08.08.2024 | 10:00

Дьиҥнээх сенсация буолар булумньулар көһүннүлэр

Дьиҥнээх сенсация буолар булумньулар көһүннүлэр
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Дьокуускайга Каландарашвили уулуссатыгар турар Свято-Троицкай таҥара дьиэтин аттыгар (уруккута “Чароит” эстрада тыйаатырын дьиэтэ буолан турбута) ыытыллар археологическай хаһыыларга XVII-с үйэтээҕи туос суруктары буллулар. Дьокуускайы кытта саастыы маллар көстүбүттэрэ олус сэдэх уонна долгутуулаах түгэн буолар. Хаһыылар буола турар сирдэрин илэ харахпынан көрөр-истэр, археологтары кытта кэпсэтэр сыаллаах-соруктаах Каландарашвили уулуссатыгар чуо хааман тиийдим.

Дьокуускайга Кириэмиллээх этибит

Үлэ ыытыллар сиригэр манна урут туох баарын, билиҥҥи археологическай хаһыылар тустарынан кэпсиир хаартыскалардаах, иһитиннэриилээх күрүөнү туруорбуттар. Хас биирдии ааһан иһэр киһи тохтоон ааҕан, сөҕөн-махтайан ааһарыгар бэрт идея эбит.  Ааны аһан киирээппин кытта улахан иэннээх сиргэ икки дириҥ хаһыллыбыт дьаама сытар. Аантан чугас дьаамаҕа отучча  эдэр дьон сири күрдьэҕинэн хаһаллар, тачкаларынан буору таһаллар. Сороҕор “Тугу эрэ буллум!” диэн саҥа аллайыы иһиллэр. Төһө да самыыр түһэ турдар, оҕолор улахан дьон курдук дьоһуннук туттан-хаптан, күн-дьыл туругар кыһаммакка, үлэлэригэр интэриэстэрин сүтэрбэккэ, үлэлии-хамсыы сылдьалларын олус хайҕыы көрдүм.

Киирииттэн хаҥас диэки хайысханан археологтар ыстааптара турар. Ыстааптарыттан хаһыы үлэтин салайааччыны, “Северная археология-1” научнай-производственнай холбоһук сүрүн археологын Иван Фролову булан көрсөн элбэҕи кэпсэттибит.

– Дьокуускайга үлэлээбиккит төһө өр буолла?

–  Биһиги “Северная археология-1” холбоһук Дьокуускай куоракка бастакытын үлэлиибит. Эһиги куораккытыгар олунньу ыйга кэлбитим, ыам ыйын 10 күнүттэн манна олорон үлэлиибин. Бастаан бэлэмнэнии үлэтин ыыппыппыт, дьиҥнээх хаһыы үлэлэрэ ыам ыйын 23 күнүттэн саҕаламмыттара. Археологическай үлэлэр түмүктэммиттэрин кэннэ, манна элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах...

–  Урут манна туох баар этэй? Свято-Троицкай таҥара дьиэтэ турарын билэбит, оттон өссө эрдэ остуруок баара дииллэр эбит дии...

 Куорат олохтоохторо бэйэлэрин историяларын үчүгэйдик билэллэригэр баҕарыам этэ. Бу таҥара дьиэтэ остуруок сорҕото буолар. 1632 сыллаахха Ленскэй остуруок тутуллубута, куорат сиригэр буолбакка, Өлүөнэ өрүс уҥа кытылыгар, билиҥҥи Суотту диэки турбута биллэр. 10 сыл ааспытын кэннэ, остуруогу хаҥас кытылга көһөрбүттэр. Иккис остуруок чуолкай турбут сирэ биллибэт. Куораты төрүттээччилэргэ анаммыт пааматынньык баар сиригэр турбут буолуон сөп этэ, ол эрэн онно кириэппэс тобоҕун булбатахтара эбээт...

Кытайтан суоһуур байыаннай куттал улааппытыгар, 1680 сыллаахха остуруоктары бөҕөргөтүү  наада буолбут. Уонна ол сылга билигин үлэлии сылдьар сирбитигэр остуруок тутуута саҕаламмыт эбит. Дьиҥэ, остуруок диэн уопсай аат, чопчу эттэххэ манна Кириэмил баара уонна кини тула атын көмүскэнэр линия тутуллубута. Манна Якутскай уобалас административнай киинэ этэ. Ол аата билигин Кириэмил сорҕотун хаһа сылдьабыт.

Хаһыыбыт сүрүн сыала-соруга – Кириэмил тобохторун булуу, үөрэтии уонна харыстааһын буолар. Оттон биһиги булбут тутууларбыт бу кириэппэскэ сыһыаннаахтар. XVIII үйэ былааннарыгар “воеводскай подваллар” диэн бэлиэтэммиттэр уонна сир анныгар 1,5 миэтэрэҕэ аллара туралларын көрөбүт. Саамай былыргы тутуулары 7 уонна 12 №-дээх диэн бэлиэтээтибит. Сэттис дьиэ XVIII үйэ иккис чиэппэригэр умайбыта уонна кэлин өрөмүөннэммитэ биллэр.

7 №-дээх тутуу

Саҥаны арыйар туос суруктар

– Уопсайынан, үлэ кэмигэр тугу-тугу буллугут?

Биһиги 900-тэн тахса араас малы-салы буллубут. Булумньулар араастара XVII үйэ бүтүүтүттэн 1930-с сылларга диэри арахсар. Бу сүрүннээн дьиэҕэ туттуллар тэриллэр, холобур, керамика уонна туос иһиттэр кырамталара. Кытай фарфора, уҥуохтан оҥоһуллубут мунштук уонна фарфор хамса дьикти булумньулартан сорохторо. Саамай былыргы булумньуларынан ыраахтааҕы Михаил Федорович Романов саҕанааҕы манньыат харчы уонна XVII үйэтээҕи туос суруктар буоллулар.

Куорат ортотугар баар сиргэ 900 булумньу көстүүтэ, дьиҥэ,  кыранан ааҕыллар, тоҕо диэтэххэ манна хаһаайыстыбаны улаханнык тэрийбэтэхтэр эбит.

– Туос суруктар тустарынан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

Бу туос суруктары булбуппут – дьиҥнээх сенсация! Биһиги үөрэтэн көрбүппүтүнэн, XVII үйэҕэ суруллубуттар, баҕар, Дьокуускай тэриллиэҕин иннинэ да буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт. Бу суруктары уҥа кытылтан остуруогу кытта көһөрбүттэр. Ол саҕана даҕаны хаачыстыбалаах маһы сыаналыыллара уонна дьиэни саҥаттан тутуохтааҕар көһөрөллөрүн ордороллоро.  Биллэн турар, эбийиэги кытта иһинээҕи мала-сала эмиэ барыта көһөрүллэн кэлэрэ.

“Воеводскай подваллар” ахсааннарыгар манна икки дьиэ киирсэр, биһиги 7-с №-дээҕи толору хаһан таһаарбыппыт, оттон 12-с №-дээх сороҕун эрэ хастыбыт. Скоропись быһыытынан чэрэниилэнэн суруллубут туос докумуоннары чуолаан бу дьиэттэн булбуппут. Билиҥҥи туругунан, уопсайа 9 оннук фрагмент баар.

12 №-дээх тутуу, манна туос суруктары булбуттара

Туостар икки өттүлэриттэн суруктаахтар, бииргэ баайылла сылдьаллар (ол олус дьикти). Уонна бастакы ааҕыы быһаарыытынан, бу дьаһаах хомуйуутун суруйар кинигэлэрэ эбит. Үксүн киис, сороҕор саһыл тириилэрин хомуйбуттарын туһунан суруйбуттар. Ону таһынан ханнык кэмҥэ суруллубута уонна биир киһи аата көстөр. Бу археологияҕа олус сыаналаах булумньу, баҕар бу өтөххө өссө элбэх суруктар бааллара буолуо. Өтөх баһыйар өттө хаһыыга анаан быһыллыбыт сир таһыгар баар. Биһиги сакаасчыты кытта археологическай үлэ сирин кэҥэтэр туһунан кэпсэппиппит. Үлэ аҥаарын кинилэр төлүөхтэрэ, оттон атынын биһиги бэйэбит уйунуохтаахпыт.

Хомойуох иһин, билигин 12-с №-дээх тутуу үрдүгэр турар гаас тарҕатар станция көтүрүллэ илик буолан, үлэ бытааннык баран эрэр. Сакаасчыппыт ыам ыйыгар көтүрүөхпүт диэн эрэннэрбитэ, оттон билигин номнуо атырдьах ыйа буолла... Атырдьах ыйын 2 күнүгэр куорат баһылыгын Евгений Григорьевы кытта көрсүһүүбүтүгэр научнай хаһыыларга мэһэйдиир эбийиэктэри көтүрүүнү тэтимирдиэхпит диэн эрэннэрдилэр. Онон бу нэдиэлэҕэ демонтаж оҥоһуллуоҕа диэн кэтэһэбит.

 

– Саха сиригэр маннык булумньулар урут бааллар этэ дуо?

Бу бүтүн Уһук Илиҥҥэ бастакы маннык булумньу буолар. Сибииргэ 4 эрэ докумуон көстүбүтэ. Арассыыйа европейскай өттүгэр 1000-тан тахса сурук булуллубута. Сүрүннээн суут, күннээҕи олох, үөрэх “тэтэрээттэрэ” – азбука, оҕолор суруйарга холонуулара буолаллара. Оттон биһиги булумньубут дьиҥнээх учуот докумуоннара. Дьокуускай куоракка дьаһаах хомуйуутун туһунан ыраахтааҕы дьонун официальнай учуоттуур докумуоннарын буллахпыт дии.

Гааһы тарҕатар станция үлэни салгыы ыытарга мэһэйдиир

Сотору илэ харахпытынан көрүөхпүт

– Булумньулары салгыы ханна илдьэҕитий?

– ХИФУ Археология уонна этнография түмэлигэр харайыыга ыытабыт. Балаҕан ыйыгар булбуппутун быыстапкалаан дьоҥҥо көрдөрөр былааннаахпыт. Куорат баһылыга Евгений Григорьев архитектураҕа сыһыаннаах маллары Дьокуускай куорат историятын түмэлигэр туттарарга этии киллэрдэ. Онон кинилэргэ 7-с №-дээх дьиэ сорҕотун биэрбиппит. Ол курдук, архитектурнай мас түмэлин оҥорорго архитектура пуондата тэриллэн саҕалаата. Дьокуускай 400 сыллаах үбүлүөйүгэр куорат олохтоохторо 17-18 үйэтээҕи архитектураны илэ харахтарынан көрүөхтэрэ диэн эрэнэбин.

 

– Үлэ хаамыыта хайдаҕый?

– Үлэ 3 түһүмэхтэн турар. Бастакыта — буору хаһыы үлэтэ; иккиһэ — туох буолбутун сурукка тиһэн иһии; үһүс — булумньулары, хаартыскалары уонна чертежтары таҥастааһын.

Хаһыы кэмигэр кээмэйдэри ыларга, булумньулары сиһилии суруйарга уо.д.а. электроннай тахеометр диэнинэн үлэлиибит. Ону таһынан, дьаһалта көҥүлүнэн, дроннары туһанан үөһээттэн чуолкай хаартыскалары оҥоробут.

Бары булумньулар хаартыскаҕа түһэриллэллэр,  кээмэйдэнэллэр уонна докумуоннаналлар. Химическэй лаборатория баар, онно туостан уонна мастан оҥоһуллубут булумньулары ыраастыыбыт, таҥастыыбыт уонна харайабыт. Кинилэр ирбэт тоҥ көмөтүнэн бүтүн хаалбыттар, ол гынан баран салгыҥҥа тахсан кэбирииллэр, алдьаналлар. Манна хаһыы ыытыллар сиригэр фотолабораториялары, химическэй лабораториялары үлэлэтэбит, булумньулары испииһэктээһин ыытыллар. Хаһыыга бэйэтигэр күрдьэхтэри, араас кээмэйдээх суоккалары, кельмалары уонна киистэлэри туттабыт.

 

Эбии үлэһиттэр наадалар

– Төһө элбэх киһи үлэлиирий?

– 30-ча киһи, үксүлэрэ оскуола оҕолоро уонна устудьуоннар. Ордук таһаарыылаахтык үлэлиирбит туһугар өссө 40-50 үлэһит наада. Официальнайдык үлэһиттэри 14 саастарыттан ылабыт, ол эрэн оҕолор бу үлэ олус ыараханын өйдүөхтэрин наада. Биһиэхэ үлэһиттэр бараллара-кэлэллэрэ элбээтэ, онон хас биирдии үлэһит кырата 6 күн үлэлиэхтээх диэн ирдэбиллээхпит. Тоҕо диэтэххэ, 2-3 күн бэлэмнэниигэ баранар, киһи нэдиэлэттэн кыраны үлэлээтэҕинэ улахан туһата суох буолар.

Дьон үксэ тулуйбат эбит, ортотунан 1 нэдиэлэ үлэлээн бараллар. Оннооҕор биир эрэ чаас үлэлээн барбыт дьон кытары бааллара. Ол эрээри хара маҥнайгыттан кыһамньылаахтык үлэлии сылдьар оҕолор эмиэ бааллар. Сорохтор оттуу баран, төннөн кэлэн үлэлээтилэр. 

Төлөбүрэ үлэ чааһынан суоттанар, толору 8 чааһы үлэлээбиттэр 2500 солк. ылаллар. Археологическай хаһыыларга үлэлиэн баҕалаахтар 7980-659-93-44 нүөмэргэ бассаапка суруйуохтарын сөп.

Биһиги соруйан эдэр ыччаты үлэҕэ ыҥыра сатыыбыт. Дьокуускай олус улахан куорат уонна үлэлиэн баҕалаах дьон баар буоллаҕына, тоҕо атын куораттартан үлэһиттэри аҕалыахтаахпытый? Култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа кыттар дьон кэлин куорат историятын үйэтитиигэ өссө болҕомтолоохтук сыһыаннаһар буолаллар. Уонна биһиги ыччаттарбыт инникитин култуурунай нэһилиэстибэни харыстыыры ирдиир эппиэтинэстээх уопсастыба чилиэннэрэ буолуохтара диэн итэҕэйэбит.

Судаарыстыбаннай уорганнар уонна тутуу тэрилтэлэрэ култуурунай нэһилиэстибэни уонна археологияны харыстааһыҥҥа болҕомтолорун ууралларынан, дойдуларын туһугар үлэлииллэринэн Дьокуускай олохтоохторо киэн туттуохтаахтар дии саныыбын. Дьиҥэр, Дьокуускай иһигэр улахан археологическай хаһыылар 2018 сылтан эрэ саҕаламмыттара эбээт. Онон археологическай үлэлэр куорат 400 сыллаах үбүлүөйүгэр туох эрэ сэдэх көстүү курдук буолбакка, нуорма быһыытынан ыытыллыахтаахтар. Уонна тус бэйэм манна толору куорат историятын түмэлэ баар буоларыгар уонна онно былыргы архитектура быыстапката киирэригэр баҕарабын.

 

Баҕалаахтарга экскурсиялар тэриллиэхтэрэ

 – Үлэҕит күн-дьыл туругуттан тутулуга суох барар дуо?

–  Чэ, манна соччо күүстээх ардах түспэт эбит. Оҕолору үлэ таҥастаах, саппыкылаах, плащтаах кэлиҥ диэн көрдөһөбүт. Ардахтаах кэмҥэ үлэлииргэ өссө чэпчэки, ардах быылы хаптатар. Этиҥ уонна курулас самыыр кэмигэр үлэлээбэппит чуолкай, ардахтан иккитэ күн аҥаардыыта тохтуу сылдьыбыппыт. Сакаасчыт ититии, уу ситимнэрин уонна гаас тарҕатар станцияны көтүрбэтэҕиттэн сылтаан 7 күнү быһа тохтоон турбуппут. Ыам ыйыгар кинилэр мэһэйдэри суох гыныахтара диэн былааннаабыппыт, онтон болдьоҕо көһөрүллэн, билигин да туох да оҥоһуллубакка турар.

 

– Баҕалаахтарга экскурсиялар тэриллиэхтэрэ дуо?

“Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар саҕана ыалдьыт элбэх этэ, билигин “сынньана”, тыын ыла олоробут. Атырдьах ыйын ортотун диэки бөлөхтөрүнэн экскурсиялар саҕаланыахтара. Территорияны кэрийэргэ уонна үлэни көрөргө куттала суох сылдьар усулуобуйаны тэрийиэххэ наада буолуоҕа.

Биһиги  сакаасчыппыт “Утум+” тутуу хампаанньата култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа үлэлэһэр аныгы бизнес курдук дьаһанар диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Ити кинилэр ааһан иһэр дьон ааҕалларыгар, интэриэһиргииллэригэр информативнай күрүө туруорбуттара. Ини көрөн сорох дьон ааһан иһэн оннооҕор киирэн кэлэллэр ээ, онон кинилэргэ импровизированнай экскурсиялары оҥоробут. Дьон историяны интэриэһиргиир, бэл махтанан ааһаллар. Кими да үүрэ иликпит эрээри, дьон кэлэрэ-барара үлэттэн олус аралдьытар. Онон тэрээһиннээх экскурсиялары ыытарга көрдөспүппүт, “Утум+” салалтата сөбүлэспитэ.

 

– Археологическай хаһыылар хаһааҥҥыга диэри ыытыллыахтарай?

– Дуогабар быһыытынан, үлэ алтынньы ыйыгар диэри ыытыллыаҕа. Оттон сакаасчыт мэһэйдиир эбийиэктэри көтүрбэтэҕинэ, тымныы түһэн, оскуола оҕолоро, устудьуоннар үөрэххэ баралларыттан сылтаан, үлэни барытын кэмигэр оҥорор кыахпыт суох буолуоҕа. Улахан дьон соччо үлэлэспэттэр, онон мин тугу да эрэннэрэр кыаҕым суох.

 

Иван Викторовиһы кытта хаһыыны көрө таҕыстыбыт. Гуманитарнай чинчийии институтун диэки сиргэ икки дириҥ дьаама түгэҕэр былыргы тутуулар сорохторо быган тураллар. Бу 7-c уонна 12-с №-дээх тутуулар. “Мантан былыргы туос суруктары булбуппут”, – диир Иван Викторович. Ардах уутун носуоһунан хачайдаан, икки ардыларыгар турар булууска сүөкүүллэр эбит. 12-с тутуу үрдүгэр гаас ситимин станцията турар, ол иһин эргэ тутуу муннуга эрэ чоройор.

 

Ох маһа 

Булумньуну барытын докумуоннаан иһэбит

Салгыы ыстаапка киирэн, булумньулары бэрийэр Аннаны кытта кэпсэттибит. Остуолугар улахан дьааһыкка араас кээмэйдээх маллар кичэллэн, бакыаттарга хараллыбыттар, Анна сороҕун таһааран көрдөрдө.

Анна Яровая, сүрүн лаборант:

– Кэнники булумньулартан: сэбиэскэй тимир тэриэлкэ, 1940 сыллаах 3 харчы. Былыргы булумньулартан: ох маһа, сохсо тирээбил маһа. Биһиги таптыыр булумньуларбыт диэннэр бааллар: сэбиэскэй оонньуурдар, ону тэҥэ “Киндер сюрприз” оонньуурдара. Кинилэр үчүгэйкээн баҕайылар уонна түмэллэр инниктэри эмиэ сөбүлүүллэр. Сэбиэскэй фарфору эмиэ хомуйабыт, үлтүркэйдэри сыһыаран, бэчээтигэр хаһыс сылга, ханнык фабрикаҕа оҥоһуллубуттарын көрүөххэ  сөп. Балар көмөлөрүнэн дьон манна ханнык кэмҥэ олорбутун уонна хантан көһөн кэлбиттэрин даҕаны кэтээн көрүөххэ сөп.

Сохсо тирээбил маһа

Туох эмэ сыаналаах малы буллахпытына, бастаан булуллубут сирин былааҕынан бэлиэтээн, сурунаалга суруйуохпутун наада, кэлин бу испииһэк көмпүүтэргэ киирэр, онтон коллекционнай испииһэккэ киирэр. Салгыы коллекционнай испииһэккэ киирбит маллары түмэллэргэ ыытабыт. Бу иннинэ коллекционнай булумньулары ыраастыыбыт уонна харыстыыр ​​туһугар химическэй ньыманан таҥастыыбыт. Ону таһынан, малы-салы хайдах булбуттарын туһунан сиһилии суруйабыт: кээмэйэ, ыйааһына, өҥө, сир ханнык араҥатыгар булуллубута. Бу реставратордар үлэлэрин чэпчэтэр туһугар оҥоһуллар.

Саамай былыргы булумньунан Михаил Федорович Романов саҕанааҕы харчы буолар. Кэнники историяттан – Арассыыйа гербэлээх сөтүө бэргэһэтэ. Тугу булбуппутун барытын учуоттуубут, тоҕо диэтэххэ, манна туох да бөҕүнэн ааҕыллыбат. Биллэн турар “маассабай матырыйаал” баар – тутуу матырыйааллара, аныгы өйдөбүлүнэн бөх-сах. Ону эмиэ испииһэктиибит, хаартыскаҕа түһэрэбит, ахсаанын ааҕабыт уонна куулларга угабыт. Тугу да бэлиэтээбэккэ аһардыбаппыт – бу сиргэ олох хайдах устубута барыта тиһиллэн иһиэхтээх.

Киин куораппыт баай историятын үөрэтиигэ сүҥкэн үлэни оҥоро сылдьар археологтарга бар дьон махтаныах эрэ тустаахпыт. Инникитин, араас харгыстар туоратылыннахтарына, өссө да суолталаах сэдэх булумньулар көстүөхтэрэ диэн эрэнэбит!

 

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ уонна И.В. Фролов тус архыыбыттан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...