Дьиэ кэргэн эбэтэр соҕотох олорор гражданин кыра дохуоттааҕын туһунан ыспыраапканы хайдах ылабыт?
Бу туһунан Дьокуускай куораттааҕы социальнай көмүскэл уонна дьарыктаах буолуу управлениетын нэһилиэнньэҕэ социальнай өйөбүл миэрэлэрин тэрийэр уонна аныыр салаа салайааччыта Мария Чирикова быһаарар.
Дьокуускай куораттааҕы социальнай көмүскэл уонна дьарыктаах буолуу управлениета
– Мария Петровна, дьиэ кэргэн эбэтэр соҕотох олорор гражданин кыра дохуоттааҕын туһунан ыспыраапка социальнай өйөбүл ханнык миэрэлэрин ыларга наадатын туһунан кэпсээ эрэ?
– Дьиэ кэргэн эбэтэр соҕотох олорор гражданин кыра дохуоттааҕын билинэр ыспыраапка оскуолаҕа оҕолорго босхо аһылык, 3-гэр диэри саастаах оҕолорго босхо үүт, маҕаһыыннарга, аптекаларга, куруһуоктарга уонна секцияларга чэпчэтиинэн о.д.а. социальнай өйөбүллэринэн туһанарга наада.
– Бэрт туһалаах өйөбүллэр. Оттон маннык ис хоһоонноох ыспыраапканы ыларга туох ирдэнэрий?
– Дьиэ кэргэни (соҕотох олорор гражданины) кыра дохуоттаах диэн билинэр ыспыраапканы ыларга, кэккэ усулуобуйа ирдэниллэр. Ол курдук:
• бастакытынан, бу ыал эбэтэр соҕотоҕун олорор гражданин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор буолуохтаах;
• иккиһинэн, орто дохуота Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор оройуонугар олохтоммут муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуохтаах.
– Кыра дохуоттаахтарынан билиниллибит, маннык ыспыраапканы ылбыт ыалларга эбэтэр соҕотох олорор дьоҥҥо туох чэпчэтиилэр баалларый?
– Кыра дохуоттааҕын туһунан ыспыраапкалаах ыаллар уонна соҕотох олорор гражданнар маннык чэпчэтиилэргэ уонна социальнай өйөбүл миэрэлэригэр эрэниэхтэрин сөп:
• оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорго босхо итии аһылык;
• 3 сааһыгар диэри оҕолорго үүт кухнятыттан босхо оҕо аһылыга;
• төрүүр дьиэттэн тахсыыга оҕоҕо босхо набор;
• оскуола оҕолоругар уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо айан;
• уһуйааннарга төрөппүт төлөбүрүн сорох кээмэйигэр компенсация;
• кыра дохуоттаах туһунан бигэргэтиини ирдиир атын өҥөлөр.
– Ыспыраапка болдьоҕо төһөнүй?
– Бу докумуон бэриллибит күнүттэн 1 (биир) сыл устата үлэлиир.
– Дьиэ кэргэн дохуотун биир киһиэхэ тиксэр чааһа хайдах ааҕылларын быһаарыаххыт дуо?
– Сайабылыанньаны биэрэр ый иннинээҕи ый иннинэ 3 (үс) бүтэһик ыйын дохуотун сууматынан суоттанар. Холобура, эһиги 2024 сыл от ыйыгар сайабылыанньа биэрэҕит. Ол аата 2024 сыл кулун тутар ыйыттан 2024 сыл ыам ыйыгар диэри дохуоккут ааҕыллар. Бэс ыйа көтөр. Дохуот орто кээмэйин суоттаан таһаарарга, дохуот маннык көрүҥнэрэ учуоттанар:
• Хамнас: ол иһигэр бириэмийэлэр уонна надбавкалар;
• Биэнсийэ: үлэнэн, социальнай уонна инбэлиитинэн;
• Социальнай төлөбүрдэр: үлэтэ суох буолуу босуобуйата, оҕо босуобуйата, ол иһигэр оҕо төрөөбүтүнэн уонна иитиитинэн ый аайы көрүллэр босуобуйа (РФ Биэнсийэ уонна социальнай страховкалааһын пуондатын линиятынан);
• Элимиэннэр;
• Урбаанынан дьарыктаныыттан уонна “Профессиональнай дохуот нолуога” нолуок анал эрэсииминэн туһаныы чэрчитинэн киирэр дохуот;
• Үптэн-малтан киирэр дохуот: хамсаабат баайы-дуолу куортамҥа биэрии уонна атын дохуоттар;
• Сыаналаах кумааҕылары кытта эпэрээссийэлэртэн киирэр дохуот: дивиденнэр, бырыһыаннар уонна атын дохуоттар;
• Атын дохуоттар: истипиэндьийэ, үбү-малы атыылааһынтан киирэр дохуот, сүүйүүлэр уонна дохуот атын көрүҥнэрэ.
– Тахсыбыт суума дьиэ кэргэн хас киһилээҕинэн түҥэтиллэр буоллаҕа. Ити ааҕыыга дьиэ кэргэн састаабыгар кимнээх киирсэллэрий?
– Дьиэ кэргэҥҥэ киирэллэр:
• Сайабылыанньа биэрээччи бэйэтэ, кэргэнэ;
• Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор;
• Эпиэкэҕэ баар оҕолор;
• 23-гэр диэри саастаах күнүскү үөрэххэ үөрэнэр оҕолор.
• Дьиэ кэргэн састаабыгар киирбэттэр:
• Судаарыстыба өттүттэн толору хааччыллыыга олорор дьон (холобура, интэринээккэ, кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор дьон);
• Байыаннай сулууспалаахтар;
• Хаайыыга олорор дьон;
• Сураҕа суох сүппүтүнэн эбэтэр өлбүтүнэн билиниллибит дьон.
– Сайабылыанньаны хайдах биэрэллэрий?
– Сайабылыанньаны икки ньыманан биэриэххэ сөп:
• Судаарыстыбаннай өҥөлөр региональнай порталын нөҥүө;
• “Мои документы” («МФЦ» ГАУ) нөҥүө.