05.05.2023 | 18:00

Дьиҥ олохтон үс түгэн

Дьиҥ олохтон үс түгэн
Ааптар: Евдокия НУТЧИНА,  юрист, быраабы көмүскээччи. Ыстатыйаҕа ааттар уларытылыннылар. Саха сирин олохтоохторун дьиҥ олохторо сурулунна. Источник: Aartyk.ru Тылбааһы Наталья Кычкина оҥордо.
Бөлөххө киир

Олохтон ылыллыбыт историялар хаһан баҕарар истэргэ, ааҕарга чугастар. Ордук олох-дьаһах, таптал, арахсыы тиэмэтэ. Киһи күннээҕинэн олорор, инникини тымтыктанан көрбүт суох диэн өбүгэлэрбит этэллэрэ. Оттон билигин олоҕу хас да хардыы инники көрүҥ диэн сүбэлииллэр. Холобура, оҕоҥ ыал буоларыгар “Уруу дуогабара” оҥорсон эрэ баран холбоһуҥ диэн сүбэлээбитиҥ дуо, ааҕааччыларбыттан биир эмэ итинник диэбит киһи баарыҥ буолаарай? Арааһата, суох дии саныыбын. Оттон эрдэттэн кэриэһин эппит, нэһилиэстибэтин үллэрбит тыыннаах саха баарыгар эмиэ саарбахтыыбын. Бүгүн, бу ыстатыйаны аахтаххытына, тоҕотун билиэххит.

Бастакы түгэн

Катя уонна Андрей харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, таптал кутаа уотугар умайбыттара, үйэлэр тухары бииргэ буоларга, хаһан да арахсыбаттыы бэйэ-бэйэлэригэр хам ылларбыттара. Сотору икки таптаһар сүрэх бииргэ олорорго быһаарыммыттара.

Бастаан утаа кыбартыыра куортамнаабыттара, онтон Дьокуускайга баар Катя ийэтин хоһугар көспүттэрэ. Харчыларын кэмчилээн тутталлара, ыспаттара-тохпотторо, бэйэ дьиэлэниэхпит диэн ыра санаалаахтара. Иккиэн үлэлиир буолан, күүтүүлээх кыбартыыраларын ипотекаҕа киирэн ыларга быһаарыммыттара. Ол курдук барытын дьүүллэһэн, сөбүлэһэн, маннык биир түмүккэ кэлбиттэрэ: Андрей хамнаһынан ипотеканы төлүүллэр, оттон Катя хамнаһынан олороллор, аһыыллар, таҥналлар. Санаа хоту сөбүлүүр дьиэлэрин атыыласпыттара. Эдэр ыалга кыыс оҕо төрүүр. Оҕо күүтэллэрин билэн баран, Катялаах Андрей саахсаланарга толкуйданаллар, онон сокуонунан эр, ойох буолаллар.

Сотору кэминэн сыһыаннарыгар кыһалҕа кыһарыйар, өйдөспөт буолуу үөскүүр, психологтар этэллэринэн, бииргэ олоруу кириисиһэ саҕаланар. Бу кириисиһи тулуйбакка (этэллэринэн, ыал үксэ бу кэрдиис кэми ааһар), Катялаах Андрей, хомойуох иһин, арахсаллар.

Ити кэмҥэ Андрей дуоһунаһа үрдүүр, хамнаһа да үгүөрү буолар, муниципальнай сулууспаҕа үлэлиир. Арахсалларыгар кыбартыыра кимиэхэ хаалар боппуруоһа турар, хайалара да биэриэн баҕарбат. Аны туран, сокуон хараҕынан ылан көрдөххө, дьиэ ыал аҕа баһылыгын аатыгар турар, тоҕо диэтэххэ ыал буолбуттарын докумуонунан бигэргэтэ иликтэринэ ылыллыбыт. “Гражданскай эр-ойох” диэн өйдөбүл маныаха үлэлээбэт. Түмүккэ Андрей кыбартыыраны сокуонунан бэйэтигэр хаалларар, кыыһын, бэйэлээх бэйэтин оҕотун суут нөҥүө пропискаттан таһаарар, дьонун үүртэлиир, аанын күлүүһүн уларытар уонна, суобаһа оонньоон да көрбөккө, салгыы бэйэтэ олоро хаалар.

 

Иккис түгэн

Бу - олоххо ордук тарҕаммыт холобур. Ирина уонна Михаил – эдэр ыал, икки оҕолоохтор. 30 сылга диэн ипотеканан кыбартыыра ылбыттар. 30 сыл диэн – уһун болдьох. Биллэн турар, эдэр ыал уһуннук, үйэбит тухары олоруохпут диэн санаабыттара эрэбил. Ол эрэн олох олоруу көнө хонууну туорааһын буолбатах.

Сотору кэминэн Михаил арыгы иһэр буолан, эбиитин айдааннаахтык иһэр эбит, олохторо огдолуйан барар. Ирина арахсарга сайабылыанньа биэрэр, арыгыһыт, содуомнаах киһини кытта бииргэ олоруон баҕарбат, киһитин ааттаһарыттан, тулуйарыттан күүһэ-уоҕа да эстэр.

Арахсыбыттарын кэннэ кыбартыыра былдьаһыыта, аҥаардаһыы боппуруоһа турар: бу сырыыгы кинилэр дьиэлэрэ - ыал буолан баран ылбыт, бииргэ мунньубут баайдара. Онуоха биир улахан кыһалҕа турар: баан ипотеканы иккиттэн биирдэригэр хаалларарын ончу утарар. Онон билигин кыбартыыраҕа Михаил олорор, Ирина оҕолорунаан атын дьиэ куортамнаан көһөр, кэргэнин арыгылыырын, айдаарарын оҕолоругар көрдөрүөн баҕарбат.

Сорохтор манна дьиибэргии аахпыт буолуохтааххыт. Тоҕо ийэлэрэ оҕолорун илдьэ дьиэттэн тахсан барда, эр киһини хаалларда диэн. Эр киһи олорор бырааптаах, тоҕо диэтэххэ кини эмиэ бас билээччи. Маныаха ааптар (Евдокия Нутчина) Денни Де Вито “Война Роузов” диэн киинэни көрөргө сүбэлиир, оччоҕо тоҕотун өйдүөххүт диир.

Ипотекаҕа ылыллыбыт хамсаабат баайы үллэстэргэ, арахсыбыт ыалларга кыбартыыра солуокка турарынан, баан сөбүлэҥэ наада буолар, оттон баан онуоха кирэдьиит дуогабарын уларыта сатаабат. Кыбартыыра ситэри төлөнө илик, хаһаайыттарга бас билиилэригэр турбат кирэдьиит бүтүннүү төлөнөн бүтүөр диэри. Туох да уустуктары көрсүбэт инниттэн ипотекаҕа турар дьиэни арахсар түгэҥҥэ кимиэхэ тиксэрин туһунан “уруу дуогабарыгар” суруллубутунан аҥаардаһыахха сөп.

“Уруу дуогабара” (контракт) – бу РФ олохтоох сокуонугар олоҕуран, икки киһи кэргэннии буолбут эбэтэр эр-ойох буолаары сылдьар нотариуһунан бигэргэммит суругунан сөбүлэҥнэрэ. Маныаха, маннык дуогабары кэргэннии буолуоххут иннинэ оҥорсуоххутун сөбүн болҕомтоҕо ыларгыт наада. Дуогабар, контракт биһиги Сахабыт сиригэр улаханнык тэнийбэтэх. Бу быраабы билбэт буолууну кытта сибээстээх эбэтэр ханнык эрэ психологическай аспектар баар буолуохтарын сөп: туохха эрэ уорбалааһын, иҥсэ-обот уо.д.а.

Элбэх паара, чуолаан таптал уотугар умайа сылдьар кэмнэригэр, маннык дуогабары оҥорсуу – кинилэр үрдүк иэйиилэрин, тапталларын кэбирэтэр уонна арахсыыга тиэрдиэн сөп диэн толкуйдаахтар. Ол гынан баран, дьиҥэр, “уруу дуогабара” дьиҥнээх иэйиини өссө бөҕөргөтөр. Үксүн кэргэнниилэр дьиэ-уот, хамсаабат хапытаал инниттэн мөккүһэллэр, оттон барыта эрдэттэн быһаарыллыбыт буоллаҕына, иирсэр төрүөт да суох курдук. “Уруу дуогабара” диэн терминтэн куттаныы – аҥаардас бу тылтан куттаныы биир төрүөтэ. Иккиһинэн – биллэн турар, кэргэнниилэри бэйэ-бэйэҕэ эрэллээх буолууттан быыһаабат. Уоннааҕытыттан киһи дьулайбат, куттаммат, наадалаах. Мин барыгытын маннык дуогабарда оҥорсуҥ диэн ыҥырбаппын. Ол эрээри эдэр дьон арахсыыларыгар ордук эр дьон дьиэ-уот балаһыанньатыгар быдан барыстаах хаалаллар (биллэн турар, эр дьон үксэ урукку тапталлаах дьахталларыгар уонна оҕолоругар дьиэни хаалларан, суобастаахтык быһыыланаллар). Аҥаардас дьахталлар эрэ туһунан кэпсэтии турбута буоллар, киһи мунаахсыйара суох, оттон манна үксүн оҕолор эрэйи көрөллөр.

 

Үһүс түгэн

Юрий уонна Анна олохторун олорбут, этэргэ дылы эйэ-дэмнээхтик, сүүс-сүүстэриттэн өйөнсөн үйэлэрин моҥоон эрэр дьон. Юрий кэргэнин олус диэн таптаабыт. Оччолорго Мария 5 саастаах Петя диэн уоллаах эбит. Юрий уолу төрөппүт оҕотун курдук ииппит, улаатыннарбыт, тугу сатыырыгар барытыгар үөрэппит, сатабылын иҥэрбит, биэрбит.

Дьиэ кэргэн Дьокуускайга чааһынай бас билэр дьиэ туттубут. Уопсай оҕолоро, хомойуох иһин, суох эбит. Барыта эриэ-дэхси курдук, дьиэ-уот, уһаайба барыта Мария аатыгар сурулла сылдьар.

Эмискэ ыалга, этиҥ эппитинии, ыар сурах ааҥныыр, ийэлэрэ соһуччу орто дойдуттан күрэнэр. Петр ол кэмҥэ ыал буолбут, дьоһун киһи. Кэргэнэ, сүрдээх сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт дьахтар, чааһынай дьиэни нэһилиэстибэ быһыытынан Аннаттан Петрга кэлиэхтээх диэн сибис гынар. Салгыы барыта судургу: Петр нэһилиэстэбэни бэйэтигэр суруйтарар, оттон аҕаларын, Юрийы, дьиэттэн таһааран кэбиһэллэр, быһатын эттэххэ, үүрэллэр. Онон Юрий кырдьар сааһыгар аймахтарыгар олорор, тоҕо маннык буолбутун сатаан өйдөөбөт. Кини уолу төрөппүт оҕотуттан атыннык ииппэтэҕэ эбээт.

Маннык холобур олус элбэх. Нэһилиэстибэ инниттэн дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта өстөһөллөр, иирсэллэр, иһирдьэ-таһырдьа бырахсан, олох тосту-туора быһыыланаллар. Өскөтүн Анна эрдэттэн кэриэһин суруйбута, нэһилиэстибэни оҥотторбута эбэтэр Юрийын кытта сокуон быһыытынан саахсаламмыта буоллар, маннык быһыы тахсыа суоҕа этэ.

Кэриэс суруйуута, эмиэ “уруу дуогабарын” курдук – үгүстэргэ мээнэ кэпсэтиллибэт, арыллыбат тиэмэ. Ол эрээри бэлиэтээн этиэххэ наада, билигин үгүстэр кэриэс нэһилиэстибэлэрин суруйуулара, оҥотторуулара элбээтэ, бу, баҕар, хамсык кэлэн ааспытыттан буолуо, этэргэ дылы, ким да онтон көмүскэлэ суох буоллаҕа.

Кэриэс халларыы – бу гражданин олохтон туоруур түбэлтэтигэр бэйэтин баайын-дуолун туһанарга соҕотох ньыма. Бу докумуоҥҥа нэһилиэнньиктэр икки ардыларыгар бас билиини түҥэтии чопчуланар. Онуоха үбү-харчыны, баайы-дуолу ылар дьону гражданин бэйэтэ быһаарар. Манна кэриэһи хаалларбыт киһи аймахтара киириэхтэрин сөп. Ону сэргэ баайгын-дуолгун тэрилтэҕэ эбэтэр судаарыстыбаҕа аныан эмиэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...