26.11.2019 | 11:55

“ДЬИЭ КЭРГЭН БИЗНЕҺЭ” ДИЭН ӨЙДӨБҮЛ КИИРЭН ЭРЭР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар бары предприниматель буолуохтарын сөп.

Сотору “Дьиэ кэргэн патена” уонна “Дьиэ кэргэн предпринимательствота” диэн өйдөбүллэр киирээри тураллар. Оччоҕуна бу билиҥҥи кэтэх хаһаайыстыбатынан дьарыктана сылдьар тыа дьонугар туох уларыйыаҕай, ханнык саҥа кыахтар арыллыахтарай?

Ситиһиилээх дьиэ кэргэн – ситиһиилээх Арассыыйа” дьиэ кэргэн предпринимательствотын форумугар Саха сирин аатыттан Дьааҥыттан Чириковтар дьиэ кэргэннэрэ “Арктика” ХЭТ, Заморщиковтар “САХАЧАЙ” хампаанньалара, “Оһуор утум” Заболоцкайдар ювелирнай фирмалара, “Кэрэ” иистэнэр-оҥорон таһаарар Колесовтар ателье-хампаанньалара кыттан кэллилэр.  Предпринимательство министиэристибэтин иһинэн аһыллан үлэлиир “Мой бизнес” бэйэ дьыалатын саҕалааччылары өйүүр киин сүүмэрдээһинин ааспыт тэрилтэлэр дойду тэбэр сүрэҕэр тиийэн бэйэлэрин бородууксуйаларын билиһиннэрдилэр уонна форумҥа кыттан, Саха сирэ атыы-эргиэн сайда турар региона буоларынан сибээстээн, бу эйгэҕэ бэйэлэрин көрүүлэрин үрдүк сололоохторго иһитиннэрдилэр. Кинилэри кытта итиэннэ РФ Атыы-эргиэн палаататын анал ыҥырыытынан  Ольга Григорьева салайааччылаах “Көмүлүөк” хампаанньа, бэйэтин баҕатынан «Zima» ателье бэрэстэбиитэллэрэ баран кэллилэр.

ПРЕДПРИНИМАТЕЛЛЭР УЛАРЫЙЫЫГА БЭЛЭМҤИТ ДУО?

Иккис төгүлүн ыытыллар форумҥа кыттааччы быһыытынан баран кэлбит дьон санааларын истиэххэ:

Ольга Григорьева – “Көмүлүөк хампаанньа салайааччыта:

– Форум формата олох аныгылыы барда. Биһиги тыл этиэхпит, тугунан дьарыктанарбытын кэпсиэхпит дии санаабытым. Аһаҕас кэпсэтии, санаа атастаһыытын курдук тэрийэн ыыталлар эбит. РФ атыы-эргиэн палаататын вице-президенэ Елена Дыбова этиилэргитин хорсуннук киллэрэн иһиҥ дии олорор. Биһиги туспа регион быһыытынан дьиэ кэргэн бизнеһин өйүүр бырагыраамалары толкуйдаан олоххо киллэриэхпитин сөп эбит.

Мин предпринимателлэр дьиэ кэргэттэригэр оҕолорун үөрэттэриигэ көмөлөһүҥ диэн этии киллэрдим. Тоҕо диэтэххэ, биһиги дьыалабытын оҕолорбут салҕыыллар, кимиэхэ да туора киһиэхэ ылан туттаран кэбиспэппит. Предприниматель дьиэ кэргэнтэн биир оҕону соҕуруу, кыраныысса таһыгар үөрэттэриэххэ сөп. МВА норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэтэр бырагыраама дьиэ кэргэн бизнеһигэр туһуланара элбэх. Хомойуох иһин, Арассыыйа үөрэхтэрин кыһаларыгар бизнес киһитин бэлэмниир идэлэр суохтарын кэриэтэ.

Былаас таһымыгар бизнес идеялары хамсатар пуондалары, дьиэ кэргэн бизнеһин тэринэригэр дьоҥҥо сүбэ-ама биэриитин тэрийиэххэ наада. Дойдубутугар инвестиция уонна быраап өттүнэн тупсаҕай эйгэни олохтоотохпутуна эрэ сайдыахпыт.

Билиҥҥитэ биһиги бары “Сделано в Якутии” бренд ситимэ буолбуппут. СӨ Атыы-эргиэн палаататын, “Мой бизнес” киини, Предпринимательство, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтин кытта Арассыыйа салалтатыгар санаабытын тиэрдиэххэ сөп.

“Мой бизнес” киин өйөбүлэ сүҥкэн, ордук быһаарыы, саҥаны иһитиннэрии өттүгэр өйөх буолаллар. Муниципальнай уонна судаарыстыбаннай былаастары кытта бииргэ үлэлэһэрбитигэр тирэх буолар киин баара, биллэн турар, үчүгэй.

Дьиэ кэргэн бизнестээх буоллаҕына, бу ыал биир сыалы ситиһэргэ дьулуһар. Бэйэ-бэйэлэригэр бигэтик эрэнэллэр. Уһуннук атыы-эргиэн уонна оҥорон таһаарыы эйгэтигэр сылдьар киһи быһыытынан билэбин – наймыласпыт үлэһитим хаһан баҕарар тахсан барыан сөп, оттон дьиэ кэргэним чилиэнэ оннук гыммат, куруук биир санаанан салайтарабыт. Онон биир дойдулаахтарбын, Саха сирин олохтоохторун барыгытын “дьиэ кэргэн предпринимательствота” диэн саҥа сүүрээҥҥэ кыттыһарга ыҥырабын. “Дьиэ кэргэн патена” диэн өйдөбүл олус дириҥ, маныаха нормативнай аакталар сөпкө оҥоһуллуохтарын наада.

Владимир Чириков – “Арктика” ХЭТ салайааччыта, Үөһээ Дьааҥы:

– Биһиги Чириковтар дьиэ кэргэн былырыын бастакы форумҥа кыттыбыппыт, онно “Дьиэ кэргэн предпринимательствота” уонна “Дьиэ кэргэн патена” диэн өйдөбүллэри олохтуур резолюция ылыныллыбыта. Быйыл Путин бу идеяны өйүүрүн биллэрдэ. Онон РФ сокуонугар чахчы киириэҕэ дии саныыбын.

СӨ атыы-эргиэн палаататын салайааччыта Владимир Членовы кытта сокуон бырайыагын оҥорууга кытынныбыт. Дойду салалтатыгар Саха сирэ бөдөҥ регион быһыытынан бу бырайыак олоххо киирэригэр бэлэмин этэ сатаатыбыт.

Биһиэхэ хас биирдии дэриэбинэҕэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар ыаллардаахпыт. Бары кэриэтэ официальнайдык регистрацияламматтар. 90-ус сылларга бааһынай хаһаайыстыбалары көхтөөхтүк тэринэн регистрациялыыр кэм кэлэ сылдьыбыта. Кэнники ол отчуотун, кумааҕы үлэтин ыарырҕатан, тыа дьоно эһэргэ барбыттара.

“Дьиэ кэргэн патена” киирдэҕинэ фермердэр официальнай сирэйдэнэллэр, кинилэргэ араас хайысхалаах чэпчэтиилэри олохтуохха наада. Дьон судаарыстыба араас бырагыраамаларыгар кыттан, предприниматель быһыытынан өйөбүлү ылыахтарын сөп буолар.

Холобур, мин билигин үүтү оҥорон таһаарааччы буоллум. 9 нэһилиэнньэлээх пуунтан үүт тутабын. Ол аата 150 ыал үүт туттарар, ол эрэн кинилэр үлэлээх дьон быһыытынан ханна да билиниллибэттэр, социальнай статустара суох. Биэнсийэ да, социальнай чэпчэтиилэри да оҥостор кыахтара суох. “Дьиэ кэргэн патена” киирдэҕинэ, бу дьон баалларын биллэриэхтэрэ.

Атыы-эргиэн палаататын кытта “Дьиэ кэргэн предпринимательтвотын” киллэрэр сокуон үлэлииригэр Саха сирэ пилотнай бырайыак быһыытынан киирэр кыахтаах диэтибит. Биһиги сирбит-уоппут, экономикабыт туругар барыта барсар.

Александра Колесова – “Кэрэ” ателье салайааччыта:

– Биһиги хампаанньабыт 8-ыс сылын үлэлиир. 4 аймахтыы дьиэ кэргэн үлэлиибит. Дьиэ кэргэн предпринимательствота диэн өйдөбүл сокуоҥҥа бигэргэнэрэ үчүгэй диибин. “Кэрэ” диэн бренд буолбут бизнеспитинэн инникитин күннээҕи кэтэр таҥаһы тигэр былааннаахпыт. Дьокуускайга иискэ, технологияҕа үөрэнэр устудьуоннары быраактыкаҕа ылабыт, сылга 100-тэн тахса усутудьуон биһигинэн ааһар. Оннук гынан бэйэбит үлэһиттэрбит ахсаанын хаҥатабыт.

Кэлэр сылларга Москваҕа салаабытын арыйан үлэлиэхпит. Онно эмиэ орто үөрэх кыһаларын кытта үлэлэһэр санаалаахпыт.

Бу формуҥа бара сылдьан текстильнай уонна чэпчэки промышленнас предпринимателлэрин Сойууһугар киирдибит. Онон биһиги дьиэ кэргэн бизнеһэ сайдарыгар тирэхтээх буолуохпут диэн эрэллээхпин.

Любовь Заболоцкая – “Оһуор утум” ювелирнай фирма:

  • Биһиги фирмабыт бастаан “Бырааттыы Заболоцкайдар” диэн аатынан үлэлээн испитэ. Ол 1996 сыллаахха этэ. Онтон ол бырааттыылар дьиэ кэргэттэрэ, кийииттэр, күтүөттэр холбоһоммут, чахчы да дьиэ кэргэн дьыалата буолла диэммит, “Оһуор утум” диэн ааты толкуйдаабыппыт. Онон дьиэ кэргэн бизнеһэ сокуонунан бигэргэнэригэр улахан баҕалаахпыт.

***

“Дьиэ кэргэн патенын” ылан эбэтэр “Дьиэ кэргэн предпринимательствота” диэн ирдэбилгэ эппиэттээ, докумуон хомунан регистрацияланан баран, бу билигин ынаҕын үүтүн ыан, онтун туттаран дохуот киллэринэн олорор ыалга араас чэпчэтиилэр көрүллүөхтэрин сөп эбит диэтилэр. Бастатан туран, чэпчэтиилээх нолуогу туруорсаллар.

Оттон “Кэтэх ынаҕын ыы олорор ыалы предприниматель оҥорон баран судаарыстыба аны нолуок суйдааһынынан дьарыктанара итээбит дуо?” диэн ыйытыыга күттүөннээх хоруй билиҥҥитэ суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....