Дьиэ кэргэн сыаннаһа инники күөҥҥэ тутуллар
Наталья Пахомова, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата:
– Улуу Арассыыйа аан дойду үрдүнэн саамай баай историялаах, култууралаах улахан держава. Биһиги олохпут-дьаһахпыт биир сиргэ тэпсэҥнии турбат, иннин диэки ахсым ат бөтөрөҥүнэн сайдар, барар. Төрүт сокуоҥҥа уларыйыы киирэрэ, кэм тулхадыйбат ирдэбилэ буолбутун ылыныахпытын наада. Мин көрөрбүнэн, сүрүн болҕомто социальнай көмөҕө уонна үлэһит киһиэхэ ууруллуохтаах диэн тосхол баһыйар. Судургутук санаан көрөр да буоллахха, үлэһит киһи тоҕо дьадаҥы буолуохтааҕый?! Судаарыстыба маҥнайгынан кэриэтэ үлэһит киһиэхэ харыстабыллаах сыһыан, убаастабыл баар буолуохтааҕын туһунан Конституцияҕа киллэрдэ. Итини тэҥэ, дьиэ кэргэн сыаннаһа инники күөҥҥэ тутуллар. Биһиги бары дьиэ кэргэнтэн таптал, инникигэ эрэл саҕылларын бэркэ диэн билэбит. Уларытыыга дьиэ кэргэн уонна оҕо судаарыстыбаннай политика саамай тумус туттар сүрүн тосхоло буолаллар. Бары өттүнэн хааччыллыылаах дьиэ кэргэн баар буоллаҕына, ол аата модун Арассыыйабыт инникилээх диэн буолар. Мин биир бэйэм Конституцияҕа уларыйыы киирэригэр куоластыыбын.