Дьиэлэнии бырагырааматыгар 354 мөл. көрүлүннэ
Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга быйыл 354,7 мөл. солк. көрүлүннэ диэн СӨ Тутуу министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Бырагыраамаҕа 35 саастарын туола илик эдэр дьон кыттыыны ылаллар. Кинилэр олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарыыга наадыйар уонна дьиэ орто сыанатын уйунар дохуоттаах буолуохтаахтар. Бырагыраамаҕа кыттарга дьиэ кэргэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар сайаапка түһэрэр.
Өйөбүл бырагырааматын кыттыыллаахтара 400 тыһыынчаттан саҕалаан 2 мөлүйүөҥҥэ диэри, дьиэ кэргэн дьонун ахсааныттан көрөн, ылыахтарын сөп. Харчынан бэриллэр субсидияны ипотека кирэдьиитин ыларга бастакы төлөбүр быһыытынан, ипотека сүрүн иэһин эбэтэр бырыһыанын сабарга, саҥа дьиэни туттарга туһаныахха сөп.
Быйылгы 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 354,7 мөл. солк. көрүлүннэ, бу суума өрөспүүбүлүкэбит 33 улууһун 373 дьиэ кэргэнигэр көмө буолуохтаах.
Олорор усулуобуйаларын тупсарыан баҕалаахтар халыҥ испииһэктэригэр Ленскэйгэ - 36 кыттааччы, Аммаҕа – 32 дьиэ кэргэн, Дьокуускайга – 30 ыал киирбиттэр.