Дьиэ кэргэн күнүгэр 100 ыал наҕараадалыныаҕа
СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, от ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр Дьиэ кэргэн күнүн көрсө, Саха сирин 100 ыала «Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин» диэн мэтээлгэ тиксиэхтэрэ.
Мэтээлинэн 25-тэн аҕыйаҕа суох сыл бииргэ олорбут, биир дойдулаахтарыгар иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн быһыытынан биллибит, оҕолорун уопсастыбаҕа туһалаах дьон гына иитэн таһаарбыт кэргэнниилэр наҕараадаланыахтара.
Наҕараадаҕа мэтээл, дастабырыанньа уонна икки түөскэ анньыллар бэлиэ киирэр. Мэтээл иннинээҕи сирэйигэр кэргэнниилэр Петр уонна Феврония, «Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин. Дьиэ кэргэн — биир санаа уонна дьарык ситимэ» диэн сурук ойууламмыттар.и Мэтээл кэлин өттүгэр — бырааһынньык аата уонна бэлиэтэ — сыһыы ромашката ойуулаах. Ромашка — таптал уонна бэриниилээх буолуу бэлиэтэ, Арассыыйаҕа дьыл бу кэмигэр саамай үүнэр сибэкки. Ромашка маҥан эминньэхтэрин быыһыгар халлаан күөх уонна кыһыл өҥ баар. Мэтээллэри уопсайа 33 улууска ыытыахтара.