08.12.2022 | 11:00

Дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ 880 мөл. солк. тахса туһуланна

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ 880 мөл. солк. тахса туһуланна диэн өрөспүүбүлүкэ миниистирдэрин кэбиниэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ 880 мөл. солк. тахса туһуланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үбүлээһин сорох чааһа анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна чугас аймахтарыгар 200 тыһыынча солкуобай суумалаах биир төгүллээх төлөбүргэ ыытылынна. Бүгүҥҥү күҥҥэ төлөбүрү үгүс киһи, СӨ тас өттүгэр хантыраак түһэрсибит байыаннай сулууспалаахтартан ураты, ыллылар.

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 7,5 мөл. солкуобайтан тахса 984 5-11 кылаас үөрэнээччилэрин босхо итии аһылыгынан хааччыйыыга барда, оҕолор төрөппүттэрэ – анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара.

2022 сыл балаҕан ыйыттан ахсынньы ыйыгар диэри 840-тан тахса оҕо төрөппүтэ төлөбүртэн босхолонно, бүддьүөттэн ороскуоту уйунууга 6,3 мөл солкуобай көрүлүннэ.

Байыаннай сулууспалаахтар оҕолорун лааҕырдарга сынньатар босхо путевкаҕа 880-тан тахса сайаапка киирдэ.

Өйөбүл миэрэтинэн байыаннай сулууспалаахтар устудьуон оҕолоро эмиэ туһаналлар. Ол курдук, ахсынньы 5 күнүнээҕи туругунан, тус сыаллаах үөрэниигэ 102 сайаапка киирдэ. 152 орто анал уонна 69 үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннара үрдэтиллибит социальнай стипендияны ылаллар.

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ бааһырбыт гражданин эмтэнэ сытар сиригэр барыыга биир төгүллээх төлөбүрүнэн 18 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ уонна чугас аймахтара туһаннылар.

4,8 тыһыынчаттан тахса киһи психологическай көмөнөн хабылынна, 35 байыаннай сулууспалаах өрөспүүбүлүкэ медицинскэй тэрилтэлэригэр эмтэннэ, 2 киһи чөлүгэр түһүүнү ааста, 29 – ааһар.

Байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрэ санаторнай-курортнай эмтэниинэн туһаныахтарын сөп, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара 2022 сылга тырааныспар нолуогуттан босхолоннулар, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар олорор дьиэлэригэр гаас холботуохтарын сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...