10.05.2024 | 14:00

Дьиэҕин куортамныыгын дуо?

Дьиэҕин куортамныыгын дуо?
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Дьиэни-уоту бас билээччилэр кыбартыыраларын куортамҥа биэрэн дохуот ылаллар, оттон нолуогу төлүөхтэрин баҕарбаттар.

Нолуок уорганнара кыбартыыраны сокуону кэһэн туран куортамҥа туттарбыттарын туһунан хайдах билиэхтэрин уонна 2024 сылга ыстараап ылбат туһугар туох дьаһаллары ылыахтарын сөбүн  туһунан Mail.ru “Советник- центр” МК адвоката Александр Шиманскай кэпсээтэ.

“Нолуок кодексатын быһыытынан, дьиэни-уоту куортамҥа туттарартан киирэр дохуоттан нолуогу төлөөһүн бу дьиэ бас билээччи эбээһинэһэ”, — диэн юрист бэлиэтиир.

Маныаха, дьиэҕин хас да болдьоххо туттар, нолуок син биир төлөнүөхтээх.

Нолуок инспекцията куортамнанар кыбартыыралар туһунан иһитиннэриини ылар араас кыаҕа элбэх.

Саамай судургу ньыма – биир киһиттэн атын киһиэхэ үп-харчы киириитин автоматическай режиминэн кэтээн көрүү.

Маны кэтээн көрөр чэпчэки: маннык төлөбүрдэр быһа холоон ый биир күнүгэр ааһаллар, төлөбүр суумата куруук биир буолар.

 

“Маннык ньыманан хампаанньа бэйэлэрин үлэһиттэригэр кыбартыыраны куортамныырын билиэххэ сөп, олорор дьиэни төлүүр хампаанньа бухгалтерия нөҥүө ыытар, оттон дуогабар атын өрүтэ – куортамнааччы – нолуок төлөөбөт”, - диир юрист.

Киһи хас да кыбартыыралааҕын туһунан (бу даннайдары ФНС-ка Росреестр ыыта турар), кини дьиэлэрин куортамҥа биэриэҕин туһунан бэрэбиэркэлииргэ биир төрүөт буолар.

“ФНС инспектордарыгар ыйытыы үөскүүр: киһи тоҕо бачча элбэх кыбартыыраны атыылаһарый, кини хас да аадырыска тэҥинэн олорбото чахчы”, - диэн адвокат быһаарар.

Ону таһынан “баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр” бааллар, кинилэр нолуок быраабын кэһэр дьону арыйарга босхо көмөлөһөргө бэлэмнэр. Бу кинилэр бас билэр сирдэригэр-уоттарыгар үлэлиир, олорор учаастактааҕы инспектордар, салайар хампаанньалар, көннөрү ыаллар, урукку куортамнааччылар, оннооҕор куортамныыр дьон аймахтара кытары буолаллар.

“Бу дьон бары ханнык баҕарар биричиинэнэн үөрэ-көтө нолуок уорганыгар биллэриэхтэрин сөп – куортамнаан олорор дьону кытта иирсээн (улахан муусука, бөҕү-сыыһы ыһыы, подъездка хаалларыы), хомунаалынай төлөбүргэ иэс уонна куортамныыр аймахтарын үбүгэр ымсыырыы эмиэ буолуон сөп”, - диэн адвокат кэпсиир.

Ол эрээри үөһэ этиллибит дьайыы түмүгэр нолуок инспекцията туора дьон атын киһи дьиэтигэр олорор чахчытын эрэ бигэргэтэр, дохуоту ыларын буолбакка.

Ол да буоллар, ФНС кыбартыыраны харчыга туттарбыт дакаастабылы хомуйара, быраабыла курдук, ыарахана суох. Манна туоһулар көрдөрүүлэрэ, баантан выписка, харчыны ылыыга илии баттааһын баар буолуон сөп.

Онон нолуок инспекцията дакаастаата да, бас билээччи нолуок төлөөбөккө эрэ дьиэтин куортамҥа биэрэр буоллаҕына, кинини накаастабыл күүтэр.

Бастатан туран, гражданин НДФЛ төлүүр – куортам дохуотуттан 13%.

Иккиһинэн, ыстараап уонна пеня. Өскөтүн куортамнааччы нолуок декларациятын болдьоҕуттан хойут туттардаҕына, ыстараап хас хойутаабыт ыйын иһин иһин – 5% буолар. Элбээбитэ — нолуок сууматыттан 30%, аччаабыта — 1000 солкуобай.

Нолуок төлүүртэн соруйан куотумматах буоллахха, ыстараап нолуок сууматыттан 20 %-нын ылар. Оттон билэр эрээри, төлөөбөккө сырыттахха — 40%. Ону тэҥэ төлөммөтөх суумаҕа пеня ааҕыахтарын сөп: ЦБ сүрүн ыстаапкатыттан 1/300.

Дьыала холуобунай эппиэккэ тиийэригэр, төлөммөт нолуок суумата үс сылга 2,7 мөл. солк. куоһарыахтаах. Юрист этэринэн, буруйу оҥоруу төһө улахан кээмэйиттэн көрөн, 100-тэн 500 тыһыынча солкуобайга диэри эбэтэр үс сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыынан накаастааһын буолуон сөп.

Өскөтүн киһи нолуок буруйун бастакынан кэспит буоллаҕына, холуобунай эппиэтинэстэн босхолонуон сөп, онуоха этиллибит сууманы пеняни кытта, ону таһынан ыстараабын толору төлөөтөҕүнэ.

Онон нолуок сулууспатын албыннаамаҥ. Декларацияны кэмигэр толорор уонна нолуогу төлүүр быдан судургу. Дьиэни куортамныырга “самозанятай” статустаах буолар барыстаах.

Дохуот сууматыттан 4%-нын төлөөн баран, нус-хас утуйартан, холкутук сылдьартан ордук үчүгэй суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...