21.02.2021 | 11:49

ДЦП-лаах оҕолорго Planty Go цифровой платформа үлэлиир

ДЦП-лаах оҕолорго Planty Go цифровой платформа үлэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“IT-паарка” уонна “Сколково” резиденнэрэ ДЦП-лаах оҕолорго «Planty Go» диэн ааттаах цифровой платформа оҥорбуттара. Бу бырайыак туох сыаллаах-соруктаах оҥоһуллубутун «Кинестетика» тэрилтэ дириэктэрэ  уонна  бырайыак ааптара Николай Сыромятников «Сайдыы аартыгар” кэпсиир.

НЕВРОЛОГ БЫРААС IT СУОЛУН АРЫЙАР

Мин өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №–дээх балыыһаҕа невролог бырааһынан үлэлиибин,  кыра эрдэхпиттэн видео-оонньуулары сөбүлүүбүн. Медицина институтун бүтэрбитим.

Оонньуу көмөтүнэн дьону эмтиэххэ сөп эбит диэн санаа кэлбитэ. Аан дойду үрдүнэн медицинаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ атын да эйгэлэргэ оонньууну туһаныы Sirius Games диэн ааттанар. Бу эйгэ сайдыылаах дойдуларга номнуо үгүс түмүктэри көрдөрөн турар. Холобур, Европаҕа, Америкаҕа киирбитэ ыраатта. Оттон Арассыыйаҕа кыра-кыра бырайыактарга олоҕуран, саҥардыы үөскээн эрэр.

Биһиги сүрдээх ыарахан ыарыһахтары эмтиибит. Инсуллаабыт дьону атахтарыгар туруорарга, урукку олохторугар төннөллөрүгэр сырабытын уурабыт.

Инсульт – биллэн турар, киһи этигэр-сиинигэр, сүһүөхтэригэр охсууну биэрэр ыарыы. Илии-атах хамсаабат буолар. Маҥнай бу оонньууну  инсууллаабыт дьоҥҥо анаан оҥорбутум. Тоҕо диэтэххэ, инсульт кэннэ биһиги ыарыһахтарбыт ЛФК-ны ааһаллар. Ол көмөтүнэн илиилэрэ-атахтара, эттэрэ-хааннара уһуктар.

Дьиҥинэн, инсууллаабыт дьоҥҥо сөп түбэһэр. Маҥнай 20-чэ киһиэхэ тургутуу оҥорторон туһалааҕын дуу, суоҕун дуу билбитим. Дьонум, кыра оҕо оонньуутугар майгынныыр диэн соччо сэҥээрбэтэхтэрэ. Дизайна, көстүүтэ, сүрүн дьоруой дьүһүнэ кыра оҕолорго барсар диэммит, ДЦП-лаах оҕолорго  көрдөрөргө санаммыппыт.

ОҔО ОРОН-ТЭЛЛЭХ КИҺИТЭ БУОЛУО СУОХТААХ

Бэлиэтээн эттэххэ, Арассыыйаҕа реабилитация дьэ сайдан эрэр. Чуолаан балыыһаларга таһыма үрдээбитэ көстөр. Онтон дьиэҕэ реабилитациялааһын олох сайдыбакка турар, бу Дьокуускай эрэ кыһалҕата буолбатах.

Балыыһаттан  эмтэнэн тахсыбыт киһи дьиэтигэр син биир бэйэтин көрүнүөхтээх, бэйэтин дьарыктыахтаах, сайыннарыахтаах. «Ыарыһах буоллум, орон-тэллэх иччитэ буолабын» диир сыыһа. Маннык көстүү, хомойуох иһин, олоххо баар. Ол иһин дьон бэйэтэ дьиэтигэр тахсан реабилитацияланарыгар аналлаах сыһыарыыны толкуйдаатым.

Цифровой платформа хас даҕаны компоненнаах. Бастакынан, мобильнай сыһыарыы. Иккиһинэн, смартфон хамсаабатын, илии иллэҥ буоллун диэн түөскэ кэтиллэр смартфону туттарар анал тэрил толкуйдаабыппыт. Сүрүн оонньуубут “облачнай” сервергэ баар.

СУДУРГУ ХАМСАНЫЫ ЫАРАХАННЫК БЭРИЛЛЭР

ДЦП – оҕо неврологиятыгар саамай тарҕаммыт хроническай ыарыы. Маннык диагнозтаах оҕолор куруук реабилитационнай процедураҕа наадыйаллар. Саха сиригэр 1000-тан тахса оҕо маннык диагнозтаах, Арассыыйаҕа быһа холоон – 100 тыһ. оҕо. Хомойуох иһин, статистика сыл аайы элбээн иһэр. Бу олохпут уларыйыытын, экология айгырааһынын, ас-таҥас, бородуукта хаачыстыбата мөлтөҕүн уонна куһаҕан дьаллык, ол эбэтэр арыгы, табах, наркотик сабыдыаллара буолаллар.

Николай, ДЦП-лаах оҕолор оонньууну хайдах ылыннылар?

Быраабылатын тута ылыммыттара уонна наһаа үөрбүттэрэ. Оҕо ийэтэ тэҥҥэ үөрбүтэ, астыммыта. Ол кэннэ оҕолору кытта үлэлииргэ табыгастаах эбит диэн түмүккэ кэлбиппит. Хайаан даҕаны ДЦП-лаахтарга эрэ диир сыыһа, сүһүөхтэрэ уйбат, эт-хаан өттүнэн сайдыбат оҕолорго эмиэ барсар. Холобура, хроническай неврологическай ыарыылаах, улахан оһол кэнниттэн, атаксия эбэтэр инсульт, координационнай кэһиилээх оҕолорго олус туһалаах.

БИҺИРЭБИЛЛЭЭХ ДЬОРУОЙ

Оонньуу туһунан кэпсии түс эрэ, мин көрбүппүнэн, сыһыарыы иһигэр  хас даҕаны оонньуу баар эбит.

Биһиги оҕону джойстик оҥоробут. Оҕо хайдах хамсанар да, сүрүн дьоруой ончу оннук хамсанар, хаамар. Оҕо илиитин уунар эбэтэр атаҕын өрө тэбэр буоллаҕына, Planty ону үтүктэр. Маныаха интэриниэт уонна смартфон эбэтэр көмпүүтэр наада.

Мобильнай оонньуу сүрүн дьоруойа – Planty (Плэнти) диэн ааттаах сэбирдэх. Оҕолор сүрүн дьоруойга араас хабааннаах тургутуулары ааһарга көмөлөһөллөр. Доруобай оҕо, биллэн турар, элэҥнэччи оҥоруоҕа, оттон ДЦП-лаах оҕоҕо бу уустук. Оонньооччулар иннилэрин-кэннилэрин диэки умса-тиэрэ түһэллэр, сүүрэллэр-көтөллөр. Эт-сиин төһө элбэхтэ умса-тиэрэ түспүтүн акселерометр смартфонунан ааҕар-суоттуур уонна сервергэ көрдөрөр. Оонньууларга сааһынан хааччах көрүллүбэт:

Бастакы оонньуу – Аптаах лабиринт. Аптаах гербарийдары хомуйаллар уонна уоттан куотуохтаахтар.

Иккис оонньуу – Ойуурга айан. Мэһэйдэри көрсөн сүүрүү. Ол эбэтэр оҕо илиитэ уонна атаҕа хамсыахтаах.

Үһүс оонньуу – Уодаһыннаах оонньуу. Ууга түспэккэ эрэ, үрэҕи туорааһын.

Төрдүс оонньуу – Ардахтаах фрукта. Мастан түһэр фрукталары хомуйаллар.

ДЦП-лаах оҕо куруук биир балаһыанньаҕа сытыа суохтаах. Кини куруук хамсана, этин-сиинин уһугуннара сылдьыахтаах, быһаччы эттэххэ, бастайааннай физическэй реабилитация наада. Күн аайы ЛФК-нан дьарыктаныахтаах, төрөппүт ону хонтуруоллуохтаах.  Биллэн турар, оҕо күн ахсын биир балаһыанньаҕа туран эрэ сэрээккэлээн интэриэһин сүтэриэн сөп. Оҕо өскөтөтүн сылайар эбэтэр ЛФК-нан дьарыктаныан баҕарбат түгэнигэр, бу оонньуунан кини бэйэтин эрчийиэн сөп. Оонньуу иккис үтүө өрүтэ диэн толкуйдатар хабааннаах. Эт-хаан хамсыырын таһынан, оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдар. Мэйии кэһиллиитин түмүгэр хаччахтаммыт хамсаныылары  чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөр. Ону таһынан оҕо чопчу хамсаныылары оҥороругар мотивацията өссө үрдүүр. Ситиһиилэнэн, доруобай оҕоттон уратыта суох курдук сананыахтаах.

Оҕо хараҕа буорту буолбат дуо, күҥҥэ төһө өр оонньотуохха сөбүй?

Оонньууга кыһыл уот, улахан тыас-уус, тэптэрии, күлүм гынар уоттар суохтар. Оҕолор, биллэн турар, чаҕылхайы эрэйэллэр, биһиги медицинскэй рекомендациялары тутуһабыт уонна туһанааччылар ирдэбиллэрин учуоттуубут.

Оҕолору нэдиэлэҕэ 3-4 күн дьарыктыахха сөп. Күннээҕи дьарыктара 30 мүнүүтэттэн аҕыйаҕа суох буолуохтаах. Оҕо сарсыарда 10 мүнүүтэ оонньуон сөп, күнүс, киэһэ эмиэ 10-лыы мүнүүтэ.

АРАССЫЫЙАҔА БИИР БАСТАКЫНАН АЙЫЛЛЫБЫТ

Маныаха майгынныыр ДЦП-лаах оҕолорго оонньуу баар эбит дуо?

Арассыыйа ырыынагын иһигэр маныаха майгынныыр оонньуу  суох. Аан дойду таһымыгар Австралияҕа, Америкаҕа, Канадаҕа майгынныыр бородуукталар бааллар. Сыалларын барыларын киэнэ бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар, ол эрээри оонньооһуна атын буолар. Кимиэхэ эрэ илии, кимиэхэ эрэ атах дьарыга. Киһи этин-сиинин барытын бииргэ хабар бородууктаны була иликпин.

Киһи ылла да, оонньуу айан тахсыбата чуолкай, хамаандаҕын билиһиннэр эрэ.

Хамаандаҕа биэс киһи үлэлиир. Сайдыы дириэктэрэ –  Евгений Самошкин. Бастыҥ программистар – Гаврил Аврамов, Кирилл Самошкин уонна Сергей Попов.

Пандемияҕа олорор кэмҥитигэр үлэҕит өссө таһаарыылаах буоллаҕа?

Оннук! Арассыыйа таһымыгар тахсаммыт элбэх төрөппүт биһиги сыһыарыыбытын билэр буолла. Сотору-сотору уларытыылары киллэрэбит, оонньуубут таһымын үрдэтэргэ дьулуһабыт. Когнитивнай уонна хамсаныылара кэһиллиилээх оҕолор төрөппүттэрэ сыһыарыы чахчы туһалааҕын бигэргэттилэр.

IT-индустрия сайдан, баҕар, сотору кэминэн олохпут атын таһымҥа тахсарыгар эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...