09.07.2024 | 13:28

Дьиэ кэргэн уонна оҕолонуу статистика хараҕынан

Дьиэ кэргэн уонна оҕолонуу статистика хараҕынан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн Судаарыстыбанннай статистика Саха сиринээҕи территориальнай салаата кэккэ түмүктэри таһаарда.
Ол курдук, Сахастат пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, 2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 5568 ыал эбиллибит, дьиэ кэргэн тэринэргэ санаммыт эр дьон орто сааһа – 24, кэрэ аҥаардар – 25. Оттон эр-ойох буолууга сөптөөх кэминэн сайыҥҥы өттүгэр бэс ыйын, кыһын ахсынньы ыйы ордороллоро бэлиэтэммит. Бу ыйдарга ордук элбэх ыал үөскээбит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ оҕо төрөөһүнүнэн (1000 нэһилиэнньэҕэ) Уһук Илиҥҥэ – бастакы, Арассыыйаҕа ахсыс миэстэҕэ турар. Ааспыт 2023 сылга төрөөбүт оҕо 28% – дьиэ кэргэн бастакы оҕото, эмиэ итиччэ оҕо ыал иккис оҕотунан күн сирин көрбүт. 
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйбутун курдук, ЗАГС чахчытынан, 2024 сыл аҥаарыгар Саха сиригэр 5 318 кырачаан күн сирин көрбүт, ол иһигэр: 2 656 уол уонна 2 662 кыыс. Аҥаардас бэс ыйыгар 911 оҕо төрөөбүт: 474 уол уонна 437 кыыс.
Бэс ыйыгар төрөөбүт уолаттары сүрүннээн Тимур, Эркин, Мирон, Арылхан, Артём, Сайаан, Роман, Эрэл, Александр, Виктор, Алексей, Лев, Максим уонна Дмитрий диэн сүрэхтээбиттэр.
Сэдэх уонна ураты ааттарга Лев Альберто, Ариан, Милан, Илёс, Моруот, Алиан, Диас, Гордей киирсэллэр.
Оттон кыыс оҕолору саамай элбэхтик София, Сайаана, Ева, Кэрэли, Амелия, Оливия, Аделина, Арина уонна Виктория диэн ааттаабыттар. Ураты уонна сэдэх ааттар – Наина, Томирис, Ивангелия, Кия, Лисэль, Мартиша, Алёта, Аяврина-Нолтэк, Халиммахон, Ивалина.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....