Дьиэ былаанын уларытааччыларга
– Павел Валерьянович, дьиэ былаанын уларытыах иннинэ сөпсөһүннэрии ыытыллыахтаах. Ол бэрээдэгин туһунан кэпсээ эрэ.
– Оннук. Туох-хайа иннинэ дьиэни бас билээччи СРО-лаах бырайыактыыр-техническэй тэрилтэҕэ тахсан, дьиэтин уларытар былаанын, эскииһин оҥорторор.
Ол бырайыагын уонна ирдэнэр докумуоннарын, Дьокуускай куоракка олорор буоллаҕына, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамеҥҥа тиксэрэр, улуус олохтооҕо – олохтоох дьаһалтаҕа. Маннык өҥөнү итини сэргэ МФЦ офистара уонна e-yakutia.ru судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталлара оҥорор.
Ирдэнэр докумуоннар:
– Дьиэ бырайыагын уларытары сөпсөһүннэрэр туһунан сайабылыанньа;
– Дьиэ былаанын уларытыы бырайыага;
– Дьиэни бас билэри туоһулуур докумуоннар;
– Дьиэ техпааспара;
– Дьиэни атын бас билээччилэр суругунан сөбүлэҥнэрэ;
– Дьиэ былааныгар уларытыылары киллэрэри көҥүллүүр туһунан дьиэни бас билээччилэр уопсай мунньахтарын быһаарыыта (дьиэ былаанын уларытыы уопсай дьиэ олохтоохторо бары туһанар сирдэригэр сыһыаннаах түгэнигэр).
Бу испииһэги таһынан эбии чопчулуур докумуоннар ирдэниэхтэрин сөп. Онуоха Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департаментан эбэтэр олохтоох дьаһалтаттан консультация ылыахха наада.
– Сайабылыанньа төһө өр көрүллэрий?
– Киирбит докумуоннар халандаар 45 хонугун иһигэр көрүллэллэр. Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа эбийиэккэ иккитэ – үлэ саҕаланыан уонна бүппүтүн кэннэ – сылдьар. Үлэ бырайыакка сөп түбэһэр гына оҥоһуллубут буоллаҕына, аак баттанар.
Дьиэҕэ саҥа характеристикалар киирбит түгэннэригэр, ол техническэй былааҥҥа ыйыллыахтаах. Онуоха дьиэни бас билээччи БТИ, ол кэннэ Кадастровай палатаҕа эбэтэр МФЦ тиийэн, Хамсаабат баай-дуол биир кэлим судаарыстыбаннай реестригэр уларытыылары киллэртэрэр.
– Дьиэ былаанын уларыта тутарга туох көҥүллэммэтий?
– Холобура, санузел олорор эбэтэр көмө помещениелар суоттарыгар кэҥиирэ көҥүллэммэт, ванна эбэтэр туалет анныгар олорор помещение суох буолуохтаах, хапытаалынай истиэнэни көтүрэр эмиэ көҥүллэммэт. Бу уонна атын ымпыгы-чымпыгы бырайыактыыр тэрилтэлэр билэллэр, сүбэлээн-амалаан, быһааран биэрэр эбээһинэстээхтэр.
– Аккаас кэлэр түгэнигэр, биричиинэтэ туох буолуон сөбүй?
– Сүрүннээн бырайыакка сөп түбэспэт гына уларытыыга аккаас буолар. Эбэтэр элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторун сөбүлэҥэр аҕыйах киһи илии баттаабыт буоллаҕына.
– Көҥүлэ суох уларытыы ыстарааба төһөнүй?
– Физическэй сирэйгэ – 2 тыһ. солк. 2,5 тыһ. солк. диэри; дуоһунастаах сирэйгэ – 4 тыһ. солк. 5 тыһ. солк. диэри; юридическай сирэйгэ – 40 тыһ. солк. 50 тыһ. солк. диэри.
2021 сыллаахха СӨ Тутуу уонна дьиэ-уот надзорун судаарыстыбаннай управлениета дьиэ бырайыагын көҥүлэ суох уларытыыга сыһыаннаах 75 боротокуолу толорбута. 2022 сыл бастакы аҥаарыгар маннык ис хоһоонноох 10 боротокуол толорулунна.