Дьиэтэ-уота суох дьон биэнсийэ ылыа дуо?
РФ Бырабыыталыстыбата ыам ыйын 1 күнүгэр диэри түптээн олорор сирэ, дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо биэнсийэни хайдах төлүөххэ сөбүн туһунан идиэйэлэри киллэриэхтээх. Сайын Голикова Арассыыйаҕа дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо анал реестр тэрийэр туһунан этии киллэрбитэ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа олорор дьиэтэ-уота суох дьону регистрациялыыр этиини оҥороллоругар, ону таһынан кинилэргэ биэнсийэ төлүүллэригэр уонна медицинскэй көмө оҥороллоругар эппитэ. Бу туһунан Кремль сайтыгар иһитиннэрэллэр.
Сорудахха этиллэринэн, бырабыыталыстыба уонна региональнай уорганнар толоруулаах былаастара маннык дьону хайдах регистрациялыахха сөбүн туһунан идиэйэлэри, этиилэри, ону таһынан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр биир кэлим порталларыгар киллэрэри уонна кинилэр биэнсийэ ылар, доруобуйаларын харыстыыры хааччыйары олоххо киллэриэххэ сөбүн туһунан.
Маны таһынан дьиэтэ суох дьоҥҥо социальнай көмө оҥорор коммерческайа суох тэрилтэлэр (НКО) эбии миэрэ ылар туһунан этии киллэриэхтээхтэр.
Бэрэсидьиэн сорудаҕын толорууга эппиэтинэстээҕинэн дойдубут премьер-миниистирэ Михаил Мишустин уонна Арассыыйа субъектарын үрдүкү дуоһунастаах сирэйдэрэ ананнылар. Кинилэр этиилэрин ыам ыйын 1 күнүгэр диэри киллэриэхтээхтэр.
2021 сыл от ыйыгар вице-премьер, социальнай эйгэҕэ попечительство боппуруостарыгар Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Татьяна Голикова, ИДьМ уонна Үлэ министиэристибэтигэр “ханна да олорор сирэ суох гражданин” диэн өйдөбүлү чуолкайдыылларыгар уонна маннык ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо эбии миэрэлэри ылыы туһунан дьүүллэһэллэригэр эппитэ.