02.07.2020 | 19:04

Дьиэ кэргэн куонкуруһугар кыттыҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат дьаһалтатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета “Дьиэ кэргэн альбома” диэн дистанционнай куонкуруһу биллэрэр. Онлайн тэрээһин бэс ыйын 29 күнүттэн от ыйын 8 күнүгэр диэри, Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүн көрсө ыытыллар.

Киирбит үлэлэри @upravlenie_cultury_yakutsk инстаграм аккауҥҥа таһааран иһиэхтэрэ. Номнуо хас да дьоллоох дьиэ кэргэн хаартыскаларын ыыппыттар.

Дьүүллүүр сүбэ үлэлэри  от ыйын 7 күнүгэр 5 номинациянан сыаналыаҕа:

  • “Биһиги эйэлээх дьиэ кэргэммит” (ханнык баҕарар дьиэ кэргэнинэн түспүт хаартыскаҕыт);
  • “Биһиги айанныырбытын сөбүлүүбүт” (дьиэ кэргэнинэн атын дойдуларга сылдьар хаартыскаларгыт, кэрэ-бэлиэ сирдэр, муора кытыла, о.д.а.);
  • “Дьиэ кэргэн үтүө үгэһэ” (дьиэ кэргэнинэн сөбүлүүр, үлүһүйэр, умсугуйар дьарыккыт);
  • “Чөл олоҕу тутуһабыт” (оҕолуун, төрөппүттэрдиин физкультуранан, спордунан дьарыккыт, күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт хаартыскаларгыт);
  • “Национальнай көстүүм” (дьиэ кэргэнинэн национальнай таҥастаах);
  • “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” (тэрийээччилэр аккауннарыгар тахсыбыт, саамай элбэх куолаһы хомуйбут кыттааччылары быһаарыахтара, хас биирдии номинацияҕа тус-туспа кыайыылаах баар буолуоҕа).

Сүрүн ирдэбиллэр:

  • кыттааччылар от ыйын 7 күнүгэр диэри инстаграмҥа хаартыскаларын угаллар;
  • ханнык номинацияҕа кытталларын хайаан да ыйаллар;
  • дьиэ кэргэннэрин туһунан кылгастык суруйаллар;
  • @upravlenie_cultury_yakutsk инстаграм аккауҥҥа суруйтараллар;
  • #семейныйальбом_якутск диэн хэштеги туруораллар;
  • куонкурус кэмигэр аккауннара аһаҕас буолуохтаах;
  • хас биирдии дьиэ кэргэн элбээбитэ үс номинацияҕа кыттар, онуоха хаартыскаларын тус-туспа угар;

Түмүк от ыйын 8 күнүгэр 15.00 ч тэрийээччи аккаунугар тахсыаҕа. Кыайыылаахтарга бириистэрин тиэрдэн биэриэхтэрэ.      

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....