09.11.2020 | 16:58

Дьиэҕэ оҥоһуллар анаалыска төһө итэҕэйиэххэ сөбүй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Социальнай ситимнэргэ кэнники кэмҥэ коронавируска тест рекламата күүскэ баран эрэр. Бу анаалыс төһө кырдьыктаахтык көрдөрөрүн ким да билбэт.

3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа КДЛ ЦКДО сүрүн лаборанын э.т. Нюргуяна Яковлева коронавирус анаалыһын дьиэҕэ оҥорор тест туһунан санаатын тиэрдэр:

- Маннык экспресс-тестары дьиэҕэ тутталларын утарабын. Ханнык баҕарар лабораторнай чинчийии түмүгэ элбэх усулуобуйаттан тутулуктаах –  анаалыс хайдах, ханна хараллыбытыттан, анаалыс оҥоһуллар ньыматыттан.

Медицинэҕэ туттуллар ханнык баҕарар тэрил булгуччу Росздравнадзортан бэриллибит сертификаттаах уонна регистрацияламмытын туһунан дастабырыанньалаах буолуохтаах. Бу докумуоннар тэрил хаачыстыбатын мэктиэлииллэр.

Бу киэҥник рекламаланан эрэр экспресс-тест – иммуноферментнэй анаалыс буолбатах, иммунохроматическай ньыма диэн ааттанар. Хаартыскаҕа уҥа өттүгэр көстөр тест үрдүкү сурааһына тахсыбатах, ол аата сыыһа көрдөрөр диэн. Сыыһа көрдөрөр буолбута тест хараллыбыт усулуобуйатыттан, анаалыс ыытыллыбыт ньыматыттан эбэтэр тест хаачыстыбата куһаҕаныттан буолуон сөп.

Маннык тест М уонна G иммуноглобулиннар баалларын-суохтарын эрэ быһаарар. Оттон организм иммунитетын эппиэтэ киһи уопсай туругуттан быһаччы тутулуктаах. Холобур, коронавирустаабыт киһиэхэ, организм мөлтөөбүт буолан, антитела диэн үөскүү илик буолуон сөп. Оччоҕо тест “отрицательнай” түмүгү таһаарыаҕа.

Маннык тест көмөтүнэн бэрэбиэркэлэнии бары санитарнай нуорманы тутуһууну, бэрчээккэ кэтиини, хаан ылыллар сирин обработкалааһыны ирдиир. Туттуллубут кассета А көрүҥнэээх медицинэ тобохторугар киирэр уонна анал быраабылаларынан хараллыахтаах. Оннук ирдэбиллэри дьиэ усулуобуйатыгар кыайан толоруллубат.

РБ-3 Пресс сулууспата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....