистар.

- Хас биирдии  куорат олохтооҕо олорор сиринэн, киниэхэ сыһыарыллыбыт поликлиникаҕа көрдөрөр бырааптаах. Поликлиникаларга профилактика отделениета күн аайы сөптөөх эрэсииминэн үлэлиир.

Билсэр төлөпүөҥҥүт: 8-800-234-34-46

Хос быһаарыы:

- РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин 2019 сыл кулун тутар 13 күнүнээҕи 124н №-дээх бирикээһинэн 18-тан 39-гар диэри саастаах үлэлиир, үлэлээбэт дьон уонна үөрэнэр устудьуоннар диспансеризацияны 3 сылга биирдэ ааһыахтара, оттон 40-тан аҕа саастаах дьон сыл аайы көрдөрүөхтэрэ. Быраастарга көрдөрөр уочарат кэлбитин туһунан ОМС полиһын биэрбит страховой  хампаанньа хайаан да иһитиннэриэхтээх.

Профилактическай көрүүгэ туох туһуланарый?

- Бастатан туран, көрдөрүнэ кэлбит киһиэхэ анал анкета толоруллар.

- Ол кэнниттэн антропометрия ыытыллар.

- Дабылыанньатын кээмэйдииллэр.

- Хааҥҥа уопсай холестерин таһымын быһаарыы.

- Аччык искэ хааҥҥа глюкоза таһымын быһаарыы.

- Тыҥа флюорографията (2 сылга биирдэ).

- Электрокардиография.

- Харах дабылыанньатын кээмэйдээһин (маннык процедураны 40-тан үөһэ саастаахтар сылга биирдэ хайаан да көрдөрүөхтээхтэр).

- Гинеколог бырааска көрдөрүү. Манна сааһыттан тутулуга суох медицинскэй көрдөрүү ыытыллыахтаах.

- Маммография. 40-75 саастаах дьахталлар икки сылга биирдэ көрдөрүөхтээхтэр.

- ПАП-тест, үс сылга биирдэ 18-64 саастаах дьахталлар мазоктарын чинчийии.

- Хааҥҥа простат-специфическэй антигеннары (ПСА) быһаарыы (45, 50, 55, 60 уонна 64 саастаах эр дьоҥҥо). Бу простата былчархайын искэн ыарыытыттан сэрэтэргэ туһалыыр.

- Иммунохимическай ньыманан оһоҕос хаанырыытын быһаарар анаалыс, 40-64 саастаах дьахталларга уонна эр дьоҥҥо икки сылга биирдэ, 65-75 саастаахтарга сылга биирдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....