Дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарар суолу тобулбуттар
Ол курдук, от ыйын 31 күнүгэр бэнидиэнньиктээҕи былаанныыр мунньахха куорат баһылыга Евгений Григорьев 17-с кыбаартал территориятыгар маневреннай пуонда буолар аналлаах дьиэлэри тутар былаан баарын туһунан иһитиннэрдэ.
«Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлээхтэри быстах кэмҥэ олордорго анаан 9 мэндиэмэннээх дьиэни тутуохпут. Дьиэ маҥнайгы этээһигэр полиция пууна олохтонуоҕа. Онон туһааннаах сулууспалар ити түгэни бырайыакка киллэриҥ», - диэтэ баһылык.
Евгений Николаевич полиция пуунугар помещение төлөбүрэ суох бэриллэрин эттэ. Оттон баһаартан, халаан уутуттан, араас олох очуруттан эмсэҕэлээбиттэри, саахалланар туруктаах дьиэлээхтэри быстах кэмҥэ олордор куорат бүгүҥҥү маневреннай пуондата кыһалҕалааҕы барытын батарар кыаҕа суоҕун ааһан, бэл, кыһалҕалаахтар куорат кииниттэн тэйиччи диэн аккаастаналларын бэлиэтээтэ. Түмүккэ Евгений Григорьев аччаабыта икки тоҕус этээстээх дьиэ тутуллара ирдэнэрин эбэн эттэ. Оттон сакаасчытынан «Территориялары сайыннарыыга агентство» муниципальнай тэрилтэ буолуоҕа.