04.11.2020 | 16:54 | Просмотров: 569

Дьиэ кыылын ыстырааба өссө үрдүөҕэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьиэ кыылын иитии быраабылатын кэһии иһин ыстараабы үрдэтии туһунан уураах бырайыагын өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата ылынна.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ветеринария Департаменын салайааччытын солбуйааччы Саргылана Павлова бастакы кэһии иһин ыстараабы 500 солкуобайтан 1000 солкуобайга диэри үрдэтэр туһунан, онтон иккистээн ыстарааптанар түгэҥҥэ — 3000 солкуобай оҥорор тоҕоостооҕун иһитиннэрдэ.

«Полиция уорганнарыттан кэлэр матырыйааллар дьиэ кыылларын хаһаайыттара накаастамматтарын туһунан этэр», — диэтэ ветринария Департаменын салайааччыта.

Бэлиэтээн эттэххэ, дьиэ кыылын иитии быраабылатын өрөспүүбүлүкэҕэ өссө 2017 сыллаахха бырабыыталыстыба бигэргэппитэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.