14.07.2020 | 11:44 | Просмотров: 603

Дезинфекция үлэтэ тохтообот

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга бу күннэргэ элбэх кыбартыыралаах 2424 дьиэ подъеһыгар  дезинфекция ыытыллара  былааннанар. От ыйын 13 күнүнээҕи туругунан, элбэх квартиралаах 924 дьиэ5э дезинфекция ыытыллыбыт.

Роспотребнадзор ирдэбилигэр олоҕуран, подъезд ордук таарыллар ньуурдарын күҥҥэ иккитэ уонна нэдиэлэҕэ иккитэ хлор суурадаһыннарынан дезинфекцияланыллыахтаах.

Куорат аттынааҕы нэһилиэктэргэ сантиранай дезинфекия толору ыытылынна. Куорат уокуруктарыттан ордук Губинскай, Автодорожнай уонна Киин уокуруктар дезинфекциялааһын былаанын кэмигэр толорон иһэллэрэ бэлиэтэнэр.

Өскөтүн элбэх кыбартыырлаах дьиэҕэ салайар хампаанньа эбэтэр ТСЖ дезинфекцияны ыыппат буоллаҕына, олохтоохтор куорат Биир кэлим дежурнай-диспетчерскэй сулууспатыгар (4112) 44-42-29, 44-42-51 уонна ОДьКХ Саха сиринээҕи салалтатыгар, төл. (4112) 34-50-53, 34-26-44, факс/төл. (4112) 34-22-49 нүөмэрдэргэ эрийэн биллэрэххитин сөп. Ону тэҥэ электроннай почтаҕа суруйуоххутун сөп: ugszhn@sakha.gov.ru.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.