27.06.2022 | 17:39

Дьиэ кэргэн бизнеһин өйүүр киин арылынна

Дьиэ кэргэн бизнеһин өйүүр киин арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга Дьиэ кэргэн бизнеһин өйүүр киини арыйдылар. Киин күлүүһүн вице-премьер Ольга Балабкинаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы сиэригэр-туомугар Арассыыйатааҕы Атыы-эргиэн палататын вицэ-бэрэсидьиэнэ Елена Дыбова туттарда.

Арассыыйа үрдүнэн бу төрдүс киин үлэлээтэ. Эрдэ маннык кииннэр Нижний Новгородка, Уфаҕа, Рязань куоракка бааллар.

Киин арыллыыта Саха АССР үбүлүөйдээх сылыгар сөп түбэспитэ икки бүк үөрүүлээҕин Ольга Балабкина тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: “Биһиги региоммут демографическай көрдөрүүлэринэн Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйа үрдүнэн сэттис миэстэҕэ сылдьар. Биһиэхэ дьиэ кэргэнинэн төрүт дьарыгы утумнааһын, ыалынан, халыҥ аймаҕынан бизнеһи сайыннарыы холобурдара элбэхтэр”, - диэтэ кини.

Бу көрсүһүүгэ этиллибитинэн, коронавирус пандемиятын кэмигэр Саха сиригэр биир да дьиэ кэргэн бизнеһэ эстибэтэх. Саха сирэ Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн бизнеһин сайыннарыыга бэһис миэстэҕэ сылдьар. Онон саҥа киин үлэтэ дьоҥҥо чахчы туһалаах буолара күүтүллэр. Бу кииҥҥэ бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылар сүбэ-ама ылыахтарын, бааннартан уһун болдьохтоох кирэдьииттэри ыларга көмөлөһүннэриэхтэрин сөп.

Атыы-эргиэн палататын салайааччыта Елена Дыбова кэпсээбитинэн, дьиэ кэргэн хампаанньаларын үбү-харчыны эргитиилэрэ сылга 28 млрд. солк. тэҥнэһэр; Арассыыйа үлэлиир хампаанньа 74 бырыһыана дьиэ кэргэн бизнеһэ буолар; дойдубутугар оҥоһуллан тахсар килиэп үс гыммыт биирэ – дьиэ кэргэн предпринимательствотын хайысхатынан тахсар; фермердэр хаһаайыстыбаларын 99 бырыһыана – дьиэ кэргэн бизнеһэ; чааһынай оскуолалар 95 бырыһыаннара – дьиэ кэргэн бэйэ дьыалатын быһыытынан үлэлии-хамсыы олороллор.

Дьокуускайга буолан ааспыт Бүтүн Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэн сэбиэтин мунньаҕа Арассыыйа 21 регионун түмтэ. Кыттааччылар уопут астастаһаллар, сибээстэри олохтууллар. Ыалдьыттар Саха сирин бизнеһинэн дьарыктанар дьиэ кэргэттэрин кытта билсиэхтэрэ, сессионнай балаһааккалар, трениннэр ыытыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...