Дезинфекция булгуччу ыытыллыахтаах
![Дезинфекция булгуччу ыытыллыахтаах](https://kiinkuorat.ru/wp-content/uploads/2020/04/3zdgmUnRS49RnQPFMSHFd0aGe8eU75q2.jpg)
Коронавируһу утары ыытыллар дьаһаллары Куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа МКТ хонтуруоллуур. Күннэтэ бэрэбиэркэлэр бараллар. Киин, Строительнай уонна Октябрьскай уокуруктарга дезинфекциялааһын орто таһымнааҕын бэлиэтээбиттэрэ. Оттон Промышленнай уокурукка 11 мас дьиэни бэрэбиэркэлээбиттэриттэн, 10-гар быраабыла кэһиитэ баара бэлиэтэммитэ. «Арсенал+», «ЖКХ Столичное» салайар хампаанньаларга үлэлэрин тупсаралларыгар ирдэбил турбута.
Муус устар 16 күнүнээҕи туругунан, Дьокуускайга олорор дьиэ пуондатын 97 % обработкаламмыт. Октябрьскай уокурукка уонна Маҕаҥҥа графиктан хаалыы баар.
Өскөтүн ТСЖ-гыт эбэтэр Салайар хампаанньаҕыт дьиэҕит подъеһыгар дезинфекцияны ыыппат буоллаҕына эрийэн биллэриҥ:
ЕДДС: (4112) 44-42-29, 44-42-51
Госстройжилнадзор: (4112) 34-50-53, 34-26-44, тел./факс (4112) 34-22-49, эл. почта: ugszhn@sakha.gov.ru.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар
![Мария Мигалкина: «Кэлии сиэмэлэринэн үлүһүйүмэҥ»](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/zgV1bKwtkp.jpg)
![Изабелла Попова: Сүрэхпэр сөҥөрбүт дьүөгэлэрим](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/08bzwt1DHL.jpg)
![Баһаар буруйдааҕын тыллыаҥ — наҕараада ылыаҥ](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/FtpkFiKGrd.jpg)
![Саха сиригэр мелиорация үлэтэ саҕаламмыта 75 сылын туолла](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/6LP5o124wA.jpg)