26.03.2022 | 14:00

Дефолт эбэтэр инфляция буоллаҕына, кирэдьиит сотуллар дуо?

Дефолт эбэтэр инфляция буоллаҕына, кирэдьиит сотуллар дуо?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Билигин, сурах-садьык элбэхтик уонна түргэнник тарҕанар үйэтигэр, “судаарыстыбаҕа дефолт эбэтэр инфляция буоллаҕына, кирэдьииттэрбит сотуллан хаалыахтарын сөп үһү” диэн сурах туох да оруна суоҕун быһаарабыт.

Сокуон иннигэр бары биирбит – иэс ылыллыбыт харчы син биир төннөрүллүөхтээх, ким да эһиги кирэдьииккитин сотон кэбиспэт.

Арай 1998 сыллааҕы курдук дефолт буоллаҕына даҕаны, кирэдьииттэри соппоттор. 1998 сыллаахха буолбут дефолт – нэһилиэнньэ иэһин буолбакка, судаарыстыба иэһин сотуу этэ.

 

Инфляция көмөлөһүөн сөп дуо? Инфляция иэстээхтэргэ көмөлөһүөн сөп, өскөтүн инфляцияны кытта саппай уопсан, дьон дохуота инфляциятааҕар тэтимнээхтик эбиллэр буоллаҕына. Холобур, ипотекаҕа 15-30 сылларга биир суумалаах кирэдьиит  бэриллэр, онуоха инфляциянан дохуот эбилиннэҕинэ, ипотека төлөбүрэ чэпчиир. Ону тэҥэ кыбартыыра сыаната биллэ эбиллэ турар.

Ол эрэн дохуот эбиллиитэ дойду үгүс олохтоохторугар туолбат ыра санаа эрэ буолар. Бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр уонна биэнсийэлээхтэргэ дохуоттарын судаарыстыба сыллата индексациялыыр, ол эрэн төһө харчы эбиллэрин бары билэбит. Сыллата ыытыллар индексация үрдүнэн нэһилиэнньэ дохуота 2014 сылтан намтыырга эрэ барарын сыыппаралар көрдөрөллөр.

Фрилансердары, ол аата бэйэлэригэр үлэлиир дьону уонна предпринимателлэри индексация таарыйбат. Кинилэр дохуоттара нэһилиэнньэ төһө атыылаһар кыахтааҕыттан быһаччы тутулуктанар.

Онон инфляция ипотека кирэдьиитин төлүүргэ көмө буолара саарбахтардаах. Сыана бас баттах баран аһылыкпытыгар улаханнык ороскуотурар буоллахпытына, ипотеканы төлүүр өссө ыарыан сөп диэн үп-харчы эйгэтин экспертэрэ суруйаллар.

 

Ол аата:

Ипотека – үчүгэй кирэдьиит эрээри, бэйэ кыаҕын сөпкө сыаналыахха наада.

Кирэдьииппит кыччаабат, ким да сотон кэбиспэт.

Билигин быыһык кэмҥэ улахан кыһалҕата суох кирэдьиити ылар наадата суох – инфляция хайдах да көмөлөспөт.

Харчыны сатаан тутта үөрэнии билигин хаһааҥҥытааҕар да наада буолла, үп-харчы аналитиктара нэһилиэнньэҕэ сүбэлиир суруйууларыттан саамай сүрүнүн сиидэлээн ыллахха, маннык:

Дохуоппутун хайдах гынан элбэтэри толкуйдуохха. Эбии хамнастанар суоллары тобулуохха.

Ороскуоппутун кыччатыахха.

Эбии кирэдьиит ылымыахха, иэспитин элбэтимиэххэ.

Харчыбытын туохха барыырбытын, ороскуоппутун ырытыахха уонна кыччатарга кыһаллыахха.

Сэрэххэ диэн уурунуулаах буолуохха.

Инвестициялыахха. Ол аата хамсаабат баайга-дуолга эрэ буолбакка, бэйэбитигэр инвестициялыахха – доруобуйабытыгар, үөрэхпитигэр, сайдыыга, тылы үөрэтиигэ о.д.а.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...