«Дьиэ кэргэн хамаандата» бэстибээл саҕаланна
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, киин куорат 39-с №-дээх оскуолатын 300-чэ бэрэстэбиитэлэ – алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ «Дьиэ кэргэн хамаандата» бэстибээл көрдөөх стартарыгар кытыннылар.
Бу – «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут саҥа оскуолаҕа бастакы улахан спортивнай тэрээһин.
Бэстибээл чэрчитинэн балаҕан ыйын 9 күнүгэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар 10.00 чаастан дьиэ кэргэттэргэ аналлаах спортивнай ориентированиеҕа күрэхтэһии буолуоҕа. Манна ким баҕалаах кыттыан сөп.
«Дьиэ кэргэн хамаандата» спортивнай бэстибээл – «Движение Первых» уопсастыбаннай тэрилтэ улахан бырайыактарыттан биирдэстэрэ. Тэрээһин Дьокуускайга эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.
Санатар буоллахха, «Движение Первых» уопсастыбаннай тэрилтэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн былырыын от ыйыгар тэриллибитэ. Судаарыстыба баһылыга – хамсааһын Кэтиир сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Саха сиригэр регионнааҕы салаа Координационнай сэбиэтин Ил Дархан салайар.