17.11.2022 | 18:44

Дьиҥ олохтон кэпсээн ааптарын кытта көрсүһүү

Дьиҥ олохтон кэпсээн ааптарын кытта көрсүһүү
Ааптар: Тамара Винокурова, биэнсийэлээх, бэтэрээн-учуутал
Бөлөххө киир

Суруналыыс Сардана Сивцева-Санаайаны кытта олус истиҥ көрсүһүү, билсиһии буолла. Биһиги кинини “Три кувшина” диэн бу соторутааҕыта “Айар” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт айымньы ааптарын быһыытынан биллибит.
Кинигэҕэ сэһэн, кэпсээннэр киирбиттэр.  “Три кувшина” диэн сэһэн сүрүн дьоруойа Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо Константин Чачуа буолар.  Кинигэҕэ кини уустук, чэпчэкитэ суох дьылҕата киһини эрэ долгутар гына суруллубут. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр өстөөхтөргө билиэҥҥэ түбэһэн, көҥүлэ быһыллан, сыылкаҕа ыраах Саха сиригэр кэлэргэ күһэллибит киһи Төрүккэ олохсуйан, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, 93 сааһыгар диэри олорбут.
Кини буруйа суоҕун дакаастыырга улахан үлэни кыраайы үөрэтээччи Сергей Егоров ыыппыт эбит.
Ааптар Сардана Сивцева-Санаайа айымньыта олох дьиҥнээх чахчыларга олоҕуран суруллубута киһини эрэ уйадытыах курдук.


Кини бу Чачуаларга олох аймах, уруу эбит. Кини кыыһын кэргэнэ Темур, Константин Чачуа сиэнэ.  Биир сиэн Дамир аҕыйах сыллааҕыта күннээх Грузияҕа тиийэн аймахтарын булбутун туһунан өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр сырдатыллан турар.
Оттон Темур кэргэнин, икки оҕотун кытта  урууларын кытта чугастык билсэн, алтыһан Грузияҕа икки кыһын кыстаабыттар.
Константин Чачуа олоҕун устатын тухары төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин наһаа ахтара, саныыра эбитэ үһү. Онон кини сыдьааннара эһэлэрин, хос эһэлэрин дойдутун кытта быстыспат сибээһи олохтообуттара олус долгутуулаах.

Бу кинигэ 2500 ахсаанынан тахсыбыт. Киэҥ эйгэҕэ тарҕанан, элбэх ааҕааччы биһирэбилин ылыа диэн эрэнэбит.

Сардана бу айымньы тахсарыгар улахан көмөнү оҥорбут, сөптөөх информацияны биэрбит киһинэн Слепцов Спиридону ааттаата.
Сергей Егоров үбүлүөйүгэр аналлаах Төрүккэ ыытыллар тэрээһинҥэ кыттарга бэлэмин биллэрдэ. Бу кинигэҕэ өссө сэҥээрбит, сөбүлээбит түгэммит –  “Мал золотник, да дорог” диэн өр сылларга Өймөкөөн улууһугар баһылыгынан үлэлээбит В.А. Местниковка анаммыт очерк буолла. Ол курдук Сардана Василий Александрович дьокутаатынан талыллар быыбарыгар үлэлэспит дьоннортон биирдэстэрэ эбит.
“Халыма дьоно кинини улахан махталынан ахталлар, саныыллар. Бэрт элбэх үтүө дьыаланы  оҥорбут, дьиҥнээхтик дьон туһугар үлэлээбит дьокутаат кини буолар” диэбитин үөрэ иһиттибит
“Өймөкөөн” НКО чилиэнэ Ф. Румянцева тус бэйэтин харчытынан 8 кинигэни атыылаһан, ааптар илии баттааһыннаах, баҕа санаа суруктаах, улууспут орто оскуолаларыгар бэлэх ыытыаҕа.
Үүнэр көлүөнэ, эдэр ыччат, оҕолор “Три кувшина” диэн кинигэни ааҕан, сүрэхтэригэр, дууһаларыгар чугастык ылынан, булгуруйбат күүстээх санаалаах, патриот, хорсун саллаат, бастыҥ ыал аҕата, эһэтэ олоҕун холобур оҥостоллоругар баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...