30.11.2024 | 12:00

Дьэҥкир муус «бриллианнар» болуоссаты киэргэттилэр

Дьэҥкир муус «бриллианнар» болуоссаты киэргэттилэр
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар»  кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир саамай сүрүн, киэҥ далааһыннаах тэрээһинэ – “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһуктар куонкурустара – быйыл сэтинньи 25-тэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыытыллар. Бу норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах куонкуруһу үөрүүлээхтик арыйыы дьоро түгэнэ сэтинньи 25 күнүгэр Орджоникидзе болуоссатыгар буолла. Быйылгы “Саха сирин бриллианнара” куонкуруска кыахтарын холоһо, маастарыстыбаларынан тургутуһа, Кытай, Монголия, Приморскай, Хабаровскай кыраайдар, Сахабыт сирин күүстээх хамаандалара муһуннулар.

Тэрээһин аһыллыытын үөрүүлээх чааһыгар кыттааччылар төрүт өбүгэлэрин таҥаһын кэтэн, ким дойдутун, регионун, улууһун былааҕын күөрэччи тутан, сэлэлии хаамыы буолла.

Турнир кыттыылаахтарын Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар хас даҕаны төгүллээх кыайыылаахтара, муус уонна кумах оҥоһукка аан дойду чөмпүйүөнэ, быйылгы куонкурус дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Целебровскай эҕэрдэлии көрүстүлэр, хамаандаларга ситиһиилэри баҕардылар.

Куонкуруһу арыйыы үөрүүлээх түгэнин кэннэ скульптордар аналлаах сирдэригэр тохтоон, тута блиц-турнирга уран оҥоһуктарын чочуйбутунан бардылар. Бу күн кыһыммыт тыйыс тымныы тыына уҕараан, салгына кытта сымнаан турбута кыттааччылары да, тэрийээччилэри да үөртэ.

Муус оҥоһукка блиц-турнир “Ийэ дойду, хорсун быһыы, албан аат тустарынан” диэн ааттанан, аны саас буолар Кыайыы 80 сылыгар туһуланна.

Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыга:

– “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээли Дьокуускай куорат эрэ олохтоохторо буолбакка, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ көһүтэр, Арассыыйаҕа да күүтэр буолуохтаахтар диэн эрэллээхпин. Билигин бу бэстибээли үгэс быһыытынан ыытыллар “Саха сирин бриллианнара” куонкуруһа суох хайдах да ылыммаккын. Кыттааччыларга бука барыларыгар махтанабыт, кинилэр мууһу кытта үлэлиир талба талааннарынан, сатабылларынан алыптаах, остуоруйа эйгэтин үөскэтэллэр. Бу куонкурус чэрчитинэн оҥоһуллубут композициялар бар дьону, Дьокуускай олохтоохторун, ыалдьыттары саас буолуор диэри үөрдэ туруохтара.

Блиц-турнирга быйыл 20 хамаанда кытынна. Уонна 202-с пааркаҕа баар “Северное сияние” пааркаҕа ахсынньы 1 күнүгэр диэри кыттааччылар муус оҥоһуктарын оҥоруохтара, ол кэннэ кыайыылаахтар ааттара биллиэҕэ.

Быйылгы куонкуруска 27 хамаанда баар. Ол курдук, Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтиттэн, Монголияттан уонна Арассыыйа араас субъектарыттан кэлэннэр хамаандалар көхтөөхтүк кытта сылдьаллар.

Мария Шардинова (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Анна Саввина (Дьокуускай):

– Биһиги хамаандабыт аата “Дьол тааһа” диэн. Дьокуускайдааҕы Л.А. Ким аатынан уруһуй оскуолатын преподавателлэрэ буолабыт. Бу куонкуруска сылын ахсын кыттабыт. Блиц-турнирга биһиги Аҕа Дойду сэриитин уордьанын оҥордубут уонна “Чтим и помним” диэн георгиевскай лиэнтэлээх.

Виктор Стручков (Нам) уонна Егор Захаров (Хаҥалас), “Боотурдар”:

– Блиц-турнирга оҥорбут скульптурабыт аата “Враг не пройдет диэн”. Үлэлииргэ олус үчүгэй сылаас күн турда.

Архип Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Геннадий Оллонов (Уус Алдан), “Омун” хамаанда:

– Быйыл Бороҕонтон сылдьар Геннадий Оллоновтыын саҥардыы бииргэ үлэлээн эрэбит. Бэйэм бу куонкуруска кыттыбытым син ыраатта, табаарыһым быйыл саҥа кыттар. Халлааммыт сылыйан биэрдэ. Урукку сылларга -50 тымныыга кытта үлэлээбиттээхпит. Сылааска мууска үлэлиир үчүгэй, муус арыый сымныыр, сыстара эҥин тупсар, көстүүтэ да ордук тупсаҕай буолар.

Бырааттыы Герасим уонна Дмитрий Максимовтар, Ньурба улууһа:

­– Бу “Саха сирин бриллианнара” куонкуруска кытта кэлэ сылдьабыт. Быйылгы блиц-турнир тиэмэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар ананна. Биһиги муус оҥоһукпут “Нет фашизму” диэн ааттаах, саха саллаатын оҥордубут.

Константин уонна Николай Колодезниковтар, Дьокуускай куорат:

– Хамаандабыт аата “Хот-Ай”, “хот” уонна “ай” диэнтэн. Оҥоһукпут аата “Мин эһэм – дьоруой” диэн. Манна кыыс эһэтин мэтээлин туһунан кэпсии турара көстөр. Композиция үөһээ өттүгэр холууптар бааллар. Эһэтэ Кыайыыны уһансыбытын көрдөрөллөр, ол өйдөбүлүн биэрэллэр.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар анаммыт блиц-турнирга оҥоһугу чочуйууга бэриллибит бириэмэ болдьохтоох кэмэ түмүктэнэн, болуоссат күн уотугар дьэҥкир таастыы күлүмүрдүүр муус оҥоһуктарынан номнуо киэркэйдэ.

Оттон 202-с микрооройуоҥҥа баар “Северное сияние” пааркаҕа хамаандалар муус уонна хаар оҥоһукка ахсынньы 1 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ. Онон бу күннэргэ олохтоохтор, ыалдьыттар тарбахтарыгар талааннаах уран уус дьон биир сиргэ, биир кэмҥэ түмсэн, айар-тутар, чочуйар биир бэлиэ түгэннэрин мүччү туппакка, илэ хараххытынан көрүөххүтүн сөп.

Санатар буоллахха, “Саха сирин бриллианнара” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус түмүгүн таһаарыы ахсынньы 1 күнүгэр “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” улахан бэстибээл сүрүн тэрээһинин кэмигэр “Триумф” спорт комплексыгар буолуо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....