05.12.2022 | 16:00

Дьиэ кэргэн саҥа дьыллааҕы хаартыскаларын куонкуруһа ыытыллар

Дьокуускай куорат историятын музейа «Дьиэ кэргэним саҥа дьыллааҕы историялара» куонкуруска кыттарга ыҥырар диэн Култуура управлениета иһитиннэрдэ.
Дьиэ кэргэн саҥа дьыллааҕы хаартыскаларын куонкуруһа ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куонкурус сыала – куорат историятыгар дьон болҕомтотун тардыы, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин үйэтитии, Дьокуускай куорат историятын музейын пуондатын хаҥатыы.

Тэрээһиҥҥэ ханна олороруттан тутулуга суох, олохторо Дьокуускайы кытта ситимнээх, 18 саастарыттан үөһэ дьон кыттыахтарын сөп.

Куонкуруска дьиэ кэргэн саҥа дьыллааҕы хаартыскалара (оригиналлар, куопуйалар, электроннай варианнар) – мэтириэттэр, дьиэ кэргэҥҥэ, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа, тэрилтэлэргэ бөлөҕүнэн түспүт хаартыскалар, саҥа дьыллааҕы Дьокуускай уо.д.а. кытталлар. Хаартыскаҕа түспүт кэм: 1950-1970-с сыллар.

Кыттыы төлөбүрэ суох. Биир сайаапкаҕа 5-кэ диэри хаартыска киирэр. Хас биирдии хаартыска историялаах, кыттааччы араспаанньата, аата, аҕатын аата, сибээстэһэр дааннайдара ыйыллыбыт буолуохтаах.

Киирбит хаартыскалар «SAKHALIFE.RU» саайтыгар тахсыахтара. Кыайыылаахтар норуот куоластааһынынан сүүмэрдэнэллэр (куонкурус ахсынньы 18 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 18 чааска түмүктэнэр).

Хаартыска оригиналларын кытта сайаапкалары Дьокуускай куорат историятын музейыгар туталлар, аадырыһа: Кырдьаҕас куорат, Аммосов уул., 1/1, үлэ күннэрэ – сэрэдэ-баскыһыанньа, үлэ чааһа – 10-тан 18 чааска диэри.

Онлайн кыттааччылар аннотациялаах хаартыскаларын электроннай почтаҕа ыыталлар: konkursmuzeya@mail.ru

Онлайн кыттааччыларга ирдэбил: хаартыскалар форматтара – JPEG, кээмэйэ – 1000 пиксельгэ диэри, фотошоптамматах уонна авторскай бэлиэлэрэ суох буолуохтаахтар.

Бастакы 5 кыайыылаах куонкурус спонсордарын бириистэринэн наҕараадаланыахтара, бары кыттааччылар электроннай сертификат тутуохтара.

Саамай кэрэхсэбиллээх хаартыскалар ахсынньы-тохсунньу ыйдарга Дьокуускай куорат историятын музейын ретро-быыстапкатыгар кыттыахтара. Куонкурус кыттыылаахтара хаартыскаларын музей пуондатын хаҥатыыга биэриэхтэрин сөп.

Сайаапкалары 2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн ахсынньы 18 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран) хомуйаллар. Билсэр төлөпүөн: +7 (4112) 402583.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...